Курс валют
$
103.95
0.68
110.48
1.92
Курс валют
Курс валют
$
103.95
0.68
110.48
1.92
Меню
Поиск по сайту

“Племобъединение базатыгар совхоз “Якутский” тэрийиэҕиҥ!”, эбэтэр иллэҥ буолуу – болуоссакка тиэрдэр

12.02.2018 13:48 4
“Племобъединение базатыгар совхоз “Якутский” тэрийиэҕиҥ!”, эбэтэр иллэҥ буолуу – болуоссакка тиэрдэр

Сибээс сайдан туох баар куолуһуттар Бассаабы буллулар. Урут күн уота уһаатаҕына лааппы айаҕар мустан оҕонньоттор күнү-дьылы, оту-маһы, уруккуну-хойуккуну ырытыһар, ахтар-саныыр, куолулуур буолаллара. Билигин үйэ сайдан куолуһуттарбыт күргүөмүнэн төлөппүөҥҥэ көстүлэр.

Былыргы оҕонньоттор үксүлэрэ олохтоох, дьоһуннаах тыллаах-өстөөх, толкуйдаах буолаллара, ууну-хаары эрдээччи кураанах, куолуһуттар быдан аҕыйахтара. Аныгы кырдьаҕастары хааһахха сүгэ сылдьан сүбэлэттэрэр аны сорох-сорохторо кутталланнылар. Туохха-ханна уган биэриэхтэрэ биллибэт. Бу үөхсүүлэрэ, айдааннара, этиһиилэрэ, кими да тулуйан истибэттэрэ, дьэ накаас быһыы.  Сатахха, бэйэлэрэ холобур туттар курдук үлэлээбиттэрэ, туппуттара-айбыттара, оҕо-ыччат ииппиттэрэ буоллар сөп этэ. Ону сорохторо онтулара да суох. Сорох сорохторо үйэ-саас тухары ускул-тэскил, иһэн-аһаан, быралгы сылдьыбыт ааттаах айдааннаах дьон куолулаан, үөхсэн “эфири” толороллор. Били, луугу дьаабылыка диэн көрдөөн туран ылан сиир хадаар оҕо курдуктар. Иннибин биэрбэтэрбин эрэ ханнык дии-дии көстөн турар кырдьыгы мэлдьэһии, олуйсуу кытаанаҕа.

***

Сахалар наһаа иллэҥмит. Устар кыһыны быһа тугу гыныахпытый, урут көмүлүөк иннигэр үс түүннээх күнү быһа олоҥхо истэрбит, билигин күнүстэри-түүннэри Бассаапка олоробут. Халлаан сылыйдаҕына дьону-сэргэни көрө таарыйа, салгын сии пикеттии, миитиннии тахсыах этибит. Куоракка ханнааҕы лааппы айаҕар баран олоруоххунуй – бичтэр диэн аны мэлииссийэлэр тутуохтара. Болуоссакка баран туох эрэ туһугар миитиннээбит саныырга да астык. Туох эрэ суута буолара буоллар, баҕар, онно суулаһа сылдьан күммүтүн барыах этибит.  Кырдьык, көҥүл туһугар охсуһан, туруулаһан, хаһыытаан-ыһыытаан, үөхсэн, баарбытын биллэрэн аралдьыйыах этибит. Уонна тугу гынан санаабытын толоруохпутуй? Оҕолор улааттылар, бэйэлэрэ туспа дьон. Сиэн көрүөҕү аныгы үйэҕэ эдэр дьон биири-иккини таммалаттахтарына махтал. Хаһаайыстыбаҕа үлэлиэҕи – сүөһүбүтүн былыр эспиппит, тиэргэн хамыйыаҕы – таас дьиэҕэ симиллэн олоробут. Сэлэһиэҕи – ыалларбытын билбэппит. Ханна барыахпытый? Кимиэхэ наада буолуохпутуй? Хайдах кимиэхэ да наадата суох күн сиригэр икки атахтаах олоруон сөбүй?! Онон миитин, пикет диэн эргиччи барыстаах дьыала: дьиэ бөҕө буолбуттааҕар политическэй деятель буолбут быдан ордук буолбат дуо-а?

Эдэрдэр политикаҕа наадыйбаттар диибит, дойдуларын, оҕолорун иннин санаабаттар – ханна-ханна тиийиэх дьонуй… Дьиҥинэн ыллахха, кинилэр куолулуур, миитинниир, пикеттиир  сололоро да суох. Олох үөһүгэр сылдьаллар, кыахтаахтар, сэниэлээхтэр, биир тылынан – эдэрдэр, инникилэрэ киэҥ. Кинилэргэ салгын сииргэ плакат наадата суох. Массыынаҕа олордулар – тыаҕа таҕыстылар, билиэт ыллылар – соҕуруу көттүлэр. Оҕонньоттор, эмээхситтэр кэпсэтэр киһи көрдөөөн муҥнаналлар, оттон эдэрдэр күнү быһа үлэлэригэр дьону кытары алтыһан, төттөрү дьонтон куотан чуумпу сиргэ талаһаллар. Кырдьаҕас киһи кыаммат буолбутун, кэннэ уһаабытын, иннэ кылгаабытын саныыр, санаата оонньуур, муунтуйар, эдэриҥ кэмэ дэлэгэй, сырыыта-ыыра киэҥ, олоҕо күөстүү оргуйар. Онон саха киһитигэр иллэҥ буолуу – болуоссакка тиэрдэр.

Тыаҕа киһилии олорор, аныгы усулуобуйатын тэрийиэххэ наада – дьон куораттарга көспөтүн курдук. Кыһыннары-сайыннары иллэҥэ суох буолалларын курдук кэтэх сүөһүнү дэлэтиэххэ баара. Сүөһүгэ хам баттаппыт сордоох Бассаап эрэ, пикет эрэ… Куолулуу сырыттаҕына отун ким оттуур, маһын ким мастыыр, сүөһүтүн ким көрөр.

Билигин куорат сири булбут кырдьаҕастар аралдьыйар сирдэрэ Арчы дьиэтэ эрэ. Онтубут кыараҕаһа, өрөбүлгэ эрэ аһыллара муҥ. Арчы дьиэтин кэҥэтиэххэ, эбэтэр хас да сиргэ аһан ким тугу сөбүлүүрүнэн араас дьарыгы аһыахха баара. Оһуордаатыннар, маһынан кыстыннар, ыллаатыннар-туойдуннар, араас сиринэн гастроллаатыннар (култууралар үп оҕото көрүөхтэрэ этэ), быыстапка тэрийдиннэр – дьон иллэҥ кэмин киһилии тэрийиэххэ наада. Чуолаан КЫРДЬАҔАСТАРГА анаан. Аһара бэлиитик оҕонньоттору бэлиитикэ кулууптарыгар түмэн “Знание” обществоларга туттарыахха баара. Дьэ, Баһылай Тарааһабыс онно кэллиэгэлэринээн күннээтиннэр. Билигин ол обществобыт хамнастаах лектордара дьону иитиэх-үөрэтиэх оннугар бэйэ-бэйэлэрин кытары суттаһан тиниктэһэ сылдьаллар. Туохха нааданый?

***

Билигин тоҕус ыйдаах кыһыммыт тымныытыгар-хараҥатыгар бобуллан дьиэбит иһигэр олорон Бассаапка бириэмэбитин барыыбыт. Бэйэ-бэйэбитин күөртэһэн быыбарга “киирсэбит”. Сорох-сорохпут билэ-билэ төттөрү куолулуубут – олоҕу сытыырхатан биэрээри. Ыыстааһын-кырааһын буолунай. Хаһан да харахтаабатах, харахтыа да суох хандьытааттарбыт туһугар өлө-сүтэ бэйэ-бэйэбитин тырыта-тыытыһыы. Ол дьоммут биһиги туспутуттан саха ыала Уйбааннаах Маарыйа  арахсан эрэллэр диэн түһээн да, баттаппаттара буолуо. Хайаларын да таллахха ынах үүтэ хойдубат, от үүнүүтэ үрдээбэт ини.

Айаҕалыы сатаан биир киһи “эрэйэ суох Грудинины быһа Ил Дарханынан талыахха, племобъединение базатыгар совхоз “Якутский” имени Ойунского тэрийиэххэ уонна Грудинин биһиэхэ күөх хаймыылаах бүлүүһэ тастын” диэн этии киллэрдэ. Биир киһи онуоха үрдүк үөрэхтээх РГТУ аҥала выпускниктарын видеотын бырахта уонна “маннык үрдүк үөрэхтээхтэр Россияны салайаллар, ол иһин сайдыбаппыт” диэн кэммэнтээрийдээтэ.  Иккис киһи “Россияҕа маннык үөрэтэллэр” диэн аллараа сыҥаах буолла. Наар биһиги куһаҕаммытыгар ким эрэ атын киһи буруйдаах. Үөрэҕи ылымматахпар – учуутал, доруобуйабын көрүммэппэр – быраастар, сокуону кэстэхпинэ – мэлииссийэлэр, үлэни кыайбаппар, бэйэм миэстэбин кыайан булбаппар – глобальнайдык – Путин, локальнайдык – Бэрииһэп. “Өссө ыстаан биэриэхтээхтэр. Ону даҕаны ситэ илдьириппэтэхтэр диэн айдаарыахпыт – соруйан сэнээн, атаҕастаан саха норуотун харыаран өлөрөн сирбитин былдьаары” диэн.

Хаһан бэлэми кэтэһэн, бүлүүһэ кэлэрин күүтэн олорорбутун тохтоторбут буолла? Ким да, кимиэхэ да, тугу да бэлэми хаһан да, анньан-үтэн аҕалан, чөмчөччү кутан биэрбэт. Урут да, аны да. Киһи олоҕо бэйэтиттэн эрэ тутулуктаах. Ону тоҕо өйдөөбөппүт бэрдэй!

***

Бүөтүр АРЫЫЛААХАП,

ИА Yakutia24.

Обсуждение • 4

Добавить комментарий
  1. Мира

    Саамай сеп суруйуу!!!!

  2. Далбар

    👍🏻👍🏻👍🏻

  3. Маладьыас!

    Олох сепке этэр!

  4. огонньор сиэнэ.

    кырдьык куоратка тыаттан саха огонньотторо мустан таас дьиэ бехтере буолан олороллор. туох да туьа суох дьоно буоллулар. теттеру дойдуларыгар тахсан ыччаттарыгар оголоругар, нэьилиэк ологор дьаьагар куус- кеме, ей- санаа буолаллара буоллар теьелеех туьа буолуо этэй!

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»