Ойуун түүлэ
История хатыланар дииллэр. Улуу убайбыт Өксөкүлээх Өлөксөй “Ойуун түүлэ” поэматын бастакы варианын суруйбута 112 сыл ааста. Ол тухары киһи-аймах сигилитэ, иирсээн-ииригирии төрдө-төбөтө туохтан тахсара уларыйбыт дуо?
***
Аҕыс сардаҥалаах
Аламай маҥан күн
Алаарыйа тахсан эрдэҕинэ,
Аан дархан олоххо
Аҥныбыт-айгыстыбыт
Айыы-намыһын ойууна абаҕам,
Эҥинэ буолбут
Кулан аарык быарыктаах
Түөлбэ хаан дүҥүрүн
Үс төгүл охсон
Бүрдьүгүнэтэн баран,
Ыллаан ыҥсалыта,
Кутуран кулуһута,
Көрүүлэнэн лүһүгүрүү олордо…
“Бой-бой-бой!
Дом-дом-дом
Дом ини дом!
Бөлүүҥү түрбүөннээх
Түлэй-бараан
Түүн ийэбэр
Түүл түһээн түҥнэһиннэхпинэ,
Мин бэйэлээх
Албаспын алкынан,
Хомуһуммун хомунан,
Кубулҕаппын куудьунан –
Чуучугуруур туус тумус,
Чаачыгырыыр таас таҥалай,
Бүрүө харах,
Бүтэй мүлгүн,
Төгүрүк түрбүү кынат,
Атара кутурук,
Алтан сабарай,
Ала мондоҕой,
Тайбыыр дьаҕыл,
Сүҥкэн эрэли,
Хомпоруун хотой кыыл буоламмын, –
Күүстээхтик өрө көтөн күпсүйэн,
Салгынтан тайанан сабырыйан,
Чаҥ алтанныы чаҥырҕаан,
Киҥкиниир киэҥ халлаан
Килбиэннээх курбуутугар тахсан,
Кэдирги түһэн
Кэтэһэн олордум,
Ордоо-добун халлаан
Уордаах оһуутун дугуйданан
Одуулаан олордум,
Үрдүк күндүл халлаан
Үрүт мөҥүөнүн миинэн
Өҥөйөн олордум…
Орто курбуу-дьаҕыл дойдум
Муостаах-нуоҕайдаах бэргэһэ
Туһахтатын курдук буолан
Туналыйан-туйааран көһүннэ.
Сир ийэ-хатыны
Сиксик-сиксиктэринэн
Сидьэйэн-ситэн көрдүм,
Улуу муоралары
Улаҕа өттүлэринэн
Одуулаан урбачыттым,
Ааттаах араат байҕаллары
Анараа өттүлэринэн
Адыылаан анаардым…
Ол олорон оруоллуу
Олордохпуна, оҕолоор, –
Одун хаан оҥоһуута
Улаатан эрэр эбит,
Чыҥыс хаан ыйааҕа
Ыксатан эрэр эбит.
Күһэҥэ быата быстара,
Күн туллара күһэйбит.
Аҕыс иилээх-саҕалаах,
Атааннаах-мөҥүөннээх
Айгыр-силик
Аан ийэ дайдыбытыгар
Ат таппатынан
Айыы баҕадьы
Ааҥнаабыт эбит,
Оҕус таппатынан
Модун буруй
Буулаабыт эбит…
“Хайдахтан маннык
Хара дьайдаах тылы
Хааҕырҕаатыҥ” диэтэргит,
“Туохтан бу-курдук
Сордоох тылы
Онолуйдуҥ” диэтэргит –
Истиҥ эрэ, эрэстииттэр,
Сэргэҕэлээҥ эрэ, сэгэрдэр,
Толкуйдааҥ эрэ, тукаларыам!
Этээри этэбин,
Саҥараары саҥарабын,
Кэпсээри кэпсиибин…
Үрдүк халлаан үктэллээх,
Үүс-аас бэйэлээх
Үрүҥ Аар Тойон
Үрүҥ күнү үөскэтэригэр,
Аралы халлаан алаһалаах,
Аһыныылаах санаалаах
Айыы Тойон аҕабыт
Аан дайдыны айарыгар
Аата-ахсаана таайыллыбат,
Кэмэ-кэрдиитэ биллибэт,
Дьүүлэ-дьүһүнэ көстүбэт,
Тус-туһунан уҥуохтаах,
Эҥинэ-дьикти бэйэлээх,
Күндү-көйгө дьүһүннээх
Үөнү-көйүүрү,
Көтөрү-сүүрэри,
Тыынар-тыыннааҕы биистэрин ууһун
Элбэҕи даа тэрийдэ этэ,
Үгүһү даа үөскэттэ этэ,
Алыһы даа айда этэ…
Ону баара
Хор бу –
Иннинэн сирэйдээх,
Эргийэр иэччэхтээх,
Икки атахтаах,
Бокуйар тобуктаах,
Босхо бастаах
Бороҥ урааҥхай обургу,
Хара хапсык курдук,
Хасты хамыйда,
Кыдьык-кыыбаҕа курдук,
Кыйан туран кыдыйда,
Сидьиҥ өлүү көрдүк,
Ситэн туран сиэтэ…
Бэйэтэ буоллаҕына
Элбэх диэн иирээннээх мэйиилэннэ,
Үгүс үлүгэр үөдэннии өйдөннө,
Салаҥкый баҕадьы сахтыы санааланна.
Аан дайды таһаатыттан
Матарбакка адаҕыйда,
Орто дойду урсунуттан
Ордорбокко олохсуйда.
Муораны түгэҕинэн,
Муутака балык курдук,
Бургуйа сылдьар буолла.
Салгын устун,
Саһар абааһы курдук,
Сапсынар аалынан көтөн
Саатыыр саҥнанна.
Күндүл күөх халлаан
Күлүмүр-таллан өрөһөтүнэн,
Көстүбэт абааһы көрдүк,
Күлүгүрэс кынаттаах
Күтүр аалынан көтөн
Көччүйэр көрдөннө.
Этиҥ уотун
Этитиилээх тимиргэ
Иҥэрэн ылан,
“Элэктэриичэстибэ” диэн ааттаан,
Эгэлгэ албын элбэтиннэ.
Чаҕылҕан уотун
Саталаах тааһынан
Таттаран ылан
Талбыт курдук
Талыы аптанна.
Өлөртөн куотаары
Өлбөт мөҥү уутун[23]
Көрдөһөн мөккүстэ,
Симиэрткэ бэринимээри
Сир ийэ хатын
Илгэлээх симэһинин
Ситэн туран сиэтэ[24].
Олустук тутунна,
Салаҥнык сананна,
Сэттээхтик кэбилэннэ…
Үнэр таҥаратыгар өстөннө,
Айыҥат хаантан[25] араҕыста,
Аньыы баҕадьыны аргыстанна.
Бу туһуттан
Босхо бастаах
Бороҥ урааҥхайга
Үҥэр таҥарата өһүргэннэ,
Тойон таҥарата хоргутта
Айыы таҥарата абарда.
Абаран санаата:
«Үрдүк таҥараҥ үөскэппит
Үөнүн-көйүүрүн,
Үтүө-мөкү кыылын
Үлтү кыртыҥ,
Үтэ оҥоһуннуҥ,
Үөскээбэт оҥордуҥ.
Өйгүнэн буоллаҕына —
«Үрүҥ күн анныгар
Үтүөлэрэ мин» диэн
Үтүөмсүйэн үлүннүҥ,
Үгүс үөрэхтэнниҥ,
Үрдүктүк сананныҥ.
Үрүҥ күн үтүөтүн
Үлүмнэһэн туран
Үмүрү тардынныҥ,
Үксээн үөскүүргэр
Үлүһүйэн үөрдүҥ,
Үрүт өттүгэр баары[26]
Өйдүөбэт буоллуҥ…
Ол буоллаҕына —
Үөскүөҥ эрэ буоллар үөскээ.
Өрүһүлтэтэ суох
Үрүт-үрдүгэр
Үйэ аайы үөскүү тур, үксүү тур,
Үтүөҕүн көрүллүө», — диэн
Түстээн[27] көнчүө[28] бырахта.
Дьыраҥ[29] өлүүнэн дьылҕалаата,
Имэҥ[30] өлүүнэн илиннээтэ,
Содур[31] өлүүнэн суоллаата…
Ол даа иһин —
Соҕуруу диэки омуктар
Орто туруу дойду
Дьоллоох уйгу быйаҥар
Топпот-хаммат гына
Туолан-тунуйан хаалтар.
Кэтит Сибиир[32] ийэ
Кэскиллээх илгэтигэр
Иитиллибэт-тэриллибэт гына
Тэнийэн элбээн хаалтар.
Аан ийэ дайды
Алгыстаах аһыгар-таҥаһыгар
Астыммат-абыраммат гына
Алыс таһымнаан хаалтар…
Дом-дом-дом!..
Дом-ини-дом!..
Өйдөөххө дылыларын иһин,
Үлүгэр-алльахай төрдө
Үксүүртэн үөдүйэрин
Өйдүөбэккэ өлбүттэр.
Санаалаахха дылыларын иһин,
Алльахай-айдаан төрдө
Алыс элбииртэн айылларын
Адайбакка акаарытыйбыттар.
Төбөлөөххө дылыларын иһин,
Түбүк-түрүлүөгэ төрдө
Төрүөх үксүүрүттэн түмүктэнэрин
Төлкөлөөбөккө түөһэйбиттэр[33]…
Анараа ааспыт сахтарга,
Былыргы быралыйбыт дьылларга,
Уруку уларыйбыт хонуктарга
Кырыктаах омуктар
Кыра ыалларын
Кыама суох кырган,
Айхаллыы-айхаллыы Аан дайды
Айылгылаах олоҕуттан
Алаһалары алдьатан
Араартаан кээстэр.
Уруйдуу-уруйдуу
Орто дойду
Уйгулаах олоҕуттан
Уоттары омуруора
Уларыталаан кээстэр.
Күллэрэстии-күллэрэстии
Күн сирин
Көрдөөх олоҕуттан
Күллэри көтүтэн
Күөрэтэлээн кээстэр[34]…
Арай баара —
Олуона ыраах олохтоох
Оччугуй омук сордоохтору
Оҕус гынан көлүнээри
Ордорбута буолбутгар,
Алыс антах дайдылаах
Аччыгый омук аллаахтары
Ат гынан миинээри
Аһыммыта буолбуттар.
Кыраай диэки кыстыктаах
Кыракый айыы саҥнаахтары
Кытарахтаан аһаары[35]
Кырпатаҕа буолбуттар.
Маныаха барытыгар
Баҕалара ханымна,
Олохторо туксумна,
Кыһалҕалара кыаттарымна,
Аны баара —
Улахан омуктар
Улахаттарга утарылаһар
Толкуйу булуммуттар,
Ааттаах омуктар
Ааттаахтары кытта
Адьырыһар санааны
аҕалыммыттар,
Бэрт омуктар
Бэттэри кытта
Бэйэ-бэйэлэһэргэ
Бэккэ бэлэмнэммиттэр…
Ол иһин, ону уорбалаан,
Оһол уола
Оп Соллон,
Обот Мэнэгэй,
Уот Солуонньай обургу
Орто дойду уорҕатынан
Олус даҕаны
Оойноон эрэр.
Итини истэн-билэн,
Иирээн төрдө буолбут
Иирэр илбис кыыһа
Тиил-Тилинньэх,
Лабаа-Тохтунар,
Торҕо-Түүрэй
Куо-Кустуктай обургу
Бэркэ-бэркэ эрсэҥнээн,
Кэлэн-баран дьирбиитээн,
Сэттэ омук
Сэгээк ырыатын ыллаан,
Аҕыс омук
Айдаан саҥатын айааран,
Тоҕус омук
Ходьоох тойугун туойан
Аххан эрэр[36]…
Дом-дом-дом!..
Дом-ини-дом!..
Нуой, ноколоор[37],
Нуой, хотуктаар37!
Бу олорон
Истэ билгэлии,
Көрө бүдүүлүү,
Көрүү көрүүлэнэ
олордохпуна —
Илин итии муораны
Иһит иитин курдук
Эргийэ түһэ сытар
Эмиэрикэ сиригэр
Элбэхтэн элбэх
Эр сүрэхтээх,
Эпчиҥнээх иҥиирдээх,
Эгэлгэ мэйиилээх
Эр бэттэрэ
Бэркэ-бэркэ биһиги
Эрэститтэр диэки
Эргичитэн саныыллар,
Эргистээн көрөллөр,
Элиэтээн ааһаллар эбит ээ…
Онтон баара
Ордук томороон долгуннаах,
Оруһуоллаах уулаах
Охуоскай муора
Соҕуруу уһугун диэки
Одуулаан көрбүтүм —
Уу арыылара дойдулаах,
Олуона кирчим олохтоох,
Чоролуспут быһыылаах,
Чоруун бэйэлээх,
Дьоҕус унуохтаах,
Дьоҕурдаах идэлээх
Дьоппуон омук
Тоҕо эрэ, тоҕо эрэ,
Тоноллоон туран,
«Тоһоҕос дьокуут омук» дии-дии
Тонолуппакка тобулу
Одуулуур буоллаҕа үһү, доҕоттоор!..
Кылбаҕыр дьүһүннээх,
Кынтаҕыр быһыылаах,
Кыҥкынас саҥалаах,
Кыталык кыылым
Кыырай маҕан халлааны
Кырсынан кылбаарыйан,
Кыыдааннаах кыһын хатын
Кыдьыгыттан кыраҕыйан
Кыйданар сирин диэки
Кырбадаһыҥнаан көрбүтүм:
Кытаайыкы таҥастаах,
Кыргыммат астаах,
Кыракый атахтаах,
Кыараҕас харахтаах,
Кыама суох ахсааннаах Кытай омуктар,
Кымырдаҕас курдук Кыймалаһан туран,
Кыһын хатын
Кыыдаанныйар сирин диэки
Тоҕо эрэ, тоҕо эрэ,
Кыһанан-кыһыйан туран,
Кыраҕы үлүгэрдик
Кыҥыыр эбит буолтар,
Кытыан-билэ ыччаттаар[38].
Дом-дом-дом!..
Дом-ини-дом!..
Ити кэлин өттүттэн
Индиэйскэй байҕалы
Ийэтэх өттүнэн,
Хамалай хайаларын
Хаҥас өттүнэн,
Кыргыс сиригэр кыһаммакка,
Пиэрсийэ сиригэр иҥнибэккэ,
Туур дойдутугар тохтообокко,
Уруускай омук
Ураал хайатын
Уҥуоргу өттүнэн
Одуулаан олордум.
Ол олорон көрбүтүм:
Уһун уорҕалаах
Ороссуйа хотун
Уҥа өтгүгэр —
Хаспыыскай муора хадьааһыннаах,
Чуорунай муора ойоҕостоох,
Кырааһынай муора кытыылыктаах,
Сир билиитэ муора[39] сиксиктээх,
Атлантыычаскай байҕал бастыҥалаах,
Кыһын кыдьыгар кыһарыллыбатах,
Тымныы тыыныгар тыыттарбатах,
Күндүл-күлүмүр күнүстээх,
Көрдөөх-нардаах
Көҕөрөр күөх сайыннаах,
Сир киэнэ килбэйэр киинэ,
Матайар хаһата,
Дьуларыйар оройо
Дьоллоох-соргулаах
Дьобуруопа диэн
Тоҕус уон үйэ тохору туругурбут,
Аҕыс уон үйэ тохору аатырбыт,
Сэттэ уон үйэ тохору силигилээбит
Сир аххан баар эбит ини, сэгэрдээр.
Ол дойдуга Омук-омук
Одуруннаах дьорҕоотторо,
Ордук үөрэхтээхтэрэ
Олус үөскээн хаалан,
Олуона кыараҕастык
Олороллор эбит.
Ол иһин онно —
Олуйсар-моһуйсар одурууннааҕа,
Күөтэһэр-күрэстэһэр күчүмэҕэйэ,
Албастаһар-адьырыһар амырыыннааҕа
Кинилэргэ эбит…
Биһигинниктэр диэки
Кырыы харахтарынан кынчарыйбаттар[40],
Куойаларыгар -маҥкыларыгар
оҕустарбаттар40,
Түүллэригэр-биттэригэр
түбэһиннэрбэттэр40
Быһыылаах. Ол эрээри
Бултуур муораларын,
Буулуур омуктарын
Булуна сылдьар
Булууһут дьон эбит.
Адаҕыйар арыыларын,
Аҥала омуктарын
Алдьата сылдьар
Амырыын дьон эбит,
Сүндэ далайдарын,
Сүөһүлүүр омуктарын
Сүмэтин оборо сылдьар
Сүрдээх сүдү дьон эбит[41].
Ол Дьобуруопа дьоно…
Ити дайдыны
Аһара анаарбытым —
Атлантыычаскай байҕал
Ааттаах арыытыгар
Аан дайдыга
Аҥардастыы аатырбыт,
Албастаах санаалаах,
Ахса суох ааллаах
Ааҕылычаан омук
Аатаан-күөтээн олорор эбит.
Ол омук
Өйүнэн сүүйэн,
Тылынан кыайан,
Албаһынан хаайан,
Тэҥнээх омугу тэҥнээҕэр
Тилийэн биэрэн баран,
Тигилээн бөҕө
Тэриллибитин кэннэ,
Тиитин охтотторон
Тииҥин итигэстиир[42]
Идэлээх эбит,
Күүстээх омугу күүстээххэ
Көрүһүннэрэн баран,
Күөххэ көтөр көлдьүн эбит,
Адьырҕа омугу адьырҕаҕа
Анньан биэрэн баран,
Алдьахай таҕыстаҕына
Аһаах мастан
Астаан аһыыр[43]
Адьынаттаах эбит…
Бу Дьобуруопа хотун
Омуктарын ортотугар
Соҕотох омуктан
Хараҕым халтарыйда,
Куйахам күүрдэ,
Этим саласта.
Дьобуруопа хотун
Орой ньургунугар
Олохсуйан олорбут,
Өрөгөйдөөх үөһүгэр[44]
Үктэллэнэн үөскээбит
Талыы таһаатын
Таба тайахтаммыт
Талааннаах омук эбит.
Ол омук
Ордук омугу
Оҕо курдук толкуйдуур,
Ааттаах омугу
Атаҕын аннынан саныыр,
Күүстээх омугу
Күөнүн аннынан көрөр.
Үөрэх бөҕөнү үөдүппүт,
Собуот обургуну субуруппут,
Баабырыка баҕадьыны бачыгыраппыт.
Аан дайдыга адьырҕалара
Аҥардас мин диэн
Атыыр оҕустуу айаатаабыт[45],
Орто дойдуга буолуннара
Соҕотох мин диэн
Соноҕос атыырдыы дьохсооттообут45
Ордоо халлааҥҥа
Ураҕас быстыбыт[46],
Үтүгэн түгэҕэр
Нүҥсүүр быстыбыт46,
Отучча сылынан урут
Охсуһуу олоҕун оҥостуммут,
Бэт өр бириэмэттэн
Сэрии тэрилин бэлэмнэммит,
Сүлүһүннээх сүрэхтээх,
Өһөгөйдөөх өйдөөх,
Ньармаанньыйа саарстыбалаах
Дэбилгэннээх ньээмэс омук
диэн эбит аата.
Ол ньээмэс этэр эбит:
«Ааттаах омуктар
Алгыстаах саарстыбаларын
Атыйахтаах[47] кымыс курдук
Аймыы хаамарым буоллар,
Аан ийэ дайдыны
Аҥардастыы баһылыктыам этэ;
Одурууннаах омуктар
Дьоллоох олохторун
Тордуйалаах уу курдук
Тодо оймуурум буоллар,
Орто туруу дойдуга
Соҕотоҕун тойоргуом этэ;
Икки атахтаах бииһин ууһун
Иһиттээх ымдаан курдук
Иҥнэри кэһэрим буоллар,
Ийэ сири мин эрэ
Иилиэ-саҕалыа этим», —
диир аххан эбит…
Дом-дом-дом!..
Дом-ини-дом!..
Ол Дьобуруопа хотуҥҥа дьон
Үөн көрдүк үксээн,
Көйүк[48] көрдүк көйньөн
Туман курдук тунуйан,
Ийэ сирдэригэр
Иитиллибэт буолан,
Истэрэ сипсийэн
Этэ сытыыллар эбит:
«Эргэ бэрээдэги эһэн
Эҥин үчүгэйдэ
Тэрийиэҕиҥ», — диэн,
Олох дойдуларыгар
Олус туолан,
Оһоҕосторо хоргуйан
Олуһа сытыыллар эбит:
«Уруку олоҕу уларытан
Уйгулаах олохто
Оҥостуоҕуҥ», — диэн
Харыларын сиилэлэринэн
Хайтах даҕаны
Хайаҕастарын бүөлэммэккэ,
Хаайса сытыыллар эбит:
«Хара баттыгаһы хаалларан,
Хайҕаллаах дьаһалы
Хаҥатыаҕыҥ», — диэн.
Ону баара —
Үгүс үйэлэртэн ыла
Үктүү-баттыы үөрэммит
Үрүт дьүүл тутаахтара,
Үрүҥ харахтарын
Өрө көрдөрбөккө,
Өлөртүү тураллар эбит.
Кыддьадас үйэлэртэн ыла
Кыралар тылларыттан
Кыбыстыбакка үөрэммит
Кылаабынай тутаахтар
Кыргыталыы тураллар эбит.
Уруку сокуон олоҕор
Уойбут-топпут
Улаххан тутаахтар
Утары көрбүтү
Улуу оструоктарга
Угуталыы тураллар эбит.
Бу иһин —
Кистэлэҥ сүбэнэн
Кэмэ суох элбэх
Киксиилэр тэриллибиттэр,
Сири аннынан
Сэкириэтинэй сүбэлэр
Сэмэлэнэн эрэллэр,
Суут кулгааҕа истибэтинэн
Собуот-баабырыка аайы
Сурук-бичик суугунаан эрэр.
«Солобуода» дии-дии суудайаллар,
«Эрэбэлииссийэ» дии-дии иирэллэр[49],
«Эрэспиибиликэ» дии-дии
Эҕэрдэлииллэр эбит.
Ол туох-туох
Кус-хаас тойуга буолла —
Кэпсээннэрин истибэт
Буолан кэбэлийдим,
Саҥаларын сабаҕалаабат
Буолан сарбылынным,
Тойуктарын толкуйдаабат
Буолан тууйулуннум…
Хара норуот
Харахха анньа турар
Хараҥа баттатыылаах буолан
Хабырыһа сытыыр эбит,
Сырайга анньа турар
Сылтах тыллаах буолан
Сытыырхайа сытыыр эбит,
Көстөн турар
Күөмчүлэппиттээх буолан
Күүстээхтик күрэстэһэр эбит.
Ол тугуй диэтэргит, —
Толкуйдуу олоруҥ,
Туойан көрүүм.
Баһаам баайдар
Баабырыка дьаһалынан
Баһа суох дьон[50],
Бастыҥ сиилэлэрин
Баһыйан кэбиһэн
Баламат алдьахайы
арыйбыттар.
Сомсуулаах баайдар
Собуот күүһүнэн
Сорох норуот
Сототун сиилэтин
<tbody>
</tbody>
Ёг |
Солбонутан кэбиһэн
Сор-суол ойоҕостообуттар.
Халыан баайдар
Хаҥыл массыынанан
Хара норуот
Харытын сиилэтин
Хаайан кэбиһэн
Хараҥа өһү хаҥаппыттар.
Уот тыыннаах
Улаххан собуоттар
Уолан дьон
Уһун унуохтарын
Урусхаллыы тураллар эбит[51]
Ыстаал массыыналар
Ыччат дьону
Ыҥыстыталыы тураллар эбит51,
Тимир массыыналар
Тиһэх дьон киэнин
Тириилээх унуохтарын
Тиистэрин быыһынан
Тибиирэ тураллар эбит51.
Бу туһуттан —
Кымырдаҕас курдук
Кыймалаһан үөскээбит
Кыра норуот
Кытаанахтык кыыһыран,
Кырыктаах санааҕа
Кыттыһан эрэр эбит.
Хараамнаах бырдах курдук
Халыаннык хаҥаабыт
Хара норуот
Харса суох хабаран,
Хабараан санааҕа
Ханыылаһан эрэр эбит.
Үрүҥ түү курдук
Үрэллэн үөскээбит
Үлэ дьоно
Үлүгэрдик өһүргэнэн,
Үлтүрүтүһэр өйгө
Үһүйсэн[52] эрэллэр эбит.
Арах-арах!
Бу өһөгөйдөөх өс-саас
Тугунан эрэ туолуйар[53],
Ханныгынан эрэ хайыһар,
Киминэн эрэ сирэйдэнэр буолла?..
Сокуон-солобуода икки
Соргу былдьаһар күнүгэр
Сор-муҥ икки
Солбонутуо буоллаҕа.
Уруку олох-куолу
Уларыйар күнүгэр
Уһун сордоох сут
Улугурдуо буоллаҕа.
Өбүгэ саҕыттан үгэс
Үлтүрүйэр күнүгэр
Өлүү-үлүгэр бөҕө
Үтүрүйүө буоллаҕа…
Дом-дом-дом!..
Дом-ини-дом!..
Ити курдук истэ-билэ,
Ол курдук одуулуу-көрө олорон,
Устунан утуктаан бардым…
Ол олорон суоч-чоҕотохто
Соһуйан уһуктубутум, оҕолоор, —
Иирэр илбис кыыһа
Идэмэр Кустуктай обургу
Итир былытын миинэн,
Илин-арҕаа халлаан
Икки ардынан
Иэхэйдээн-чуохайдаан,
Иирэн-битийэн,
Этэ дьиэһийэн
Эрэр аххан эбит…
Оһол уола
Оп Соллон,
Обот Мэнэгэй,
Уот Солуонньай обургу
Уйусхах былытын олбохтонон
Соҕуруу халлаан
Ортотун туһунан
Уруй-айхал тойуктанан,
Уһуутаан-уйуһуйан,
Ордоотон онолуйан
Аххан эрэр эбит…
Итини кытта тэҥҥэ —
Мандардаах мастаах,
Оһуордаах оттоох,
Сибэкки симэхтээх
Сир ийэ хатын
Сэриилэһэртэн кэлэйэн,
Охсуһартан уордайан,
Айыы дьонун атаарҕаан,
Күн дьонун көмүскээн
Икки төгүл иҥиэттэн,
Үс төгүл түллэн,
Мөхсөн мөҥүөннэнэн
Оргулун[54] иһигэр
Орулаан лоһугуратан баран,
Очуос таас хайалар
Оройдорун тобулу
Ордоо халлааҥҥа диэри
Кутаа уотунан уһуутаата,
Күрүҥ кугас күлүнэн
Төлө сөтөллөн күүгүнэттэ…
Уһуутаабыт уота
Орто дойдуга төттөрү
Уот ардах буолан
Суодуйан тоҕунна.
Онтуката
Уот үрэхтэр буоланнар
Улахан улуу куораттары
Убаталаан аастылар.
Күрүҥ кугас
Күлэ буоллаҕына,
Күүстээх былыт буолан
Көтөн кэлэн
Күтүр үлүгэр
Күбүөрүнэ куораттары
Көмүтэлээн көттө[55]…
Дом-дом-дом!..
Дом-ини-дом!..
Ити кэлин өттүттэн
Элбэх-элбэх ыраахтааҕы
Сэриитэ эймэннэ,
Саарстыба-саарстыба
Саллаата айманна,
Норуот-норуот
Дьоно чуоҕуста.
Күтүр үрэх
Күрүлгэнин курдук
Күүстээх сэриилэр
Күөтэспитинэн бардылар.
Халлаан сулуһун курдук
Халын– хамаарда
Халыаннык хамнанна.
Муора балыгын курдук
Муҥура суох элбэх
Модун ааллар
Мустан мөҥүөрүстүлэр.
Сордоҥ балык курдук
Сор суол ойоҕостоох[56]
Умсар ааллар
Умсан сундулустулар.
Көмнөхтөөх харыйа курдук
Күөх дьай күөннээх
Көтөр аал күтүрдэр
Көтөн күлүгүрэстилэр.
Хонуу борубуостара,
Хоҥор хаастар
Хоҥкунаһан иһэллэрин курдук,
Холбооһуннана-холбооһуннана
Холугурастылар.
Ситини кытары тэҥҥэ
Динэмииттээх[57] тэргэттэр
Тииһигирэн туран
Тигинэстилэр.
Умса сылльааччы,
Уолумардык эстээччи
Уу миинэлэрэ
Улуу ааллары умсардылар.
Сэрэппэккэ эстэр,
Сир анныгар
Сирэлиһэ сытар
Сир миинэлэрэ
Сэрии бөҕөнү
Сиҥнэртээтилэр.
Сахтыы саҥнаах
Салгын ааллара
Саһан кэлэн
Илбистээх сэбинэн ииктээтилэр,
Алдьахайдаах дьаадранан саахтаатылар,
Аптаах сэбинэн аһайдаатылар.
Тимир суол тилигирээтэ,
Тэлигирээп тэһииргээтэ,
Тэлэпиэн тэбиэһирдэ,
Тэргэн саа тигинээтэ,
Үрэр саа[58] үлүһүйдэ,
Сүнньүөх буулдьа сүлүһүннүрдэ,
Кыырыктаах үҥүү кыдьыгырда,
Ыстаал ыстыык ыныгырда,
Хатан батыйа хааннырда,
Уһуктаах тимир унньугурда[59],
Биилээх тимир илбиһирдэ.
Криэпэс бөҕө иҥнэһиннэ,
Куорат бөҕө кураанахтанна,
Күбүөрүнэ бөҕө күл-көмөр буолла.
Киһи бөҕө кэбэхтэннэ,
Сэрии бөҕө сэймэктэннэ,
Хамаарда бөҕө хампарыйда.
Эҥинэ даа бэйэлээхтэр
Иҥнэһиннилэр,
Дьороҕоно даа сотолоохтор
Тоһуталаннылар,
Үтүө даа мөссүөннээхтэр
Үнтүрүйдүлэр.
Дьаамада баппат
Дьаргыл уҥуох
Дьаарыстанна,
Умуһахха баппат
Уһун уҥуох
Урусхалланна,
Ииҥҥэ баппат
Ийэ куҥ
Илдьирийдэ,
Көҕүс хаана
Көҥүс үрэх буолан
Көҥүтэ сынньан түстэ.
Элбэх бириэмэҕэ,
Өр күҥҥэ,
Уһун хонукка
Охсуһуу улаххана,
Өлөрсүү үлүгэрдээҕэ,
Кыргыһыы кытаанаҕа буолла.
Муҥ-сор
Муҥутуур улаххана,
Өлүү-үлүгэр
Сүрдээх дүбдүргэнэ,
Айдаан-алдьахай
Атыыр талыыта диэн
Ол аата буолла.
Көтөр кынаттаах күрэннэ,
Тыа кыыла тыаһырҕаата,
Далай балыга хадьырайда.
Үөһэттэн өҥөйөн көрдүлэр,
Алларааттан арыйан көрдүлэр.
Оһол уола уруйдаата,
Илбис кыыһа иэхэйдээтэ.
Кырыыс хаан кыттыста,
Өс-саас үксээтэ,
Хара санаа хаҥаата.
Огдообо олус олохтонно,
Тулаайах олус тунуйда,
Өлбүттээх олус үксээтэ…
Үрдүк сууттар
Үлэ дьонун
Үрүҥ көлөһүннэрин
Үмүрүтэн түммүт
Үлүскэн үптэрэ
Үрэллэн барда.
Хааһына сууттар
Хара норуот
Хара көлөһүннэрин
Хамыйан хаҥаппыт
Халыан харчылара
Хампарыйан барда.
Кылаабынай сууттар
Кыра норуот
Кытаанах көлөһүннэрин
Кыһарыйан ылбыт
Кыһыл көмүстэрэ
Кыччаан барда…
Баабырыкылар сабылланнар
Баһаан аймалҕан таҕыста,
Собуоттар суһулланнар
Соһумар олуур турда.
Атыы-тутуу аҕырамнаан,
Аата суох алдьахай арылынна,
Оойнуур-күлэр оннугар
Оһоҕос тоторо оччоото,
Көрүлүүр-нарылыыр оннугар
Көнньүнэн барар күһэйдэ,
Арыгылыыр-аһыыр оннугар
Аччык сылдьар ананна…
Арах-ара-а-ах!..
Кырадыйа-чадыйыкы-ыа!
Тоҕо эрэ бу
Куһаҕан буомнарым
Бобута тутар буоллахтара үһү.
Тоҕо эрэ бу
Кэдирги биттэрим
Иҥнэритэ тыытар буоллахтара үһү.
Тоҕо эрэ бу
Түҥнэри бүттэрим[60]
Түрүтэ тардар буоллахтара үһү…
Саарстыбалаах ыраахтааҕылар
Саймаарбыт сабыдыаллара
Сабыллыбыт санаалаах,
Саха айыы саҥнаах
Саргытын сыыһын
Саба таарыйан ааһыа
буоллаҕа дуу?
Улуу омуктар
Охсуспут соттуктара
Сор-суол ойоҕостоох
Дьокуут омук сордоох
Дьолун туомун
Тоҕо туолуйуо буоллаҕа дуу?
Сүдү омуктар
Сүргэспит сүлүһүннэрэ
Сүүттэриилээх өйдөөх
Сүтүк омук оҕотун
Сүрүн-кутун
Сүүдүтэн көтүө
буоллаҕа дуу?..
Дом-дом-дом!..
Дом-ини-дом!..
Бу сэрииттэн
Буоссалаах киһи
Букатын оппото дии санаабытым,
Онтукам буоллаҕына:
Икки атахтаах
Бииһин ууһа дьэ эбии
Элбээбиккэ дылы буолан,
Истэриттэн имэҥирэн,
Тастарыттан дьалынныран,
Кымыс хойуутун курдук
Кырылыы кыыйнан,
Үүт күгэнин курдук
Күрүлүү үллэн,
Дойду-дойду аайы
Дохсун үгүс норуот:
«Солун сокуону булан
Дьолбутун тупсарыаҕыҥ,
Атын дьаһалы арыйан
Саргыбытын салайыаҕыҥ,
Урукку куолуну уларытан
Уйгулаах олоҕу
Оҥостуоҕуҥ», — диэн
Ыраахтааҕы дьону
Ылаттаан кэбистилэр.
Тойот дьону
Туоратан кэбистилэр,
Баһылык дьону
Бастарын быстылар.
Баайдааҕы бахтаттылар,
Үптээҕи үрэйдилэр,
Харчылааҕы хампарыттылар.
Сокуону олохтуулларыгар,
Дьаһалы арыйалларыгар,
Кэскили тэрийэллэригэр
Уон киһи толкуйа
Уон аҥы уларыйда,
Сүүс киһи сүбэтэ
Сүүс аҥы үрэлиннэ,
Тыһыынча киһи тыла
Тыһыынча аҥы тырытынна[61].
Мантан сылтаан
Быраат быраатын кытта бысталаста,
Оҕо аҕатын кытта охсуста,
Кыыс ийэтин кытта кыһылласта.
Үтүмэн үгүс дьон
Үрүҥү таҥна-таҥна
Үлүгэрдээхтик өлөрүстүлэр,
Кыама суох дьон
Кыһылы таҥна-таҥна
Кыа хаанынан кыргыстылар,
Халыан элбэх дьон
Хараны таҥна-таҥна
Харса суох хааннастылар.
Омук-омук олоҕо
Ордук долгуйда,
Киһи-киһи кэскилэ
Кэмэ суох кэҕиннэ.
Ыал омуктар
Ымсыылара ыраатта,
Ойоҕос омуктар
Соллонноро олустаата:
Ким кимиэхэ киирсэрин
Киэбэ биллибэт буолла,
Ханнык ханныгы ханыылаһарын
Дьаабыта таайыллыбат буолла.
Бүгүн үрдүкү буолан үөрбүт
Сарсын саргыта самынна,
Сарсын саргыта сабырыйбыт
Өйүүн өлөн үнтүрүйдэ.
Быйыл былаас ылбыт
Эһиил эстэн истэ…
Дом-дом-дом!..
Дом-ини-дом!..
Халыҥ саарстыбалар
Хас эмэ аҥы хайыннылар,
Туйгун саарстыбалар
Тус-туһунан тоҕуннулар,
Ааттаах саарстыбалар
Аҥы-аҥы араҕыстылар.
Олохтоохпун диэн улуутуйбут
Оппут диэки өттүлэрэ
Ордук сорго оҕуттулар.
Баабырыка-собуот
Бараҕыллан хаалла,
Оҕуруот аһа олордор
Оннуттан уурайда,
Бурдук ыһар
Букатын уурайда:
Сиэмэлэрин сиэн кээстэр,
Аттарын амсыырдаан кээстэр,
Оҕустарын оһоҕоско уктубуттар.
Мантан —
Аан дайдыга анаарбатах
Ахсым алдьахай таҕыста,
Күн сиригэр көрбөтөх
Күүстээх үлүгэр төрүөтэ,
Икки атахтаах истибэтэх
Иирээннээх сут эргийдэ.
Онон холуйдахха,
Урукку улаххан сэриилэр
Оҕо оойнуута эбиттэр,
Ааспыт ааттаах сэриилэр
Аччыгый айдаан эбиттэр.
Ол уойбуттарын уйумна
Охсуһар эбиттэр,
Топпуттарын уйумна
Тоһугураһар эбиттэр.
Букатыннаах буҕа сор бу буулаата,
Хааттарыылаах хатан ыйаах бу хаайда.
Аһыыр ааныттан баранна,
Сиир сиик буолан симэлийдэ,
Үлсэнэр өрүү үүммэт буолла.
Күн сырдыгыттан күрэнэр
Күчүмэҕэйэ бэрдиттэн
Күүстээх диэки өттүлэрэ
Күн дьонун көмүллээтилэр;
Аан дайдыттан арахсар
Абытайа бэрдиттэн
Арыйда диэки өттүлэрэ
Айыы дьонун аһылыктаннылар;
Ийэ сиртэн тэлэһийэр
Илдьикэйэ бэрдиттэн,
Икки атахтаах этинэн
Иитиллэ сытаатылар…
Ахса биллибэт дьон
Амсыырдаһан бараннылар,
Үгүс күбүөрүнэ дьон
Үтэлэһэн бүттүлэр,
Отуттуу мөлүйүөн киһи
Оһоҕоско бустулар.
Хойукку өттүн холуйдахпына,
Кэннэки өттүн кэпсээтэхпинэ,
Анараа өттүн анаардахпына:
Баттыгаһы бараабыт
Бастыҥ баартыйа
Бассабыык барахсан
Барыларын баһылыктаан,
Эргэ кэскили
Эргийбэт гынан,
Уруку сокуону
Уһуктубат оҥорон,
Ордук уорун ууратан,
Олус омунун уҕарытынан,
Олохтоох толкуйун булунан,
Кэрэгэй үөрэҕин кэбиһэн,
Сытаммат тылын сыыйан,
Кэннинэн соҕус кэхтэн,
Олус уҥа диэки охтубакка,
Хабаана суох хаҥас диэки
халыйбакка,
Ортотунан соҕус оломноотоҕуна,
Үгүс киһи сүбэтин түмнэҕинэ,
Элбэх киһи эрэйин
сэрэйдэҕинэ,
Оччоҕо арай
Отучча сылынан
Олох тупсара дуу,
Сүүрбэччэ сылынан
Сүрүн көнөрө дуу,
Үйэ аҥарынан
Үчүгэй үөскүүрэ дуу…
Хааттарбакка харахтыахпын,
Хараҕым уотун
Хара дьай хаххалаан
Харгыстаабыт абатын!
Дом-дом-дом!..
Дом-ини-дом!
Бу долгун ортотуттан ыла
Кэлин тиһэҕин диэки
Дохсун үгүс дьон
Үөскээбит үтүө дойдуларыттан
үтүрүллэн,
Иитиллибит ийэ сирдэриттэн
тэлэһийэн,
Айыллыбыт аҕа дайдыларыттан
арахсан,
Салаҥ элбэх
Сай-күдүө дьон
Саха диэки салаллан,
Дьокуускай диэки туһулаан
Биһиги диэки бэрэһилиэннээн
эрэллэр…
Дьэ, ноколор,
Дьэ, хотуктар,
Тонолуйбат[62] улаххан оҥоруубут
Дьэ тосхойдо
Халбарыйбат хатан ыйаахпыт
Дьэ хаайда,
Мүлчүрүйбэт бүтүн төлкөбүт
Дьэ бүрүүкээтэ.
Кинилэр диэтэх дьон
Кэллэллэр эрэ —
Ыар тыыннарын,
Сүдү сүрдэрин,
Албас санааларын,
Үктэтиилээх өйдөрүн,
Биэскэлээх мэйиилэрин,
Угаайылаах толкуйдарын
Уйарбыт аата суох…
Киин сирдэрбитигэр
Кэлэн киэптиэхтэрэ,
Ааттаах алаастарбытыгар
Ардахтанан адаҕыйыахтара,
Улуу үрэхтэрбит
Устун олохсуйуохтара.
Өлбүгэ үллэстэр күҥҥэ
Үтүө үрэхтэртэн үтүрүллүөхпүт,
Үрүйэлэр төбөлөрүгэр үүрүллүөхпүт,
Ааттаах алаастартан арахсан
Атахтарыгар аналланыахпыт,
Сайдам сайылыктартан салыйан
Саҕаларыгар саһыахпыт.
Төрүөбүт төрүт буорбутугар
Төннүбэккэ төлкөлөнүөхпүт,
Үөскээбит өтөхпүтүгэр
Өннүбэккэ[63] үүрүллүөхпүт,
Кэлбит кэриэс сирбитигэр
Кэлбэккэ кэбэлийиэхпит.
Үрүҥ сүүрүкпүт тобоҕо
Үрүйэ баһыгар өлүтэлиэ,
Хара сүүрүкпүт хаҕа
Хара сыбарга хампарыйыа.
Баайбыт бараммытын,
Топпут тохтубутун кэннэ —
Ис иҥсэтэ иирдэн,
Оһоҕос обото олуйан,
Айах аһыыра албыннаан,
Кэлиэхситтэргэ киирэн биэриэхпит:
Бэттэрбитин нэктэл-кулут,
Хаадыаппытын хамныыр[64]-кулут,
Эдэрбитин эллигэн[65]-кулут
гыныахтара.
Адам дьахтар анахсыт,
Эдэр дьахтар эстэрээпэ,
Оҕо дьахтар оҕоһут буолуо.
Оҕонньор киһи
Оһох төрдүн олоччоҕо,
Куһаҕан эмээхсин
Кумалаан куолай буолуо.
Мантан антах
Оҕобут буомуруо,
Төрүөхпүт төннүө,
Ыччаппыт быстыа…
Оһохпут буруота суох,
Өтөхпүт төҥүргэһэ суох,
Суртпут кэриэһэ суох
Сүүс сыл иһигэр
Өтөхтүүн сүтүөхпүт,
Уоттуун умуллуохпут,
Ааттыын арахсыахпыт…
Оччоҕо арай
Хойууку үөрэхтээхтэр
Хоһоон гыныахтара,
Кэнэҕэски билээччилэр
Кэпсээн гыныахтара:
«Сайсары сыһыытыгар
Самныбыт санаалаах,
Саах балаҕаннаах
Саха диэн омук
Саһан олоотто үһү.
Дьокуускай уобласка
Дьокуут диэн
Дьох омук
Дьон буолан иһэн
Дьоҕуланан хаалта үһү», — диэн…
______________
Ааттаах омуктар
Араҕас майдаан аккыымаларыгар[66]
Анньан кээстэр эбит —
Оччугуйдаах улаххан омук
Ойоҕолоһон олохсуйдахтарына,
Оччугуйа сордоох
Омуллан хаалар баҕадьы диэн;
Үтүөлээх мөкү омук
Үтүрүһэн үөскээтэҕинэ,
Үтүөтүн тыынын уйбакка,
Үрүҥ күнтэн сүтэр
Үгэстээх буолар диэн;
Кырдьаҕастаах кыра омук
Кыттыһан олохсуйдаҕына,
Кыччыгыйа сордоох
Кыаттарар кырыыстаах буолар диэн.
Ол курдук
Олус элбэх
Оччугуй омук
Орто дойдуттан
Омуллубута үһү.
Баһаан элбэх омук
Баранан хаалта баар үһү.
Тыһыынчанан суол омук
Тыына тымныйбыта баар үһү.
Ала чуо биһиги
Араан тыа буолан
Арыыланан хааларбыт
биллибэт…
Чыҥыс хаан ыйааҕа
Ыксары буоллаҕа,
Одун хаан оҥоруута
Улахан буоллаҕа,
Таҥха хаан таҥхата
Таҥнары эбит буоллада…
Уо! Уһун сордоохтор!
Өспүт өйбүт туомун
Үс хос тимир курдуу-уобуруччу
Бобо тута сылдьар
Буомнаах бириэмэтигэр
Бу сордоох буомча
Буулаан-моһуоктаан
Бу айылаах оҥордоҕун!
Айыы саҥнаахтар
Сабыллыбыт санаабыт
сыыһын
Алта хос садаҕа моҕой хаайыы
Саба хаппахтаан сылдьан,
Саргыбыт сыыһын
Самнарбыт абатын даа…
Абатын даа…[67]
Дом-дом-дом!..
Дом-ини-дом!..
Дьэ, сэгэрдээр,
Хайа ол буолладына,
Орто туруу бараан дойду
Дьоллоох уйгуу быйаҥ олоҕуттан
Туораан хаалар
Хомолтото бэрт буолаарай?
Алгыстаах айыы далбар
Маанытыттан матан хаалар
Абата бэрт буолаарай?
Күн сирин
Көрдөөх күндү олоҕун
Көрбөккө өлүтэлээн хаалар
Күчүмэҕэйэ бэрт буолаарай?
Хайа —
Мантан быыһаныахха айылаах
Туох субэ-соргу баар буолаарай?
Бэйэм санаабын эттэхлинэ,
Миэнэ маннык:
Былыргы кырдьаҕастар —
Өлбүт өбүгэлэрбит,
Айбыт аҕаларбыт
Сүбэлиир, өйдөтөр буолаллара
Бу курдук диэн:
«Муҥ-сор буулууругар,
Эрэй-буруй эрийэригэр,
Кыһалҕа-кыдьык кыпчыйарыгар,
Өй-санаа түмүллэригэр
Таар муҥурга хааттарар
Уһук муҥ кэллэҕинэ —
Дьэ эбии
Өрө сэтэрэн,
Өргөс кылааны
Өрө үүннэрэн,
Хаҥыл сүрэҕи
Хабараансытан,
Хатан тимир халтарыйар
Хабараан санааны ылынан,
Ыстаал тимир сынтарыйар
Ыайыллаҕас санааны ылынан,
Арайбакка-чачайбакка,
Мөлтүөбэккэ-ахсаабакка,
«Бэккэ гыннар
Бэйэбит эрэ өлүөхпүт,
Наай гыннар
Аан дойдуттан арахсыахпыт»,
— диэн
Биири эрэ бигэтик саныыр буолуҥ,
Соҕотоду эрэ чопчу саныыр буолуҥ,
Тууратын эрэ тобулу саныыр буолуҥ»,—
дииллэрэ.
Манан буоллаҕына,
Мас курдук олорон хаалымыаҕыҥ —
Бараныахпытыгар диэри
Барсыспахтаан хаалыаҕыҥ,
Тобоҕолонуохпутугар диэри
Муҥнаспахтаан охтуоҕуҥ,
Бүтүөхпүтүгэр диэри
Мөккүспэхтээн өлүөҕүҥ…
Уруккута биһиги,
Бу даа буолларбыт,
Өбүгэлэрбит үйэлэриттэн ыла
Үтүрүллүбүппүт иннигэр,
Өлөн биэрбэт үөстээх
Үөдэттэр этибит.
Омоҕой баай оҕонньортон ыла
Сойуолаппыппыт иһин,
Охтон биэрбэт оҥоһуулаах
Омукчаан оҕото этибит.
Эр соҕотох
Эллэй Эһэбит саҕыттан ыла
Эккирэтиллибиппит иннигэр,
Эмсэҕэлээн биэрбэт
Эрэйдээхтэр этибит…
Биһигини —
Хабараан тымныы
Хаарыйан-хаарыйан
Хатан харахтаабыта,
Уордаах тымныы
Мускуйан-мускуйан
Уһаарыылаах уҥуохтаабыта.
Кыыдааннаах тымныы
Кыһарыйан-кыһарыйан
Быстыбат тыыннаабыта.
Ол буоллаҕына, —
Хоту муустаах муора хотун
Холугурас муус хоойнугар
Хорҕойо сытаммыт[68],
Аны биирдэ дьүһүк кубулунан,
Быста-быста салҕанан,
Тимирэ-тимирэ күөрэйэн,
Өлө-өлө тиллэн көрүөҕүҥ…
Көһөн иһээччилэри
Көһүтэ-көһүппүччэ,
Кэлэн иһээччилэри
Кэтэһэ-кэтэспиччэ,
Тустаан иһээччилэри
Тоһуйа-тоһуйбучча —
Кинилэр диэтэх дьон
Бэйэлэрин киэнин,
Үөмэн тиийбэт
Үрдүк сололоох,
Үгүс үтүөнү үөдүппүт,
Үс дойду өйүн үксэппит
Үтүө үөрэхпит диэн ааттыыр,
Сэттэ уон сэттэ
Дьиибэ дьибилгэттэрин,
Дьэс эмэгэт гынан
Испитигэр иҥэрэн
Ийэ куппутун[69] иитиэхтиэҕиҥ,
Аҕыс уон аҕыс
Араас албастарын
Алкыйан ылан,
Ап гынан
Салгын куппутун69 алыптыаҕыҥ.
Тоҕус уон тоҕус Кудай[70] кубулҕаттарын
Куудьуйан[71] ылан,
Буор куппутун69 буҕатытыаҕыҥ…
Итиччэлэргэ буоллаҕына,
Кинилэр диэтэх дьон
Кэлбиттэрин иһин,
Тиис тиискэ,
Муос муоска,
Туйах туйахха буоллаҕына,
Онтон анараа өттүгэр —
Айыҥат хаан анабыла,
Таҥха хаан таҥхата,
Дьылҕа хаан дьылҕата
Сиргэ түспүт кэскилбитин
Киминэн тэрийбитэ,
Окко түспүт оҥоруубутун
Тугунан олохтообута —
Ол билиэ этэ буоллаҕа дии,
ноколоор…
Дом-дом-дом!..
Дом-ини-дом!..
Тоҕус ордоо добун халлаан тойотторо,
Онолҕонноох тойукпутун
Умсары тускулаамаҥ даа!
Аҕыс сандаар маҕан халлаан аҕалара,
Ааттаһыылаах ньаныарбытын
Таҥнары таҥхалаамаҥ даа!
Сэттэ килбиэн-киҥхил халлаан кинээстэрэ,
Кэниэрдээх кэбириниибитин
Кэдирги кэскиллээмэҥ даа!
Тоноҕостоох бэйэм нусхайдым,
Бүлгүннээх бэйэм бүргүйдүм,
Сүһүөхтээх бэйэм сүгүрүйдүм.
Үс сырдык күлүккүтүгэр
Үгүрү-сүгүрүк буоллун…
___________________
Төлкөлөөх түөнэ маҕан түөрэх.
Очурга оҕустарар,
Тэхтиргэ тэптэрэр,
Түҥнэстэ түһэр буолаайаҥый! Тускуо!
***
А.Е.Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй,
Хачыкаат сирэ, 1910 с.
Айымньылаах эбии суруйуута: «Когда в 1910г. писалась мною эта песня, то предполагалось, что как всемирная война, так и русская революция разгорятся не ранее, чем через 20—25 лет. Великий голод и переселение в отдаленные окраины должны были случиться тотчас вслед за войной и революцией как естественные их последствия. Рассчитывая на такой сравнительно долгий срок, шаман советует единоплеменникам успеть за этот период времени усвоить русское «волшебство», т.е. культуру, чтобы стать равными с пришельцами в борьбе за существование. Он этим советом не пропагандирует антагонизма против ожидаемых пришельцев, как ошибочно могут понять плохо знающие якутский язык, а лишь указывает на возможное средство устранения вымирания своей народности посредством поднятия ее культурного развития.
Все, что касается до партийных распрей внутри России, написано после революции».
***
Источник – Бикитиэкэ
произведение . Как мог предвидеть Кулаковский мировые войны , миграции народов ? Глобальная миграция , перемещение огромных масс людей на более высокие широты еще предстоит .
Кулаковский не просто предвидел. А. Кулаковский читал много трудов европейской науки, философии, геополитики, военных теоретиков, социологов и многое другое. А откуда он все это доставал и читал? Начиная с середины 19 века в Якутии массово стали высылать на поселение представителей разных революционных движений и течений. Среди них было подавляющее большинство высокообразованных людей. Очень много представителей еврейского народа. Условия царской ссылки не были очень уж строгими.Ссыльные имели довольно много личного права. В том числе получать почту, посылки. Заказывать и получать разные книги по науке, истории, философии и. т. д. А большинство ссыльных были высоко интеллектуальными людьми и старались в ссылке заниматься повышением уровня самообразования, то и заказывали не развлекательные книги, а самые последние новинки трудов лучших умов Европы по разным направлениям. Так в Якутии на стыке 19 – 20 веков образовались очень хорошие книжные фонды по самым последним достижениям человеческой мысли. Эти книжные фонды ходили по рукам, распространялись в образованной среде тогдашней Якутии. В этом один из секретов того, что несмотря на очень мало численность первых образованных людей, интеллигенции среди якутов, качество и уровень образования, интеллекта среди них был исключительно высоким. Гений А. Кулаковского в том, что на основании полученных знаний он внутри себя произвёл громадную работу по их синтезу, анализу и сделал свои комплексные выводы по долгосрочным тенденциям развития человечества. Очень многое, можно сказать, почти все что указано и сказано А. Кулаковским в “Сне шамана” актуально именно сегодня, в начале 21 века. Удивительным образом А. Кулаковский все научные, политические, геополитические, технологические, социологические, филосовские мысли и достижения лучших умов человечества смог выразить, уложить в доступные для тогдашних безграмотных Саха слова и образы. Используя все богатство языка олонхо. “Сон шамана” А. Кулаковского действительно удивительная великая интеллектуальная работа.
, это написал гений . Не только анализ , но и природный дар провидения
Айка мээрилээмэн! Es bedeutet nichts!
Ойуун түүлүн кэм да өйдүү иликтэр. Өксөкүлээх Өлөксөй олох атыны этэн турар.
Тугу эппитий?