Оҕолорбут хотону “фуу” диэбэттэр…
“Саха сирэ” хаһыакка үлэлиир сылларбар “Хайдах олороҕут, тыа ыала?” диэн рубрикалаах этибит. Суруналыыстар элбэхтик улуустарынан, нэһилиэктэринэн сылдьан, тыа сирин олоҕун хайдах баарынан суруйарбытын билигин ахта саныыбын.
Парасковья Николаевна Тоҕоноохобону кытта кэпсэтэ олорон, ол бэртээхэй кэми санаатым. Көннөрү ааспыт кэми ахтан буолбакка, күн бүгүн саха ыала төрүт дьарыктан илиитин араарбакка, хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи иитэн олороруттан астынан. Аҕыс оҕолоох ыал ийэтэ биирдэ даҕаны олохпут ыарахан, көмө-тирэх суох диэн тылы быктарбата. “Үлэһит киһи тыаҕа үчүгэйдик олорор. Барыта бэйэҕиттэн тутулуктаах”,- диир кини.
– Парасковья Николаевна, дьиэ кэргэн өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиитигэр кыттан, тыа ыала диэн номинацияҕа үһүс миэстэҕэ тахсыбыккытынан эҕэрдэлиибин!
– Махтал. Биһиги үлэттэн атыны билбэт дьоммут, онон бу маннык араас күрэххэ кыттарбытын соччо сөбүлээбэппит, кулууппут сэбиэдиссэйэ үнтү хаайан, кыттан турабыт.
– Билигин кыстыкка киирэн, идэһэлэнэн олорор кэмҥит буоллаҕа дии. Төһө элбэх ынах-сүөһү хотоҥҥо киирдэ?
– Өссө даҕаны атыыр үөрэ кэлэ илик буолан, идэһэни барытын дьаһайа иликпит. Саха сиэринэн бачча диэн аахпакка эттэххэ, биэс уонча курдук хотоҥҥо турар, ону кытта сылгыны иитэбит. 2016 сыллаахха бааһынай хаһаайыстыба тэриммиппит. Үүт туттаран, эт атыылаан үптэнэбит. Ол гынан баран, аҥардас кэтэх хаһаайыстыбатынан олорбоппут. Кэргэним Василий Христофорович хачыгаар, мин маҕаһыыҥҥа атыыһыттыыбын. Онон хаһаайыстыба таһынан хамнастаах үлэлээхпит.
– Бачча бөдөҥ хаһаайыстыбаны бэйэҕит көрөн олороҕут дуу, үлэһиттээххит дуу?
– Бэйэбит. Оҕолор бары саба түһэн тэҥҥэ үлэлиир буолан абырыыллар. Аҕыс оҕоттон биир куоракка, иккис Новосибирскайга олорор, уоннааҕылар манна бааллар. Бэл диэтэр, кыраларбыт оҕо саадыгар барбаппыт, ол оннугар хотоҥҥо тахсан үлэлиэхпит диэн күллэрэллэр.
– Эһиги оҕолоргутун хайдах үлэҕэ сыһыарбыккытый?
– Ким билэр (күлэр). Биһиги наар үлэҕэ буоламмыт, кыраларыттан батыһа сылдьан, үөрэнэн хаалбыттара буолуо. Анаан иитэ-такайа олорбуппутун өйдөөбөппүн.
– Уолаттар саас-күһүн аҕаларын кытта бултууллара буолуо.
– Урут бултууллар этэ, билигин бултуур да, сир астыыр да иллэҥ суох. Наар сүөһү-сылгы көрүүтэ. Аҕабыт быыс буллар эрэ тутуутунан дьарыктанар. Улахан, саҥа хотон туппута. Билигин саҥа хотоҥҥо киирэммит, сынньалаҥ. Ону таһынан оҕолоро кыттыһан ийэлэригэр, эбээбитигэр Мария Прокопьевнаҕа дьиэ туппуттара. Эбээбит толору хааччыллыылаах дьиэҕэ олорон, абыранна.
– Оттон бэйэҕит дьиэҕитин хаһан туппуккутуй?
– Дьиэбит эргэрэн эрдэҕэ дии, 1998 сыллаахха туттан киирбиппит. Эмиэ итии-тымныы уулаах гына оҥостуохтаахпыт.
– Сайынын от үлэтиттэн ордубаккыт буолуо.
– Оннук. Ынахтарбыт биэрэр үптэринэн техника арааһын атыыласпыппыт. Быйыл саҥа “Белорусь” трактор, от охсору, рулон оҥорору ылбыппыт. Ону кытта биир эргэ МТЗ, Т-16 трактордаахпыт. Быйыл сайын аҕабытын кытта иккиэн ковидтаан хаалан, ыйы быһа балыыһаҕа сыппыппыт, онон оҕолорбут аймахтарын көмөтүнэн бэйэлэрэ оттообуттара.
– Маладьыастар эбит дии. Ынахтаргытын илиинэн ыыгыт дуу, аппаратынан дуу?
– Сайын ыам элбэҕэр, аппараты туттабыт, кыһын илиинэн.
– Сүөһүлээх-астаах тыа ыалын сарсыардата им хатыыта саҕаланар буолуохтаах…
– Сайын сарсыарда 5 чаастан күммүт саҕаланар буолла5ына кыһынын арыый да хойутуу – 6-6.30 чаастан.
– Эһиэхэ уоппуска диэн суох буоллаҕа дии. Атыттар курдук сайынын муораҕа эҥин барар кыаллыбата дуу?
– Биһиги муорабыт – ойуурбут (күлэр). Тыаҕа таҕыстахпытына сынньанабыт. Аҕабыт баҕа санаата диэн – ойуурга туттубут дьиэтигэр олоруу. Сылгыларын эрэ көрөн тыаҕа олоруон баҕарар.
– Тыа сиригэр оҕонньор-эмээхсин хаалан эрэр, эдэрдэр бары куоракка таластылар диэн баар. Ол эһиэхэ хайдаҕый?
– Сыл аайы биирдии-иккилии ыал сүөһүтүн эһэр. Холобурга биһиги ыалбыт сүөһүтүн эһэргэ күһэлиннэ. Оҕолоро бары улуус киинигэр бааллар. Ким даҕаны сүөһүгэ сыстыбата диэн аҕалара оҕонньор кэргэнэ барбытын кэннэ эстэ. Биллэн турар, сааһын тухары сүөһүлээх-астаах олорбут киһи онтон санаата түһэр.
– Оттон бу эһиэхэ ол оҕо саадыгар барбакка, хотоҥҥо хаалан үлэлиир санаалаах оҕолоргут кэлин хаһаайыстыбаны тутан хаалыахтара буоллаҕа дии.
– Ким билэр, хайдах буолан иһэр. Ол эрээри эрэниэхтээхпит буоллаҕа дии. Билиҥҥитэ хотону “фуу” – диэбэттэр.
– Эһиги өссө биир уратыгытынан саха ынаҕын итии буолар.
– Хас да сыллааҕыта саха оҕуһун сиэмэтинэн ынахпытын уулаабыппыт, онтон бэттэх саха боруодата үөскээн-тэнийэн турар. Кинилэр тымныыттан толлубаттар, тулуурдаахтар, ынахтар киһи көрүүтэ суох бэйэлэрэ төрүүллэр. Хотоҥҥо киирбитиҥ саҥа төрөөбүт ньирэйдэр хаама сылдьар буолаллар. Этин дьон олус минньигэс диэн хайҕыыр.
– Парасковья, эһиги дьиэҕитигэр ким хаһаайыный?
– Аҕабыт. Кини толкуйа олоххо киирэр, оттон мин оҕолорго тиэрдээччи, илии-атах буолан көмөлөһөөччү буолабын. Тыа сиригэр аҕа оруола олус улахан. Үлэһит аҕалаах ыал үчүгэйдик олороллор.
***
Бу курдук, бур-бур буруону унаарытан, ньир-бааччы олорор Ньурба Дьиикимдэтин биир мааны саха ыала. Айылҕа эргииринэн саха тыынын туппут, бүппэт тыыннаах бүтүн олоҕу үлэнэн уруйдуур Тоҕоноохоптор дьоллорун түөрэҕэ үйэлэргэ олоро туруохтун!
***
Айталина НИКИФОРОВА,
Aartyk.Ru
👍👍👍