Мэҥэ-Хаҥаласка Өлүөнэ Эбэ кытылын бөҕөргөтүү саҕаланар
Ааҕан көрүүнэн, 2009 сылтан 2013 сылга диэри Өлүөнэ Эбэбит Илин эҥэр кытылын 25 миэтэрэ иһирдьэ диэки суурайбыта биллэр. Ити сылга, ортотунан, 6 м буолар эбит. Кэлиҥҥи сылларга даҕаны, ити тэтимин «ыһыктыбатах». Сөҥүү, ол эбэтэр, ардах-хаар түһүүтэ элбээбитэ эмиэ улаханнык сабыдыаллаабыт. Өскөтө, инники сылларга уу үрдээбит таһымын туруута 30-40 күн эбит буоллаҕына, кэлиҥҥи сылларга 50-нуу күн турар буолбут.
Онон, улуус олоҕор-дьаһаҕар, экономиката салгыы сайдарыгар кытылы бөҕөргөтүү биир уталыйбат соругунан буолбута балачча ыраатта. Федеральнай тыраассаҕа өрүс чугаһаан иһииитэ, Аллараа Бэстээх бөһүөлэгин сириттэн-уотуттан «сиэсиһиитэ» (ол иһигэр, «Абалаах» санаторийы ыгыыта) улуус салалтатын төбөтүн ыарыыта буолар.
Ол гынан, ити кыһалҕаны быһаарыыга судаарыстыба өртүттэн хамсааһыннар тахсан эрэллэр. Россия Киин былааһын кытта итиннэ кэпсэтиилэр бараннар, үбү-харчыны көрүү боппуруоһа быһаарыллан, Аллараа Бэстээх туһаайыытынааҕы кытылы бөҕөргөтүү үлэлэрэ сыыйа саҕаланыы суолугар киирдилэр диэн өйдөнөр.
Бу күннэргэ улуус баһылыга Николай Старостин уонна баһылыгы олоҕу-дьаһаҕы хааччыйыы, сиргэ-уокка куттал суох буолуутун боппуруостарыгар солбуйааччы Александр Тарасов, СӨ Айылҕа харыстабылыгар миниистирэ Сахамин Афанасьев уонна миниистири уу боппуруостарыгар солбуйааччы Эдуард Пихтин, кытылы бөҕөргөтүү үлэтигэр сакаасчыт ‒ СӨ судаарыстыбаннай сакаасчытын сулууспата» судаарыстыбаннай хааһына тэрилтэтин генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Андрей Норин уонна гендириэктэри бырайыактааһын үлэлэригэр солбуйааччы Михаил Алексеев, үлэ бырайыагын оҥорор тэрилтэ ‒ «Спецводстрой» бырайыактыыр-тутар тэрилтэ хааччахтаммыт эппиэтинэстээх уопсастыба дириэктэрэ Валерий Семенов, Өлүөнэ бассыайынынааҕы уу управлениетын салайааччытын эбээһинэһин толорооччу Петр Аргунов, үлэни ыытар бэдэрээтчит ‒ «Кинг-95» ХЭУо генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Вачаган Варжапетян уонна үлэни быһаччы салайар (тутуу учаастагын начаалынньыга) Овик Мосоян сүбэ-мунньахтаатылар. Салайааччылар бастаан министиэристибэ «Күлүмнүүр» диэн улахан катерынан сылдьан кытыл оҥоһуллуохтаах учаастагын өрүс өртүттэн көрдүлэр. Ол кэнниттэн сүбэ-мунньах улуус дьаһалтатыгар буолла.
‒ Өр сыллаах туруорсуубут олоххо киирэр буолан, үлэ саҕаланан эрэриттэн үөрэбит, ‒ диир Николай Старостин. ‒ Графигынан үлэлэр баран иһиэхтэрэ диэн эрэнэбит. Быйыл кытылбыт 20-тэн тахса миэтэрэ барда. Федеральнай тыраассаҕа киллэрэр суолбутугар диэри 7-8 миэтэрэ эрэ хаалла. Кытылга олорбут, өрүс ыган дьиэлэриттэн тахсарга күһэллибит дьоммутун 6 кыбартыыралаах дьиэҕэ киллэртээн турабыт. Бэдэрээтчит «Кинг-95» тэрилтэ биһиэхэ бу иккис эбийиэгэ буолар. Ис дьыала отделын саҥа куорпуһун туппута.
Андрей Норин этэринэн, бөҕөргөтүү уопсай устата 2 км 685 м буолуохтаах. Өрүскэ бэйэтигэр 40-ча м киирэннэр 10-12 м дириҥнээх гына 6 атаҕы (шпораны) туруоруохтаахтар уонна кытылы хас да араҥа гына сиэккэлээн, таастаан, буордаах кууллардаан бөҕөргөтөллөр. Вачаган Варжапетян үлэтин бастатан туран ууга быһаччы суураллар туруору кытылыттан саҕалыырга этэр. Үлэ уопсай суумата, миниистир Сахамин Афанаьев чуолкайдыырынан, 350 мөл. солкуобайга тахсар. Өрөспүүбүлүкэ ити үп 11 бырыһыанын уксуохтаах. Үлэ 2020 сылга диэри түмүктэниэхтээх диэн былааннанар. Сүрүн үлэлэрэ 2018-2019 сылларга ыытыллыахтаахтар.
****
Аркадий ИННОКЕНТЬЕВ,
Пресс-служба Мегино-Кангаласского улуса.
Оставить комментарий