Иван ЯКОВЛЕВ: Дьокуускайы сахалыы тыынныахха!
Айан дьоно, кэлбит-барбыт ыалдьыттар национальнай республика киин куората тоҕо омуккут уратытын көрдөрбөтүй диэн сурастахтарына, киһи кыбыстан мух-мах буолар. Дьокуускай куорат архитектуратыгар, көстүүтүгэр сахалыы тыыны иҥэрии туһунан кэпсэтии 90-с сыллартан барар да, сыарҕа хоҥноро олус мөдөөн.
Соторутааҕыта эмиэ ити туһунан кэпсэтэ олордохпутуна, алҕас кэпсэтиибитин истибит туора киһи: “Хайа, доҕоттор, мин итиннэ бэлэм идиэйэлээх киһини билэбин!” – диэн кэпсэтиигэ кыттыһан барда. Онтон төлөппүөн нүөмэрин биэрэн баран: “Хайаан да билсиҥ”, – диир.
Билсиэхтээх киһибит хата куоракка кэлэ сылдьар эбит – Иван Федорович Яковлев, Кэбээйи улууһун 1-кы Лүүчүн нэһилиэгин баһылыга. Болдьоспут кэммитигэр көрсө тиийэн баран соһуйдум:
-Иван Федорович, саастаах киһини көрүөм диэбитим, олох да эдэр киһи эбиккин дии. Сааһыҥ хаһый?
-34.
– Нэһилиэк баһылыгынан хаһан талыллыбыккыный?
– Быйыл күһүн.
-Лүүчүттэр өбүгэлэрэ Мунньан Дархан уола Дуоҕа Боотур, сахаларга 12 хаттаҕастаах 9 халлаан туһунан тиэрдибит Улуу Айыы Ойууна буолбаат?
-Оннук, хаҥаластартан хаан тардыылаахпыт. Урут Орто Бүлүү улууһа этибит, кэлин Кэбээйигэ холбообуттара.
– Хаһааҥҥыттан Дьокуускай куоракка саха итэҕэлин мэҥэ бэлиэтэ –Сэргэлэри туруоруохха диэн санаа киирбитэй?
-Эрдэ куораппытыгар сылдьан көрөбүн ээ: араас итэҕэл дьиэтэ тутуллубут, бэлиэлэрэ ууруллубут, ааттара ааттаммыт… Хоту-соҕуруу, илин-арҕаа аартыктарга православнай тимир кириэстэр анньыллыбыттар… Оттон бу төрүт олохтоох норуот – бачча улахан сири-уоту үйэлэр тухары сылаас тыынынан иччилээбит, Куйаар ситимин курдат анаарар улуу дьоҕурдаах өбүгэлээх дьон, аҥаардас компьютер тылыгар киирбит 45 мөлүйүөн (!) барҕа баай тыллаах омук – итэҕэлин, сиэрин-туомун, үгэһин көрдөрөр дьиэбит-уоппут, мэҥэ бэлиэлэрбит тоҕо суохтарый диэн. Ханна эрэ быыкаай кытыы сиргэ баҕалааҕы батарарыттан ааспыт Арчы дьиэлээхпит. Уонна?..
Онтон эмискэ баҕайы (ити 2012 сыллаахха): саха төрүт итэҕэлинэн – Сэргэ буолар, онон Үс сиргэ Үс куту көрдөрөр Үс сэргэни анньан – Дьокуускайга биһиги, сахалар, баарбытын туоһулуох тустаахпыт диир санаа киирбитэ. Сахабыт төрүт култууратын, итэҕэлин норуокка көрдөрүөххэ, дьоҥҥо таһаарыахха диэн.
Сэргэ – көннөрү сылгыны аҕалан баайар баҕана буолбатах. Оннук аналлааҕа буоллар, өбүгэлэрбит, судургутук мас аҕалан туруору анньыахтара эбитэ буолуо. Сэргэ – харысхал, көмүскэл, араҥаччы, арчы бэлиэтэ. Айыылары кытары ситимниир утах, төрдү-ууһу араҥаччылыыр аналлаах. Күүскэр күүс эбэр, тыыҥҥар тыын биэрэр, куккун-сүргүн күүһүрдэр ытык суолталаах.
Хараҕынан көрөр – дьайыыта күүстээх. Онон саха дьоно харахтарынан көрөн, тутан-хабан бардахтарына, итэҕэллэригэр төннүөхтэрэ этэ. Биһиги билигин итэҕэлбитин бэйэбит испитигэр эрэ илдьэ сылдьабыт: аал уоппутун аһатабыт, Байанайга сүгүрүйэбит, Эбэ иччитигэр бэлэх уурабыт. Оттон дириҥник эҥсэн итэҕэл өйдөбүлүн ыларга – Мэҥэ Сэргэ аартыгы аһыаҕа, онон аартыктар түмсүүлэригэр (кольцевойдарга) туруортуохха наада эбит.
-Ноо, кырдьык даҕаны…
-Дьоҥҥо этэ сатаабытым да улаханнык ким да өйдөөбөтөҕө. Бэйэм даҕаны мэнээк боростуой киһи буоллаҕым, кимиэхэ тахсыахпын билбэппин-көрбөппүн даҕаны. Аны ол санаам олох арахпат, аала турар, аала турар, этэ турар, этэ турар. Ол дьоҥҥо киирэ сатыыбын, бу дьоҥҥо сыҥаланабын проект оҥоруохха диибин… Киһи барыта харчы-харчы… элбэх харчы көрдүүллэр. Бэйэм бэйэбэр үлэлии сатыы сылдьар киһи кинилэр көрдүүр суумаларын булар кыаҕым суох. Кэмэ кэлэ илик эбит диэн тохтоон хаалбытым.
Онтон 2014 сыллаахха Алгыс Уйбааҥҥа Арчы дьиэтигэр барабын. Кини Вильям Яковлев нүөмэрин биэрэр. “Учуонай баар, кинини кытары кэпсэт”, – диэн.
Вильям Федоровичтыын Саха театрыгар көрүстүбүт. Сүрдээх болҕомтолоохтук истибитэ. Өссө мин дойдубар киирэр аартыкка эмиэ бэлиэ туруортарыахпын баҕарарбын эппитим. Дойдум аатын, төрүтүн туһунан кинигэлэри булан, библиотекалары хасыһан барытын үөрэтэ сылдьарым.
Вильям Федорович: “Мэ, кинигэлэрбин аах”, – диэн кинигэлэрин бэлэхтээбитэ уонна ыйытыылаах буоллаххына кэлэ сылдьаар диэбитэ.
Онтон 2018 сыллаахха эмиэ ол санаам сордоон барар. Ол кэмҥэ болдьообут курдук Максим Дурановы кытары билсэбин, кини ылынар уонна Вася диэн доҕорум буолан үһүөн саха итэҕэлин туһугар үлэлиир дьону кэрийэн барабыт. Куорат сүрүн архитекторыгар Семен Сергеевка тиийэ сылдьыбыппыт. “Оо, хата мин итинник идиэйэлээх дьону күүппүтүм”, – диэн үөрэ көрсүбүтэ.
Онтон барыларын хомуйан Арчы дьиэтигэр улахан мунньах оҥорбуппут. Онно мин хара маҥнайгыттан барыбыт идиэйэбит буолуохтаах, онон эһиги туох санаалааххытый, идиэйэлээххитий, сүбэлэһэн туруорсуохха диэн эппитим. Дьонум күөдьүйэн турбуттара: “Улахан сир ылыахха, онно саха итэҕэлин дьиэтин оҥоруохха!”. Мин буоллаҕына, чэ ити улахан дьыала, сэргэлэрбин кэлин да туруорсуом дии санаабытым.
-Онтон?
-Онтон пандемия, СВО…
-Сэргэлэриҥ быһыытын-таһаатын, ханна туруохтаахтарын чопчу билэҕин?
-Үс сиргэ. Бастакы ытык сэргэ – Бүлүүлүүр аартык айаҕар суол түмсүүтүгэр (Йо-хо-хо маҕаһыын аттыгар). Дьөһөгөй Айыыга ананан сылгы төбөлөөх буолуохтаах. Тоҕо диэтэххэ, сахалар олохсуйа, тэнийэ айаннаабыт саамай уһун аар аартыктара саҕаланар сирэ – Бүтэй Бүлүү, Сыа Бүлүү диэки. Оһуора-мандара – Буор кут бэлиэлээх буолуохтаах.
Иккис – Хаҥалас аартыга, уурунуу суруктаах очуостарга ыйар суол түмсүүтүгэр – Чернышевскай -Покровскай тракт. Онно Хотой Айыыга ананан, Өксөкү кыыллаах сэргэ. Салгын кут – духуобунас бэлиэтэ буолуохтаах. Оһуорун көрөҕүн – үҥүүлээх оһуор – көмүскэл бэлиэтэ уонна баай-далбар ойуута (кумааҕыга уруһуйдаабытын көрдөрөр – аапт.).
Үһүс сэргэ – пуортуур суол түмсүүтүгэр (Столичка), куоракка киирэр суол айаҕар, ыалдьыттары көрсөр аналлаах, ханнык сиргэ, кимнээх олороллорун туоһулуохтаах. Чороонноох. Ортотугар Ийэ сири көрдөрөр төгүрүк буолуохтаах. Ийэ куту көрдөрөр оһуор анньыллыахтаах.
Үс кут бэлиэтиттэн саҕалаан кэлбит ыалдьыттарга, айанньыттарга дьэ, бэйэбит култуурабытын билиһиннэрэн кэпсээн киириэхтээхпит. Ситимнээн, сиэттэрэн. Билигин материальнай эйгэ күүһүрэн турар кэмигэр саха итэҕэлин тутан-хабан, хараххынан илэ көрөр бэлиэбит суох. Өбүгэлэрбит Ийэ айылҕаны кытары күннэтэ алтыһа сылдьар дьон салгын куттара -духуобунай күүстэрэ, билиилэрэ-көрүүлэрэ күүстээх этэ буоллаҕа. Оттон билигин, ордук куоракка олорор дьон, ыччат, оҕо – саха итэҕэлэ баарын туоһутун материальнай эйгэҕэ эмиэ хараҕынан илэ көрүөн, илиитинэн тутуон-хабыан наада. Атын итэҕэллэр дьиэлэрэ-уоттара, маллара-саллара хара баһаам, биһиэнэ салгыҥҥа сылдьан суураллар кутталланна, сүттэ да диэхпин баҕарабын. Ол иһин аныгы кэм ирдэбилинэн, итини барытын материальнай эйгэҕэ эмиэ хараҕалаан хаалларыахха, туруоруохха, дьоҥҥо күннэтэ санатыахха наада. Уонна Айыылар ситимнэрин быһымыахха, Орто дойду иччилэрэ айыы аймаҕын көмүскүү, араҥаччылыы, сүрүн бөҕөргөтө сылдьалларын курдук сэргэлэрбитин туох баар сиэри-туому тутуһан, иччилээн туруоруох тустаахпыт.
Итэҕэллээх, духуобунастаах омук кэскиллээҕин, бэл, бу соторутааҕыта дойду салалтата кытары өйдөөтө буолбаат? Путин ыйааҕа таҕыста дии, үгэһирбит сиэри-туому, духуобунаһы судаарыстыба таһымыгар өйүөххэ диэн.
-Ити сэргэлэр туруоруохтаах миэстэлэрин эттиҥ дии. Оруобуна тэҥ үс муннук тахсар эбит.
-Аан дойдуну мэҥэ бэлиэ салайар (Миром правят знаки и символы) диэн Конфуций эппитэ. Ити үс сир үс муннугу таһаарар – харысхал бэлиэтэ. Федеральнай сокуон быһыытынан, 40 сыл кэнниттэн памятниктар култуура нэһилиэстибэтин быһыытынан харыстанар объекка киириэхтэрин сөп. Аны 100-200 сылынан туох буолуо биллибэт, баҕар, Дьокуускайга диэри хаһан кэлиэхтэрэ, эбэтэр суол ыытыахтара. Оччотугар бу мэҥэ бэлиэлэрбит көмүскэл оруолун эмиэ толоруохтара. Билигин сэбиэскэй кэминээҕи идеология памятниктара “култуура нэһилиэстибэтэ” буолан тураллар. 418 объектан дьиҥнээх саха итэҕэлин, философиятын памятнига түөрт эрэ баар: икки сэргэ уонна икки түһүлгэ. Саха судаарыстыбаннаһын 100 сылыгар норуот төрүт култууратын, итэҕэлин өйдөбүнньүктэрин тутар оннугар Ленин памятнигын өрөмүөннээһин хайдах эрэ буолбатах дуо?
-Төһө да толуу мастан суор, ыраахтан киһи хараҕар быраҕыллар сэргэ буолуо дуо?
-Алтан – биһиги сахалар тимирбит. Алтанынан таптайан, киэркэтэн туруоруохха наада. Аскетичнай эрээри дьиҥ дьайыылаах, бастааҥы аналын толорор сэргэ буолуохтаах.
-Дьокуускай куоракка хас кольцевой суол баарый?
-Биһиги ааҕарбытынан тоҕус. Итиннэ барытыгар сахалыы итэҕэл бэлиэлэрин туруорарбыт эбитэ буоллар, олус да норуоппутугар үтүөнү оҥоруох этибит!
-Ону ким оҥоруон, туруоруон сөбүй?
– Казань куораты ылан көрүөҕүҥ. Татаардар Казань 1000 сааһын бэлиэтииллэригэр “Парк тысячилетия” диэн 5 га сиргэ парка оҥорбуттара. Ол садыгар аан дойдуттан бэрэстэбиитэллэр кэлэн бэйэлэрин мастарын олордубуттара. Бэл, дьоппуоннар сакураларын аҕалбыттара.
Ону таһынан, биир итэҕэллээх омуктара ким сынньанар парка, фонтан о.д.а. тутан бэлэхтээбиттэр. Көрөҕүт, итэҕэл түмэр күүһүн? Сахаларга ким кэлэн тугу тутан бириэй? Оччотугар биһиги 34 улуустарбыт бары кыттыһан, республикабыт киинигэр итэҕэлбитигэр сыһыаннаах мэҥэ бэлэҕи туппаппыт дуо? Арҕаа, Илин хаҥаластар – Хотой Айыы сэргэтин, ньурбалар, сунтаардар, орто, үөһээ бүлүүлэр, бүлүүлэр – Дьөһөгөй Айыы сэргэтин. Медцентрга барар суол түмсүүтүгэр сиэдэрэй Аал Луук Маһы байаҕантайдар, боотур уустар туттуннар. Хоту улуустарбыт, холобур, хомуһу – киһи туругун Куйаар вибрациятын кытары ситимниир бэлиэни оҥордуннар. Бары түмсэн үллэстэн, кыттыһан саха итэҕэлэ сөргүйэригэр бэйэбит кылааппытын киллэриэххэйиҥ ээ, доҕоттор. Мин саныахпар саха норуота үөрүүнэн ити хамсааһыны ылыныаҕа.
Аны ити “Емеян” диэн кинотеатр таһыгар Саха Боотуругар, Эр киһитигэр аналлаах 11 уус кутан, таптайан оҥорбут олус күүстээх энергетикалаах памятнига турар. Куорат кытыытыгар. Маны көстүүлээх сиргэ, үрдук үрдэлгэ туруорар тоҕо сатамматый? Холобур, Пирогова-Кальвица-Халтурина түмсэр сиригэр?
– Тоҕо чуолаан Дьокуускайга Мэҥэ Сэргэлэр туруохтаахтарый дии саныыгын?
– Дьокуускай – Саха сирин тэбэр сүрэҕэ, сүрэхтэн тыргыллан, тэнийэн, эрэһэ долгун курдук кэҥээн, төрүт итэҕэлбит тэнийэн барыахтаах.
Онон, улуустарбыт дьонугар-сэргэтигэр, Аҕа баһылыктарыгар туһаайан этии киллэрэбин: Итэҕэл эрэ норуоту түмэр кыахтаах. Төрүт итэҕэлбит сөргүйэрин, тэнийэрин туһугар сахалар бары ылсыаххайыҥ, үтүө үгэспит тилиннэҕинэ эрэ омук быһыытынан тыыннаах хаалыахпыт, кэнчээри ыччаппыт өлбөт-сүппэт үөстэниэҕэ!
***
Кэпсэттэ Туйаара НУТЧИНА,
Aartyk.Ru, “Кыым”.
ҮС КУТ ҮС ДОЙДУ ТОҔУС ХАЛЛААН БААРЫН БИЛБИТ ҮТҮӨ МААНЫ ӨБҮГЭЛЭРБИТ ДЬИҤ ЧИҤ ИТЭҔЭЛЛЭРИН КҮҤҤЭ СҮГҮРҮЙҮҮНҮ ТӨНҮННЭРДЭХПИТИНЭ ЭРЭ ОРТО ДОЙДУ ОЛОҔО ИЛИН ЧӨЛҮН БУЛУОҔА )))
БААР БАРЫ ))) БИИРГЭ )))
САРЫН САРЫҤҤА ))) КҮҮСКЭ )))
КҮ АЙЫҺАР ))) ӨЙӨӨ )))
Сөпкө этэҕин, кэмэ даҕаны кэллэ. Итэҕэлбит тула, мустан, өйөһөрбүтүн бириэмэ биллэрдэ, көрдөрдө.
Бэрт этии! ✊
Саамай сеп!!!!
Дьэ, бу сөп этии✊
бэт этии дьэ✊маннык толкуйдах эдэр кэнэгэски ыччаты оро котогон потдежка буолан таьарыахха нада✊✊✊сахатын омугар турар ыччаттары✊✊✊
уолбвтун оро тутан ойуоххэыин
Уонна Якутск диэн буолбакка, Туймаада диэн ааттаныан наада
Ой, нацаа учугэй ди город Туймаада диэн
Бэрт этии,сэптээх аат
Айыылар этитэллэр “саха омук инники кэскилэ” бэлиэтэнэр кэмэ үүннэ диэн. Саҕалыаҕыҥ хотторор!!!
Доҕоттор диэн ааҕыҥ, сыыһа бэчээттэммит.
Учугэй багайы санаалаах ыччат баар буолбут.
Ой, нацаа учугэй ди город Туймаада диэн
Син соп проект. Дьокуускай мэриятыгар, гордума депутаттарын нонуо (биир эмэ соп диир депутат костор ини) этиттэрэн проект хамсаасынын онотторор соп буолуо эбит. Куорат мэрията улуустары проекка кыттысарга ынырыахтарын соп буоллага. А так, алтан эгин металлынан, улахан, костуулээх, комплекс курдук оносуллар буоллагына проект бэрт ороскуоттаах, сыаналаах буолара чуолкай. Кырата уонча молуйуон. Ол кыаллар дуо? Онтон Якутскайы уларытан Туймаада диир тусунан забудьте. Якутск историческай аат, бисиги ааттаабатах ааппыт. Россия государственноса олохтообут куоратка, ааттаабыт аата. Россия баарын тухары Якутск.
Илин эцэргэ тахсарга Елуенэ ерус урдугэр сэргэ турара буоллар олус бэрт буолуо этэй онно хас улуус тогуоруьан олороруй, аан дойдуга тахсар аартык тимир суол барар
Этэрин эттиц. Оттон сэргэни Аан дойдуга ыспыт киьи Киэргэ тойоно Павлов диэн баар.Аны Яроев диэн биир Эр бэрдэ мэрия5а эмиэ ыьыах туьулгэтин оцорор киьи баар.Бас быстар сыаната.Тимир мас уустара элбэхтэр.Персонально улуус главаларыгар ыытан ис хоьоонун билиьиннэрэн биэриц.Сорохтор:Все под Контролем эрэ диир эмиэ баар.А.Жирков диэн патриот ИТ баар.Н.Харлампьева суруйааччы ол бу омугу кэрийэр кинигэ сурунаал туту тута.Ол онугар манна тугу эрэ туьалаа5ы оцордуннар.Арктический институт култь.Театрдар Минкульт.кыттыстын.Идэлээх дьон.
Ким билэр.Сонуну аахтахха Минкульт мэрия урдуку тойоттор молуйуенунэн харчыга ыьыах,дни Якутии,100 лет ЯАССР ыыталлар.Масква5а Питерга.То5о эрэ Чума сэрии диэн толлубаттар.Аны Кун тура тура форум выставка семинар ол тухары ас тацас гостиница проезд харчыта баранар.Эбии сэтэрээн Туран харчыны сииллэр.Ус сэргэ турута Кэм ини.
Хантан ойдуохтэрэй.Олох да атын ойдоох санаалах туора дойду дьонун буллара сатаан.Куорат уксэ илин эцэр бурээт хоро бурээт монгол эбэнки буолла.Аны хотулар нууччалыы эрэ уорэммиттэр.Бу дьон Бурят Монголия Маньчжур омуктар.Хантан Сахалыыны ойдуехтэрэй.Хата утаран туьэрэн биэрэллэр Якут дэнэ дэнэ.Ол баар.Туохха да баппаттар уоруу сиэьин коррупция.Дойдуну атыылаатылар.Кэпсэтиэх иннинэ дьону Сахатын арааран Булан кэпсэт.Хата харчыга тиэрэ эргитэн оцорон таьаарыахтара.Ол уйэтэ суох буолуо.Дьэ ону ба5ас сатыыллар.
Олох учугэй норуоттан тахсыбыт этии! Ер иитээхтии сылдьыбыт эбит. Дьон ба5а санаата буолла5а дии, кэлии дьон бэлиэтии кереллер, куорат сахалыы тыына суох диэн, ол эбэтэр нацональнай стиль куорат архитектуратыгар суох. 2024 сылга Дети Азии буолар, ыксыахха баара.
Дьэ бэт проект 👍👍👍
Олоххо киириэҕээ 🤝
Саха сирин бары улуустарын уустарынан оҥотторон, олорор сирдэргэ барар аартыктарга сэргэ турара бэрт этэ.
Идея олус бэрт. 3 улахан аартыкка – сэргэлэр! Вилюйский, Ханг, Нам.