Икки тылы кыайан холбообот наука доктора
Киев куорат мээринэн талыллыбыт боксер Кличко сыыһа-халты тыллаһан күлүүгэ-элэккэ барбыта.
Саха сирин правительствотын салайааччытынан анаммыт Андрей Тарасенко Дьокуускайга кэлээтин кытары “Кличко убайа” диэн сонун кэпсэммитэ. Улахан дуоһунаска анаммыт киһибит кыайан икки тылы холбоон саараама саҥарбата республика олохтоохторун сөхтөрбүтэ. Ону бастаан, чэ долгуйдаҕа, кэлин тыла-өһө сөллөн барар ини, диэн буолбута.
Кэм-кэрдии ааһар, Тарасенко улахан дуоһунаска ананарыгар Ил Түмэн депутаттарыттан сөбүлэҥ ылыллыан наада. Дьэ, киһибит хайыай, депутаттар иннилэригэр тыл этэригэр күһэллэр. Бастаан кумааҕыга суруллубут, сааһыламмыт тылы ааҕан куллугуратар. Депутаттар дьааһыйалларын туттуна-туттуна Тарасенко уһун-синньигэс дакылаатын истэллэр. Онтон бэрээдэк быһыытынан, саҥа тойонтон ону-маны ыйытыахтаахтар.
Депутаттар ыйытыы биэрэллэр. Киһибит эмиэ тыла мастыйан түҥ-таҥ саҥаран, депутаттар кулгаахтарын быһар:
“Вот вы знаете, буквально, по-моему, месяц назад мы внесли закон по животным, где как раз расписали немножко, как это все процедурно должно происходить: и создание этих питомников, и, соответственно, их всякие административные штрафы, и, соответственно, по тем, чтобы не было… ну то есть от бесплодности этих собак решение вопроса. Соответственно, вопрос очень важный и мы его упорядочим и работаем над ним, чтобы решение было полностью и больше вот такого не было, когда я вот часто смотрю инстаграм или там читаешь в прессе о том, что… или люди дают иногда о том, что вот скопление опять собак то в одном месте, то в другом, или вот в районах где-то и так далее. То есть мы вот эту часть хотим навести порядок, и чтоб больше уже таких вопросов не возникало”.
Ыҥырыллан кэлбит “уопуттаах управленецпыт” икки төгүл быһа эфиргэ тахсаары кыайан саҥарбатыттан интернет аһылыга буолар. Ити кэнниттэн Тарасенко быһа эфиргэ саҥарар бырааба быһыллар, ханна эмэ бэлэм суруллубут тиэкистэри ааҕар уонна кини аатыттан ол-бу араас эҕэрдэҕэлэр суругунан эрэ тарҕанар буолбуттара.
-Мунньаҕын хайдах ыытарый, оттон?
-Киһи омос өйдөөбөт жаргон аҥаардаах, быһыта-орута тылынан мунньахтыыр. Син үөрэнэн эрэбит, – диэн правительство үлэһиттэрэ кэтэхтэрин тарбаналлар.
Үйэ саас тухары салайар үлэҕэ үлэлээбит киһи дьон иннигэр кыайан саҥарбата соһутар. Баҕар, ол иһин Приморье губернаторынан талыллыбатаҕа буолуо?
Суруналыыстар Тарасенко биографиятын үөрэтэллэр, кимтэн-кииннээх, хантан хааннаах киһиний диэн. Ол сылдьан “психологическай наука доктора” диэн научнай истиэпэннээҕин булан ылаллар. Сатахха кандидат да буолбатах, сатахха атын техническэй накуа салаатыгар да буолбатах – доктор, өссө психолог.
“ЯВ” суруналыыстара соторутааҕыта кини научнай үлэтин булан Андрей Заякин диэн”Диссернет” үлэһитигэр бэрэбиэркэлэттилэр. “Диссернет” диэн – научнай үлэлэри бэрэбиэркэлиир, ким дьиҥнээхтик бэйэтэ суруйбутун-суруйбатаҕын булан ылар тэрилтэ.
“Хомойуох иһин түмүк киһини үөрдүбэт. Тарасенко официальнай наука билиммэт салаатыгар “учуонай” эбит, – диэн суруналыыстар суруйаллар. Тарасенкоттан бэйэтиттэн комментарий ыла сатаабыттар да, киһилэрэ муннунан да, айаҕынан да тыымматах.
Ол курдук Андрей Заякин Саха сирин правительствотын салайар Андрей Тарасенко докторскай үлэтигэр – 280 страница, кандидатскайыгар – 115 страница атын киһи үлэтиттэн устуу баар диэн аахпыт.
“Тарасенко докторскай үлэтэ кини научнай салайааччыта Леонид Лаптев докторскайын үүт-маас устуу, онон-манан кыра эбиилэрдээх эрэ”, – диэн “Диссернет” түмүк оҥорбут («Диссернета»).
Тарасенко Лаптев эмпирическэй чинчийиитин эмиэ барытын устан ылбыт, ыытыллыбыт сылын эрэ уларыппыт диэн Заякин этэр. Билигин устудьуон курсовойуттан, дипломуттан саҕалаан, докторскай үлэҕэ тиийэ харчыга атыылаһан ылыахха сөп. Атыылаһааччылар да араастаахтар, ким өйдөөх ылар табаарын бэрэбиэркэлиир, оттон соччо “буһарбат” – кыайан бэрэбиэркэлээбэт, кыаҕа да суох диэн Заякин этэр. Кини сабаҕалыырынан, Тарасенконы албыннаабыттар, хаачыстыбата суох үлэни атыылаабыттар.
“Диссернет” научнай үлэлэри бэрэбиэркэлээбитин түмүгэр, сымыйа диссертациялары бэчээттиир “учуонайдар” үлэлэриттэн маппыттар. 40 сымыйа наука степенин атыыласпыт дьонтон 7 киһини “Диссернет” көмөтүнэн учуонай степеннэрин быспыттар. Атыттар “көмүскээбиттэрэ” ырааппыта бэрт буолан степеннэрин кыайан былдьаабатахтар. Бу туһунан сиһилии ыстатыйаны манна ааҕыахха сөп.
Онон премьер-миниистирбит Тарасенко научнай степенин атыылаһан ылбыт буоларыгар тиийэр. Сатахха, өрүскэлэһэн “доктор” степенин ыла турдаҕа… Дьэ, итинник дьон Саха сирин сайыннара кэлбиттэр. Эһиги ону туох дии саныыгыт?
***
Aartyk.Ru
Кличко эрэйдээ5и бэйэтин курдук бухатыырдар тыhыынчата тебе5е саайбыттара , биллэн турар онтуката мэйиитигэр дьайар буо. Онон ити дьону хайдах да тэнниир сатаммат .
Того? Иккиэн салайар улэгэ сырыттахтара ди
Лже-доктор. Ясно.
Дьаабы
Итинник албын келдьун дьон тугу сайыннарыахтарай. Бэйэлэрин хариааннарын эрэ сайыннарыахтарын сеп.
Осуждаю…
Неужто своих кадров нет?! Айс спецом конкурентоспособные кадры уничтожает на дальних подступах
оо дьэ, били этэргэ дылы , о, времена!!о нравы!!
Соторутаагыта Ил Дархаммыт Владимир Федоровы этэн турардаах – урдук уерэгэ суох киьи хайдах инник эппиэтинэстээх улэгэ улэлиэн себуй диэн. Эппитэ ый да буола илигинэ булан-талан агалбыт киьитэ дессе дьаабы буолан биэрдэ. Теруку албын киьи эбит. Дьессе докторскайын иьин эбии телебур ылара буолуо дии. Ити Прокуратура того кыайан бэрибиэркэлээбэт эбитэ буолла или аатырар ФСБ. Ол кэннэ хайдах атын дьонтон хайдах ирдэьэллэр. Ити коррупция биир керунэ буоллага.
Туриспыт барахсан дьоно бэртэрэ сурун, киьи да сегер КВНтар уонна туох да туьата суох кэлиилэр
Дьиҥнээх учуонай эбит ити Тарасенко!
Мин билэр киһим урут Академия наук мунньаҕар сылдьыбытын кэпсээбитэ! Онно бааллар үһү сыыҥтара субулла сылдьар, ыстааннарын умнан тимэхтэммэккэ сулбуруйа сылдьар, киһи саҥатын өйдөөбөт, мэндээриччи көрө сылдьар дьон!
Тарасенко эмиэ оннук буолаахтаатаҕа. Онон улахан учуонайы хаайа сыппакка наукаҕа ыытыахха наада! Миэстэни босхолоотун!
Пахай да, мин комментарийдыахпын да кыбыстабын, сурэ бэрт дьиэн да намыьах курдук, барытын оччо сымыйатын киэн куйаарга таьааран утарсан ити федоровы , артемтевы, подголовы уларыппыттарын курдук дэлби чыпчаххайынан сынньан ууруеххэ наада!!!!
Практик буолла5а, кимнээ5эр салайыа5а, аартык сенсация тардар. Аартыктары ейдуеххэ сеп. Сверху анаммыт. Сотору урдээн барыа5а
Учугэйдик санарара биhиэхэ наада суох, куолуhyттар итээх элбэхтэр улэлиэн наада, онон бутэр
Саха тылын оро тута сатыыбыт да кыаллыбат турукка киирбит! «Икки тылы кыайан холбообот…» диэн саха айа5ар баппат тыл. Нууччалыыттан утары тылбаас – «двух слов связать не может…». Сахалыы суруйдахха то5о табыллыбата буолла? «Молтохтук, кулук-халык, умса-тэннэ, бото-хара санарар» диэтэххэ ойдонор ини!
Биһиги дойдуга тоҕо итинник араас хаамаайылар буулуулларый? Бэйэбит үлэлиэх дьоммутун үлэлэппэккэ жаргон аҥаардаахтык саҥарар туох эрэ дьонун аҕалабыт. Бу дархаммыт тугу көрөр дуу, кыайан көрбөт дуу киһиний?
Косойуц эрэйдээ5и сацардыбаттар да кердербеттер да дии. Саха сирэ помойка5а кубулуйда. Талыллыбатах, ууруллубут каадырдар оскуолалара буолла. Уерэнэ туьэн, сахаларга эксперименнээн баран, урдээн барыахтара, кыратык алмаас-кемус уоран баран.
Тарасенконы утары голостыырга Ил-Тюмэн депутаттарыгар улахаң кыах баар буолбут!
Хаамаайыны.
Куоластаан буппуттэрэ. Бигэргэппиттэрэ. Биьиги депутаттарбыт…
Бердников депутаттар собулэннэрин ыла илик. Биьиги дьоммут хайдах куоластыыллара буолла? Туостэрин охсуналлар дии депутаттар – Федоров, Ксенофонтов, Губарев, Парахин… Коруохпут…
Утары куоластыахтара диэтэҕиҥ дуу? Биир эмит эр сүрэхтээх депутат баара дуу?
Ойдоон инники Саха Сирин суох онорору итинник салайааччылары аныыллар ,НАС бэйэтэ агалбыта буолбатах уэhээттэн ыл диэн эттэхтэрэ дии мин санаабар оннук.
Бэлэмнэ олорон чыыбыр5ааман, двух слов связать не можете сами, саат-суут. Вообще, Ю. С. Куприяновы анаан, дьэ ол баар санаран баран кэлээр диэбит трибуннара. Нууччалы-сахалыы уустаан-ураннаан тохтоо диэххэр дылы санарыа5а. Филолог буолла5а. Оннуктары аныахха
Баччааҥы диэри республика салайааччыларыттан улаханнык кыбыста илик этибит. Айсен Сергеевич котоку кэлиэҕиттэн ыла туох барыта таҥнары түстэ, күөрэ-лаҥкы барда, оннооҕор правительство баһылыга дьон-сэргэ күлүүтүн төрүөтүнэн буолла.Ол эрээри, биһиги да уолбут олус чаҕылхай киһи буолбатах ,саҥарарынан баҕас устар ууну сомоҕолуур да,атын өртүн ыллахха кубус кураанах. Олоҕу ,киһини адьаһын билээхтээбэт, сатаатар куттас , күүстээхтэргэ ньылаҥнас. Трутнев обургу тугу эттэ да , Айсен Сергеевич салыбырыы түһэр , ээх ууһа буолар. Кими да анаатахтарына биһиги муҥнаахпыт туох диэн утарыай ? Аньыыта-харата элбэҕэ бэрт киһи ньыкыйан эрэ биэрээхтиир
Трутнев мунур ыраахтаа5ы биhиэхэ, сеп буолла5а дии. Наместник с особыми полномочиями. Биhигини ба5ас кытаанахтык тутуохтаахтар, ччыыбыр5ааман. Соловьев передачатын, Кургиняны уо. д. а. истин. Наступают другие временена, хватит либерализма и ложной демократии. Хватит пантюркизма. Ура Единая, Неделимая…
Биһиэхэ уорба өйдөөх уоруйахтары аныыллар буоллаҕа.НАС тугу да этинэр кыаҕа суох.Үөһээҥҥилэр аныыллар.Сотору Ил Дарх туруо ону агитациялаан эрэр буолуохтара.һэһэээ.
Ол бэйэтин санаатын тириэрдэ сатаата5а дьи. Борустуой киси долгуйар, бары Жириновскай курдук артыыс буолбатахтар. Аан маннай хайдах салайыы улэтин ыытаарын уонна тасаарыылаа5ынан сыаналыа5ын.
Саха сиригэр правительствоны салайар киһи суох дуо, Айс дьону эрэ үлэлэриттэн уһултараары ол бу дьону булан аҕалар дьэ төһө кини үлэтэ суох хаалар. Солодов балыыһалары, врачтары уһулталаан баран куоппута.