Эр киһи хайа да үйэҕэ эр киһинэн хаалыахтаах
Олоҕу ыччат салҕыахтаах. Олох сокуона оннук… Хороччу улаатыахтарыгар диэри муҥ-саатар өбүгэ төрүт аһын собону амтаһыйан көрбөтөх бэдиктэринэн төһө ыраатабыт?
Хата, Инстаграмтан Бүлүү Бороҕонуттан төрүттээх Максим Спиридонов диэн ыччат Дьокуускай куоракка бэрт кэскиллээх дьыаланы саҕалаабытын хайҕыы көрдүм – тус баҕатынан куорат оҕолорун саха төрүт үгэстэригэр сыһыара сылдьар эбит: сиргэ-уокка, айылҕаҕа сылдьыыга, бэйэни кыанарга, булт-ас албастарыгар.
Максим Мартович бэйэтэ 2007 сыллаахха оскуоланы бүтэрэн баран, оччолорго Саха госуниверситетын ФКуоС институтугар туттарсан киирбит. Бэйэтин кыанар, спортка сыстаҕас, сытыы-хотуу уолчаан, биллэн турар, аармыйаҕа да тиийэн, холобурга сылдьыбыт. “Бастыҥ саллаат” аатын ылбытыгар, наҕараадатын оччотооҕу Хабаровскай кыраай губернатора Шпорц бэйэтинэн туттарбыта даҕаны элбэҕи этэр. Эдэр киһиэхэ, ордук уол оҕоҕо бу – сүҥкэн ситиһии. Оттон бу ситиһии, биллэн турар, барыта оҕо саастан силистээх-мутуктаах.
Оҕо сааһын, аҕа оскуолатын Максим билигин астына, киэн тутта кэпсиир:
– Аҕам Март Михайлович Спиридонов Бүлүү Бороҕонуттан төрүттээх, Бүлүүгэ олохсуйан баран, үйэтин-сааһын тухары салайар үлэҕэ сылдьыбыта – СПТУга завучтаабыта, Бороҕон оскуолатыгар дириэктэрдээбитэ, нэһилиэккэ баһылыгынан кытта талыллан үлэлии сылдьыбыта. Ол эрээри мин кинини аҕа, дьиҥнээх эр киһи быһыытынан сыаналыыбын, кининэн киэн туттабын. Бэйэбин өйдүүр буолуохпуттан аҕабын батыһа сылдьан балаакканан хоно сытан оттуурбутун, мас кэрдэрбитин, булка, балыкка сылдьарбытын олус күндүтүк саныыбын. Дэлэҕэ, оҕо сылдьан, аҕабыт кытта айаннарым садыбыалынан буоллаҕа, улааттахпына археолог эҥин буолуохпун баҕарыам дуо?! Оччолорго туризм эҥин лааҕырдара баара буоллар, үөрүүнэн барыам этэ. Хомойуох иһин, биһиэхэ хаппыыста эҥин лааҕыра эрэ баара, – диэн оҕо сааһын бэрт сэргэхтик ахтар Максим.
Максим Мартович билигин бэйэтин оҕо эрдэҕинээҕи ыратын толорон, куорат оҕолоругар «Юные искатели» куруһуогу ыытар. Даҕатан эттэххэ, Максим – 300-тэн тахса сыл педагогическай ыстаастаах Спиридоновтар династияларын салҕааччы. Онон да буоллаҕа, ыччаты кытта үлэ, этэргэ дылы, хааныгар сырыттаҕа. Онтун өссө үөрэҕин бүтэрээтин утаа биэс сыл «Сосновый бор» лааҕырга физкультура учууталынан үлэлээн, эбиитин кэтэхтэн Пермнээҕи государственнай университекка үөрэнэн, аан дойду таһымнаах бакалавриаты бүтэрэн оҕо иллэҥ кэмин туһалаахтык, көдьүүстээхтик атаарарыгар көмөлөһөр билиитин-көрүүтүн байытан, ыра санаатын чиҥэтэн биэрбитэ саарбаҕа суох. «Сосновай бор» лааҕырга «Суолдьут» диэн ааттаан төрүттээбит ааптарыскай бырагырааматынан Россия таһымнаах күрэхтэргэ хаста даҕаны бастыы сылдьыбыта даҕаны үгүһү этэр.
Бу «Суолдьут» эдэр, дьаныардаах уолга бэйэтин суолун тэлэригэр тирэх буолбут. Ол курдук, 2018 сылга Максим Мартович ИП арынан, куорат оҕолорун иллэҥ кэмнэрин тэрийэр “Следопыт”диэн ааттаах өрөбүл күн куруһуогун тэрийбит. Куруһуок оҕолору айылҕаҕа сырытыннарар сыаллааҕын истээт, куорат төрөппүттэрэ биир-биэс тыла суох оҕолорун өрөбүл аайы Максим Мартовичка аҕалан туттарар буолбуттар. Сахалар эрэ буолбатах, нуучча, киргиз, узбек оҕолоро, бэл, кыргыттар кытта саамай сөбүлээн сылдьар дьарыктара буолбут.
Ити курдук “Следопыт” билигин бөдөҥсүйэн, Дьокуускай куоракка Стадухин аатынан уул., 83/3 Г дьиэтигэр «Юные искатели» ааттанан куорпус куортамнаан олорор эбит. Баҕалаах оҕо элбээн, куруһуок сыалын-соругун төрөппүттэр сөбүлээн, куруһуок сайыҥҥы өттүгэр кытта үлэлиир буолбут. Дьэ бу манна Максим Мартович бэйэтин оҕо эрдэҕинээҕи археолог буолар ыратын кытта толорон, оҕолор хонуктаах лааҕырдарга сырыыларын кытта тэрийэр эбит.
– Кыһыҥҥы өттүгэр нэдиэлэҕэ үстэ дьиэҕэ хапкаан, туһах иитэргэ, бэстилиэтинэн ытарга, испиискэтэ суох кутаа уматарга, медкөмөнү оҥорорго о.д.а. үөрэнэбит. Хас биирдии дьоҕурга, үөрүйэххэ эксээмэн туттардахтарына, халлаан сылыйдаҕына походка тахсарбытыгар босхо сылдьар бырааптаналлар. Бүтэһик походпут ааспыт нэдиэлэҕэ буолан ааспыта. Айылҕаҕа археологияҕа эмиэ холонобут. Холобура, бу сайын Хаҥалас улууһугар трилобит кырамталарын эҥин булан, оҕолор олус үөрбүттэрэ. Булумньуларын бэйэлэригэр ылар буолан, үөрэ-көтө көрдүүллэр. Инникитин Ярославскай аатынан кыраайы үөрэтэр музейы кытта дуогабардаһан, булумньуларбытын онно туттарар былааннаахпыт. Музей онуоха биһиэхэ аналлаах долбууру тэрийиэхтээх.
Кыһын поход оннугар субуотаҕа, өрөбүлгэ «Дохсуҥҥа» футбол ооннньуубут, атах оонньуутугар дьарыктанабыт, – диэн билиһиннэрэр Максим Мартович.
«Суолдьут» ити курдук аныгы куорат оҕолоругар олохторугар кытта сирдьит буолар дьоһун аналлаах хамсааһын эбит. Кистэл буолбатах, ардахха-хаарга муннуларын да төбөтүн быктарбат, компьютер “кутуйаҕыттан”, суотабай төлөпүөнтэн ыараханы көтөхпөт уолаттар аныгы үйэҕэ ыал аайы элбээн иһэллэр. Онуоха бу куруһуок уол оҕо, омук сарсыҥҥыта сөптөөх, дьиҥнээх эр киһилии дьарыгы, интэриэһи иҥэринэрэ, баһылыыра – дьоһун дьыала.
– Кэлин төлөпүөннэрин букатын да дьиэлэригэр хаалларан кэлэр буоллулар. «Максим Мартович син биир көҥүллээбэт, шанс суох», – дэһэллэр үһү.
Төлөпүөнтэн, компьютертан арахсыбат оҕолор сайын 10-нуу хонуктаах походтарга сылдьаллара – аныгы үйэҕэ улахан ситиһии. Сатаан көҕүлээтэххэ, трийдэххэ, аныгы да оҕону балааккаҕа хонноруохха, ууттан балык хостотон, хатырыктатыахха, амсатыахха сөп диэн буоллаҕа.
«Хамсыы сылдьар собону хатырыктаан аһаҕас уокка буһарыахтааҕар, бэл, аан бастаан амсайбыт, сири аһатар, эһэкээни күндүлүүр диэни билбэт сахалар, дьиэлэриттэн аҕалбыт астарын бэйэлэрэ эрэ сиир былааннаах оҕолор кытта кэлбиттэрэ», – диэн күлэр салайааччы.
Уол оҕону өбүгэ үгэһигэр такайары ааһа баран, ханнык баҕарар эр киһи сатыахтаах үөрүйэхтэригэр үөрэтэр санаа Максим Мартовичка олус судургутук киирбит.
– Биир хампаанньа походка сирдьитинэн барсарбар көрдөспүтэ. Ыаллар. Оҕолордоохтор. Учуутал киһи быһыытынан сорохтору уот маһын бэлэмнииргэ, сорохтору уу баһан аҕаларга сорудахтаатым. 9-с эҥин кылааска үөрэнэр обургу оҕолор. Ону уолаттарым инчэҕэй маһынан уот оттоору, туалетнай кумааҕы бөҕөтүн уматтылар, уу баһааччыларым солуур быһаҕаһынан кумах баһан аҕалбыттар. Ааранан мин кыргыттартан кыбыһынным. Дьонум, хата, үөрбүттэр аҕай, эбиитин киһиргиир курдуктар. Уол оҕону иитиигэ кыһалҕалар үөскээн эрэллэр эбит диэн толкуй оччолорго киирбитэ, – диэн санаатын үллэстэр Максим Мартович. – Ханнык да үйэҕэ ордук уол оҕо геройга наадыйар. Аныгы оҕолорго компьютернай оонньуулар, мультиктар геройдара Герой буоллулар. Ити сыыһа. Киниэхэ төрөппүт аҕата дуу, чугас, билэр киһитэ герой буолуохтаах. Төһө даҕаны бэйэм ыал аҕата буолларбын, куруук аҕабын кытта сүбэлэһэбин, санаатын истэбин. Бэйэм алта саастаах улахан уолбун айылҕаҕа бэйэбин кытта илдьэ сылдьабын. Ол иһин уолум оҕо саадыгар атын оҕолор курдук сэриини, буолары-буолбаты буолбакка, палатканы, кутааны, айылҕаны уруһуйдуур, тыаҕа таҕыста даҕаны, туох-хайа иннинэ сирин аһатар мөккүөрдээх. Уопсайынан, бэйэм оҕобун даҕаны, лааҕырга кэлэр оҕолору даҕаны бэйэбин хайдах үөрэппиттэрэ да, оннук үөрэтэбин. Төһө даҕаны цифровой технология үйэтэ буоллун, эр киһи син биир эр киһи буолуохтаах. Аан дойдуга саамай сайдыылааҕынан биллэр Япония тоҕо инники күөҥҥэ турара буолуой? Төрүт култууратын тута сылдьар буолан. Оҕолорун 1-4 кылаастарга наар төрүт үгэскэ, култуураҕа үөрэтэр эбиттэр. Оттон биһиги оҕолорбут ВПР, ОГЭ, ЕГЭ балларын туһугар эрэ үөрэнэллэр.
. . . Бастакы кус, бастакы андаатар, аан бастаан балааккаҕа хонуу – бу барыта мин аҕабын кытта ситимнээх умнуллубат, саамай күндү өйдөбүллэр. 4 кылааска үөрэнэ сырыттахпына дурдаҕа соҕотохтуу хаалларан баран, сылгыларын көрө барбыта. Оо, хайдахтаах курдук онон киэн туттубуппун, аҕам эрэлин түһэн биэрбэтэх киһи диэн долгуйбуппун билигин да умнубаппын. Биирдэ массыынабыт батыллан хаалбытыгар ыраах баҕайы сиртэн сүгэн кэлбитэ. Сылайбыт дьон быһыытынан, массыынаҕа да хонон туруохпутун сөп эбитэ буолуо даҕаны, сарсын балтым төрөөбүт күнүгэр тиийээри, сылайбытын, таһаҕаспытын аахсыбакка сүгэн кэлбитин эмиэ олус күндүтүк саныыбын… Мин санаабар, билиҥҥи уолаттар эмиэ саамай үчүгэй, күндү өйдөбүллэрэ аҕаларын кытта сибээстээх буолуохтаах…
***
Майя ДМИТРИЕВА,
Aartyk.RU
Маладьыас