Дьокуускайдааҕы ипподром кыһалҕата өссө да күөдьүйэ турар
Бассаабынан “үс күн буолла, уута-уота суох олорбуппут” диэн АГАТУ территориятыгар турар көньүүһүнэ үлэһиттэрэ видео устан тарҕаттылар.
Дьокуускай ипподромун сабаллар үһү диэн сонун атах балай барбыта ый буолла. Ат сүүрдүүтэ – саха үгэһирбит оонньуута. Былыр үтүө ат туйаҕар баардарын барытын туран биэрэр дьон туһунан кэпсээн дэлэй. Онон ипподром сабылларын туһунан сурах элбэх киһини аймаата.
Соторутааҕыта ипподром тула айдаантан сылтаан улахан мунньах тэриллибитэ. Территория хаһаайына – АГАТУ ректорын эбээһинэһин толорооччу Константин Кривошапкин, көньүүһүнэни арендалааччылар, сылгылар иччилэрэ, Саха республикатын ат сүүрдүүтүн Федерациятын президенэ Руслан Федотов, тыа хаһаайыстыбатын салайааччы правительство солбуйар бэрэссэдээтэлэ Михаил Никифоров о.д.а. сирэй көрсөн мунньахтаабыттара. Онно Кривошапкин көньүүһүнэ сууллар туруктаах, дьоҥҥо, сылгыларга кутталлаах, ол туһунан анал тэрилтэ чинчийиитин түмүгэ баар диэн эппитэ. Хас да сыллааҕыта, ДьТХА көньүүһүнэтэ умайан биир кыыс эрэйдээх уокка былдьанаахтаабыта. Ол онон хаалбыта, оччотооҕу ректор Владимиров туох да миэрэҕэ тардыллыбатаҕа.
Сылгыһыттар иннилэрин биэрбэттэр: атын тэрилтэҕэ атын экспертизэ оҥотторуохха, көньүүһүнэ билигин да турбалыыр кыахтаах дииллэр.
АГАТУ көньүүһүнэтигэр улуустар уонна биирдиилээн дьон кэтэх сылгылара тураллар эбит. “Сорохтор арендатын иһин төлөөбөттөр, иэс-күүс үс сыл устата 736 662 солкуобай мунньулунна”, – диэн университеттар этэллэр.
АГАТУ – федеральнай университет, тэрийээччитэ, үбүлээччитэ РФ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ. Онон сылгылаахтар чуолаан ити министиэристибэни кытары дуогабар түһэрсиэхтээхтэр, кинилэргэ харчы төлүөхтээхтэр эбит. Ону арендатордар кимҥэ төлүү сылдьыбыттара буолла, оттон син биир буор-босхо турбатахтара буолуо эбээт? Турбуттара дуу?
Ипподром уонна көньүүһүнэ айдаана тус-туһунан диэн өйдөөтүм. Көньүүһүнэ көтүрүллэр, кэтэх сылгылар бары онтон тахсыахтаахтар. Үбүлээччи – федеральнай министиэристибэ – оннук быһаарыыны ылбыт диэн буолла. Оттон ипподром, өскөтүн үбүлээччи сөбүлэстэҕинэ, Ат сүүрдүүтүн спордун Федерациятыгар босхо бэриллиэн сөп диэн мунньахха тыл быктарбыттара… эрээри, федераллар арааһа тугу да босхо биэрбэт дьон буолуо диэн кэтэх санаа баар.
Аны ипподром сирэ-уота киэҥэ-куоҥа, куорат дьогдьойор киинигэр турара… туох да аһара бэрт. Элбэх дьиэ тутар тэрилтэлэр харахтарыгар хатанара сэрэйиллэр. Өрдөөҕүтэ соҕуруу кытыытын бэлиэр быһа тутан тутааччыларга биэрэн тураллар. “Сирин дьиэ тутуугар биэриҥ, дьиэ-уот тиийбэт, тутуу барар сир Дьокуускайга хаалбата”, – диэн суруйар дьон эмиэ баар.
Үс хатыҥҥа иккис ипподром тутуллан турар. Ыһыах эрэ кэмигэр үлэлиир. Маны сөргүтэн, кэҥэтэн, быраабылатын тутуһан, аныгылыы тупсаҕайдык оҥорон туһаныахха диэн этээччилэр эмиэ бааллар. Биллэн турар, онно үп-харчы наада. Биһиги былааспыт аҕыйах мөлүйүөнү “па” диир дьон, сылтанан эмиэ миллиардынан үбү бюджеттан сулуйуохтара диэн сэтэрээччилэр да көстөллөр.
Саҥа ипподром тутуутун АГАТУ ректорын эбээһинэһин толорооччу Константин Кривошапкин эмиэ өйүүр. Соторутааҕыта улахан мунньах кэнниттэн комментарийыгар эмиэ итинник хабааннаахтык этэн турар. Онтон сылгылаахтар куорат ортотуттан барыахтарын баҕарбаттар – үөрэммитттэр, кэлэргэ-барарга, күрэхтэһии да ыытарга табыгастаах дииллэр.
Онон хайдах да эргит, син биир “ипподром айдаана”, мин саныахпар, сир айдаана буолан тахсар. Федераллар ипподром сирин бас билэллэрин быһыытанан, оттон хайдах баҕарар дьаһаналлара сокуон өттүнэн көҥүл буоллаҕа. Арай үөһээ былаас ипподрому хаалларар туһугар тыл-өс буоллахтарына, син туох эмэ дуоннаах тыас тахсара дуу?
***
Сэмэн САМААЙАП,
Дьокуускай к.
Ипподром сирин федерал урут харчыга ылбыта дуо? Босхо ылбыт буоллаҕына эмиэ төттөрү босхо.биэрдтин ээ
Про землю ипподрома речь вообще не идёт. Это специально владельцы частных лошадей прикрываются ипподромов. На самом деле их (частников) выселяют из конюшни. Здание конюшни экспертизой признано аварийным и подлежит сносу.
Конные скачки – спорт для богатых. Одна лошадь стоит миллионы рублей
Бу дьон то5о ЯГСХА хаччытыгар босхо олоро сатыырый? Бэйэ5итигэр конюшня туттун да буттэ5э ди
Сымыйанан «Саха ата» дииллэр да5аны, молуйуонунэн сыаналаах боруода кэлии аттар. Боростуой дьон инник ат ылбат.
Тугу да билбэт эрээри дьон ону маны суруйар да эбит, конюшня аварийнай турар….
Конюшня сабылларын билбиттэрэ ырааппыт уонна соруйан тахсыбакка олорбуттар. Халява5а уорэннэхтэрэ ди
Конечно ремонт бе5е наада конюшня сытыйан турар ди😂😂онтуктарын учугэй дииллэрэ боло да ити инниккэ харахтара уерэммит ду 😂 аварийнай бе5е буо конечно инник сир…