«Дьиэ кэргэн экономиката – чөл олох төрдө» – «Алаас ыала» хамсааһын 25 сылын бэлиэтээтэ
Кэрэ айылҕалаах Төхтүрүм сирим дьоно-сэргэтэ дойдубут сылаас тыынныттан тирэнэн үйэлээх үтүөнү саҕар аналлаахтар. Биир оннук киһибитинэн Дьаҥхаадыбыт нэһилиэгин олохтооҕо, маанылаах далбар хотун, сайаҕас кийиит, истиҥ ийэ, эйэҕэс эбээ, бастыҥ уопсастыбынньык Мария Михайловна Шарина буолар. Кини олоҥхолоох олох уйгутун-быйаҥын тутан олорбут кэтит кэскиллээх алаас ыалын алгыстаах санаатынан салайтаран тэрийбит “Алаас ыала” хамсааһына быйыл 25 сылын туолла. Бу бэлиэ түгэни Мэҥэ Хаҥалас улууһун социальнай политикатын салаатын (салайааччы Назарова И.Е.) уонна Дьаҥхаады нэһилиэгин дьаһалтатын (баһылык Стручков В.Н.) көмөлөрүнэн Дьаҥхаадыбыт нэһилиэгэр от ыйын 7 күнүгэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга бэлиэтээтибит.
Саха киһитин удьуоруттан ситимнээх хаан-уруу хорук тымырын, тэбэр сүрэҕин тэтимин күлүүһүн араҕас далбардаах алааспытыттан үөскээбит саха ыалын тутулун көрдөрөөрү улууспутуттан бу хамсааһыммыт кыттыылаахтара кэллилэр. Ол курдук «Алаас ыала» хамсааһын кыттыылаахтара: Төҥүлүттэн (салайааччы М.Г.Романова), Майаттан (Терентьева Р.), Хорообуттан (Портнягин А.Н.), Мэлдьэхситтэн (Андросова М.П.), Павловскайтан (Николаева А.Н.), Дьабыылтан (Свешникова В.Н.) уонна Төхтүр (Ноговицына Л.М.) кытыннылар.
Кылгастык хамсааһын туһунан сырдатыым.
1997 сыллаахха Мария Михайловна ыал уйгута-быйаҥа – экономиката ыал бэйэтин олоҕуттан, тиэргэнин үлэтиттэн, уопсастыбаны кытта алтыһыыттан тахсар диэн санааттан “Алаас ыала” хамсааһыны дьүөгэлэрин кытта тэрийэн саҕалаабыта. Киниэхэ улахан тирэҕинэн буолбуттара бөһүөлэкпит актыбыыс дьонноро Попова Ф.Н., Павлова М.Н., Семенова Е.А., Ошустанова М.Ф., Максимов Ф.Н. о.д.а. Кинилэр ыалынан сылдьан оҕуруоту хайдах көрөргө сүбэ-ама биэрэллэрэ, үүнээйи сиэмэтин, теплица пленкатын атыылыыллара, дьаарбаҥка быыстапкалары, семинардары, көрсүһүүлэри тэрийэллэрэ.
Федора Никитична сылгы сиэлинэн, кылынан, саһыл, ыт түүлэринэн үгүс дьахтары хатарга үөрэппитэ билигин бу хайысханан дьарыктанар дьон үксээбититтэн үөрэбит. Матрена Николаевна экоучуонай В.И. Дмитриева көмөтүнэн калифорническай чиэрбэни көрөрү баһылаан, билигин Павловтар дьиэ кэргэн бэйэлэрин бизнестэрэ буолан күн бүгүнүгэр диэри үптэнэн олороллор.
Максимов Ф.Н. – Дьукка уус бэйэтин идэтигэр ыччаттары уһуйар. Сынньалаҥ кииҥҥэ үгэспит эргииринэн үлэлии сырыттахпына, «Алаас ыаллара» түмсүү «Дьиэ кэргэн экономиката – чөл олох төрдө» диэн соруктаах үлэлэрэ дьоһуннаахтык төһүү күүс буолара.
Улууспутугар бастакынан аҕалар сүбэлэрин тэрийбит, нэһилиэкпит патриота Д.К. Жирков Мария Михайловнаны Ил Түмэҥҥэ депутатка кандидатынан туруоран, тус волгатынан улуус нэһилиэктэринэн сылдьан бэйэлэрин идеяларын билиһиннэрэн улууспут быыбардааччыларыттан элбэх куолаһы ылары ситиспиттэрэ. Мантан ыла улууспут дьоно сэҥээрэн, сэргээн барбыттара уонна бу хамсааһын өрөспүүлүкэбит үрдүнэн тарҕаммыта.
1999 сыллаахха Валентина Свешникова өрөспүүбүлүкэбит бастакы тыа ыалын съеһыгар сылдьан баран, Дьабыылыгар “Алаас ыалын” хамсааһынын тэрийбитэ. Билигин 27 чилиэннээх ыал уйгута сайдарын туһугар айымньылаахтык үлэлии сылдьар. Кинини биир дойдулаахтара Мариана Борисова, Елизавета Березкина, Дария Стручкова хара ааныттан өйөөбүттэрэ. Билигин Саргылаана Петрова, Татьяна Петрова, Евдокия Свешникова, Галина Романова, Елена Петрова од.а. көмөлөһөллөр. Валентина, Егор Свешниковтар сиэдэрэй тиэргэннэринэн улуус быыстапкатыгар хаста да кыайыылаах буолбуттара.
2009 сылтан Марта Романова Төҥүлүгэ 60 ыалы түмэн салайааччынан үлэлиир. Тумус ыаллар Анна, Федор Баишевтар, Екатерина, Влас Михайловтар, Анна, Алгыс Харитоновтар, Екатерина, Николай Колесовтар о.д.а көмө буолаллар. Түмсүү оскуоланы кытта ситимнээн төрөппүттэрдиин ыкса үлэлиир, араас дьаарбаҥка быыстапкалары тэрийэр. Бу хамсааһын иһинэн «Дьүөгэлэр» түмсүүнү Лидия Николаева салайан баҕалаахтары сиэлинэн, оҕуруонан дьарыкка, тиэргэҥҥэ папье-маше оҥоһуктары оҥорорго үөрэтэн быыстапкаларга кытталлар, атыылыыллар.
Суорумньуһут идэлээх Мария Прокопьевна Мэлдьэхситин дьонун илдьэ кэлбит. «Алаас ыала» хамсааһын сахабыт сиринэн тарҕанарыгар көмөлөспүт уопуттаах салайааччыбыт Александра Николаева Павловскайын далбар хотуттарын кытта үөрэ-көтө кытыннылар.
2011 сылтан Мария Михайловна “Алаас ыала” тэрийбит этнокультурнай киинигэр үс сыл устата уол оҕону төрүт үгэһинэн уһуйар “Төлкө” уһуйааны үлэлэппиппит, ол кэнниттэн Дьокуускай куорат “Айыы Кыһата” оскуола ити баазаны бэйэтин көрүүтүгэр-харайыытыгар ылан үөрэнээччилэригэр анаан сайыҥҥы уһуйааны үлэлэтэ сылдьар. Алаас силистээх үөрэҕин хасыһар курдук бу хамсааһын эмиэ үлэтэ дириҥ уонна киэҥ. Кинилэр тэлгэһэҕэ отонноох мастары, эгэлгэ сибэккилэри олордорго, тэлгэһэни тупсаҕайдык тутарга, төрүт аска элбэх ыалы тартылар, угуйдулар.
Турбут сыралҕан итии куйааспыт алаас ыалларын ыһыахтарын күнүгэр анаабыт курдук сөрүүкээн биэрбитэ. Кэлбит нэһилиэктэр үлэлэрин кэпсиир хаартысканан стендэ туруорбуттар, түһүлгэлэрин киэргэппиттэр. Ыалдьыттар Дьаҥхаады нэһилиэгин дьоһун ыалларыгар сырыттылар: Матрена, Юрий Павловтар дьиэ кэргэн үүнээйи, оҕуруот олордоллорун, чиэрбэни хайдах туталларын, Мария, Алексей Эверстовтар өлгөм оҕуруоту олордубуттарын, саха балаҕанын туттан олороллорун, Светлана, Аркадий Поповтар тиэргэннэрэ барыта дьэрэкээн сибэккинэн үүнэн киэргэйэн турарын астына көрөн, истэн дуоһуйан кэлбиттэрэ.
Күн оройугар алгысчыппыт Петр Тихонов – Тэрчи Алгыһы түһэрдэ. Саха аһын астаан кэлбит дьиэ хаһаайкалырын күрэхтэһиилэрин көрүүтүгэр бастакы үрдэл 84 ас көрүҥүн астаан кэлбит Лариса Говорова (Төҥүлү) буолла; иккис – Евдокия Холмогорова (Төхтүр), үһүс Дьабыыл нэһилиэгэ.
Саха таҥаһыгар бастакы үрдэл буолла 90 саастаах Дьаҥхаады ытык иистэнньэҥэ Мария Афанасьевна Павлова. Кини тикпит таҥастарын оҕолоро, кийииттэрэ, сиэннэрэ таҥнан көрдөрдүлэр. Иккис үрдэл – былыргы ньыманан тигиллибит эр киһи уонна дьахтар кыһыҥҥы таҥастарынан Анна, Федор Баишевтар (Төҥүлү), үһүс үрдэл – дьахтар сахалыы таҥастарынан Александра Портнягина (Хорообут) буоллулар.
Оһуохайга кыайыылаах аатын ылла Матрена Билюкина (Төхтүр), иккис Муся Аммосова (Төхтүр), үһүс – Петр Тихонов (Томтор), кэскиллээх этээччи – Ася Потапова (Төхтүр), оттон Марианна Билюкина (Майа) анал бириискэ тигистэ.
Кыайыылаахтар бука бары сыаналаах бириистэринэн уонна анал суруктарынан наҕараадаланнылар.
Төхтүргэ 10 сыл хаалыктаах хаамыыны иилээн Дария Степанова үлэлэтэр, доруобуйаларын бөҕөргөтөр дьонун кытта кэлэн дьарыктарын көрдөрдүлэр, эҕэрдэлээтилэр.
Алаас ыала хамсааһын кыттыылаахтарын Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы Потапов С.С. эҕэрдэ тыл эттэ уонна махтал суруктары туттарда. Дьокуускай куораттан, бу аллараттан тахсыбыт хамсааһыны өйөөн эйгэлэрин кэҥэтиспит, өрөспүүбүлүкэбит дьахталларын түмсүүтүн сүбэтин салайааччыта Божедонова А.Н. үөрүүлэрин үллэстэн эҕэрдэлээтэ.
Айыы Кыһатын оскуолатын директора Шамаева Л.П. Төхтүргэ сынньана сылдьар «Кустук» уһуйаанын иитиллээччилэрин кытта эҕэрдэлээтэ. Лидия Петровна оҕо иитиитигэр сахалыы тыыны тута сылдьар дьоммутугар истиҥник махтанна. Уонна кэнчээри ыччат туһугар ыал ситимин эйгэтин олохтообут Мария Шаринаҕа, уолаттары ууска үөрэтэр Федот Максимовка – Дьукка Ууска, тутаах көмөлөөһүччүлэригэр Лариса Ноговицынаҕа, сиэл оҥоһуктарга үөрэтэр маастардарыгар Саргылана Ивановаҕа, балыктааһыҥҥа үөрэтэр Владимир Стручковка оскуолатын уонна Дьокуускай куорат дьаһалтатын үөрэҕин салаатын аатыттан махтал суруктары, бэлэхтэри туттарда.
Дьэ, бу буолар саха киһитин бэйэтин үтүө үгэһин, үөрэйэҕин, олоҕун күннээҕи сиэринэн тугу билбитин-көрбүтүн сайыннаран кэлэр көлүөнэҕэ хаалларыыта, норуот утумнаах өйүн-санаатын тутуу, куорат уонна тыа сирин дьүөрэлэһиитэ. Алаас ис хоһоонуттан үөскээбит «Алаас ыала» хамсааһын үлэтин түмүгэ көһүннэ.
Тэрийээччилэр ТХПК «Солооһун» салайааччыта Холмогоров А.Л. үс ньирэйи, үтэһэлээх эти, Екатерина, Юрий Михайловтар дьиэ кэргэн куурусса, бөтүүк, кролик (атыыр уонна тыһы), Марта Гиргорьевна (Төҥүлүлэр) кыһыҥҥы уонна сайыҥҥы сибэкки арааһын, майалар кус-хаас уонна атын нэһилиэктэр бэлэх бириис туруоран спонсордаабыттарыгар махталлара улахан. Улуус, нэһилиэк дьаһалтата тэрээһиҥҥэ улахан көмөнү оҥордулар.
Күндү күммүт күлүмнүү умайар, ытык ыйбыт ымайар орто туруу бараан дойдубутугар саха ыала барҕа майгытынан кэскилин кэҥэтэр, утумун тутар, ситимин ситэрэр «Алаас ыала» хамсааһын түһүлгэтэ саргылана, сайда, тэнийэ турдун.
***
Анна ХОЛМОГОРОВА
“Aartyk.Ru” анаан суруйда.
Оставить комментарий