Бастакы аан дойду сэриититтэн сахалары быыһаабыт саха саарыннара
Бастакы аан дайды сэриитигэр, ыраахтааҕы сахалары аармыйаҕа илдьээри хомуур биллэрбитэ. Онон саха омукка эстэр дьылҕа суоһаабыта. Ону Хаҥалас улууһун дьоно Баһылай Микиипэрэбис Силэппиэнтэп уолаттара Хабырыыс икки, Байбал икки, Дүпсүн улууһун киһитэ Күлүмнүүр – Баһылай Микиипэрэп сүбэтинэн, күүскэ туруорсан, суруйан-бичийэн сахалары ол сэрииттэн быыһаан тураллар! Ону мин суруналыыс Николай Иванович Максимовка иһитиннэрбиппин, тутатына өрөспүүбүлүкэ араадьыйатыгар таһааран кэпсэтиннэрбитэ.
Онно кини маннык курдук эппитэ:”Дьэ доҕор, биир да историктан истэ илик информациябын иһитиннэрдиҥ, онон араадьыйаҕа тахсан итини этэн кэпсээ эрэ”,- диэбитэ. Онно араадьыйа кэмитиэккэ кэлбиппэр, түбэлтэ бааттаах диэбиккэ дылы, учуонай Николай Климович Антонов киирэн кэлбитэ, кини Полина Перуашева биэриитигэр кыттаары кэлбит этэ.
Николай Климовичтыын балачча сэлэспиппит, онуоха учуонай Антонов олус үчүгэй сэһэннээх киһи эбиккин диэн хайҕаабыта, итиэннэ Москваҕа экономическай институту үөрэнэн бүтэрбиппин, идэбинэн экэнэмиис буоларбын истэн баран, бээ сахалар маннык кэпсээннээх экэнэмиистэрдээх буоллахпытына, инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан син сайдан иһиэхпит, диэбитэ…
Онтон номоҕун үһүйээнэ маннык: ыраахтааҕы сахалары сэриигэ ыытаары хомуур биллэрэр, дьэ араас нэһилиэктэр түөлбэлэриттэн, сайылыктартан, алаастартан, аар тайҕаттан да, хомуллан саха эр дьоно Дьокуускай анныгар Күөх Хонууга тоҕуоруспуттар, кинилэр бары отуу туттан хоноллор эбит, онон итиннэ улахан отуу түөлбэҥ үөскээбит. Манна хайа да ыһыахха мустубатах элбэх ахсааннаах, саха эр дьоно мустаннар борокуот аал кэлэрин кэтэһэн олороннор, таах сытыахтара дуо?! Тустуу тэрийэннэр элбэх киһи тустууга киирэн күрэхтэһэн бараллар.
Онно саҥа сүүрбэччэтин туолан хомуурга түбэһэн киирбит, биһиги дойдубут киһитэ, ырааҕынан аймахпыт, Халаччымыан Ылдьаа, аҕабар маннык эппитин өйдүүбүн:”Сорох дьон баҕар халымыр соҕустук сээкэйбитин эчэтэн, сэриигэ барыыттан быыһаныахпыт диэн санааттан, бэйэлэрин харыстаммакка харса суох бырахсан тусталлара”,- диэбитэ. Дьэ онно үгүс элбэх кыттааччыны түҥнэритэ быраҕаттаан, барыларын кыайталаан түмүккэ, билиҥҥинэн эттэххэ финалга, Өлүөхүмэттэн Мээнчэ Уола Күүстээх Харньыылап уонна Бороҕон улууһуттан Хаптаһын Сэмэн – Бөтүкүөп Сэмэн тахсаллар. Иккиэн да тэгил сиртэн тэҥнээхтэр көрсүбүттэр. Мээнчэ Уола Күүстээх Харньыылап аҥаардас тустар сыалдьатынан ыйааһыҥҥа тахсан турдаҕына 145 киилэни үктүүрэ үһү! Кини атыыһыт (коммивояджер) идэлээх киһи хаһан баҕарар ыйааһынын кэмнэнэр кыахтаах буоллаҕа.
Ол 145 киилэ ыйааһыннаах Күүстээх Харньыылап, илии да быһаҕаһа тас сыата суох, барыта былчыҥ уонна иҥиир эттээх хааннаах, мөҥүрүөн саха атыыр оҕуһун кытта муоһуттан ылан эт илиитинэн, тэҥҥэ анньыһан күөнтэһэр, тура күүһүнэн чиэппэрдээх бөҕөс эбит. Онтон Хаптаһын Сэмэн сааһыгар тустууга киһиттэн охтубатах, ааттаах сымса сылбырҕа, били этэргэ дылы биэс уон биэс быраҕар албастаах чыпчылҕан туттунуулаах, илиитигэр да бэрт модьу бөҕөс. Кини сүүс сааһыттан лаппа тахсан баран, ааспыт үйэ 70-с сылларыгар Даалыга олорон, ол аата мин обургу уол буолбутум кэнниттэн анараа дойдуга аттаммыта.
Оҕонньор сүүсчэкэтигэр чугаһаан сырыттаҕына, Даалы уолаттара дьээбэлэнэн талах олоппоско олорон эрдэҕинэ, олороро бу кэлбитин кэннэ, талах олоппоһу эмискэ сулбу тардан ылаллар эбит, онуоха Сэмэн оҕонньор сиргэ кэлэн лах гына олоро түспэккэ, атаҕынан уруускайдыыр курдук тэбиэлэнэн, өрүһүнэн туран кэлэрэ үһү.
Дьэ инньэ гынан Күөх Хонууга түмүккэ, Күүстээх Харньыылап уонна Хаптаһын Сэмэн түһүлгэҕэ тахсан тусталлар. Күүстээх Харньыылап киирдэ киирээт кимэн барбыт, икки өттүнэн кырыыбайдаан, иҥнэҥнэтэн атаҕынан тэбиэлээн куһурҕатан, илиитинэн сулбурута тардыалаан утарсааччытын түөрэҥнэтэ сатаан киирэн барбыт. Онуоха Хаптаһын Сэмэн холкутук туттан, утарсааччытын тэбиэлииригэр биирдэ да таптарбакка аһарталаан биэрэн, илиитигэр мүччү хаччы туттаран эргийэ көтө сылдьыбыт.
Дьэ туран ол сылдьан, Өлүөхүмэ бөҕөһө утарылаһааччытын биирдэ бобо харбаабычча өрө көтөҕөн таһааран, өттүктүүрдүү быраҕан кууһуннарбытыгар, Хаптаһын салгыҥҥа эргичис гынан, аҥаар атаҕынан сиргэ үктэниэхчэ буолаат, соҕотохто умса халбарыйан, көрүөх бэтэрээ өттүнэ, билиҥҥинэн эттэххэ контрприемнаан, Харньыылабы бэйэтин сиргэ төкүнүтэн, хара буорга бурҕачыс гыннарбыта эбитэ үһү. Дьэ Бороҕоттор уруйдуу айхаллыы түһэллэр.
Онуоха Өлүөхүмэлэр киһигит астыга суохтук кыайда, онон дөксө биирдэ кииристиннэр диэбиттэригэр, Бороҕоттор оҕус тириитэ иккиһин сүлүллүбэт, онон хоттордугут, диэн батан кэбиспиттэрэ үһү! Ол кэнниттэн Күөх Хонууга мустубут сахалар, ыраах аат дойдутугар сэриигэ барабыт, төттөрү эргиллэрбит биллибэт, онон кэриэспитин аһаан сиэн хаалыахха диэн, сиэтэн илдьэ кэлбит сүөһүлэрин сүүскэ биэртэлээннэр, сайбарыынныыр кэриэтэ курус арахсыы малааһынын оҥороллор эбит.
Дьэ онтон доҕоттоор, биир үтүө сарсыарда Күөх Хонууга, эттээх аты тэлиэгэҕэ көлүйэн, тэлиэгэ үрдүгэр икки киһи турбутунан, сүүрдэн көтүтэн киирбиттэр. Бу Баһылай Силэппиэнтэп уолаттара, ини бии Хабырыыс икки Байбал икки эбиттэрэ үһү. Дьон һуу һаа буолан айманан, тэлиэгэни хас да тыһыынчанан киһи, хас эмэ сүүс илии төгүрүччү эргийэ турунан кэбиспиттэр.
Дьэ ол кэннэ, бырдах көтөр тыаһа да иһиллэр, уу чуумпута сатыылаабытыгар, Хабырыыс Силэппиэнтэп маннык эппит:”Дьэ доҕоттоор, урааҥхай убайдарбыт, бырааскай бырааттарбыт, сахабыт дьоно! Биһиги туруорсуубутун ыраахтааҕы былааһа ылынна, инньэ гынан эһиги сэриигэ барбат буоллугут, онон түргэн тарҕан соҕустук хомунаҥҥыт дойдуларгытыгар, дьиэ кэргэттэргитигэр бара охсуҥ, тарҕаһыҥ!”,- диэбитигэр, балай эмэ чочумча уу чуумпу турбут Күөх Хонуу үрдүнэн Уруй-Айхал сатараабыт, Айгыл-Мичил дьуораһыйбыт!
Урааҥхайдыы Уруй-Айхал хаһыылаах, киэҥ отуу түөлбэҥ киин түһүлгэтин тэлиэгэ үрдүттэн эргиччи көрөн турбуттар Хабырыыс икки Байбал икки. Оо дьэ, ол онно доҕоттоор, тэлиэгэ үрдүгэр тураннар ини-бии Силэппиэнтэптэр сүргэлэрэ көтөҕүллэн, куттара сүрдэрэ үөрүү дьолунан туолан, тугу саныы-толкуйдуу турбуттара буолуой? Бука Хабырыыс үөрэн хаһылыччы көрөн туран, ыраахтааҕыга тиийэн сахалар тустарыгар туруорсубут биир дойдулаахтарын, Дыгын сиэнэ, Бөдьөкө уолун Маһарыны уонна кинилэр сыдьааннарын Соппуруон Сыраанабы санаабыт буолуохтаах. Онтон Байбал эриличчи көрө-көрө, саха өркөн өйдөөҕүн, ыраахтааҕыга тиийэн туруорсан саха омук олоҕор элбэх үчүгэй үтүө киирэрин ситиспит, Бороҕон улууһун олохтооҕун Сэһэн Ардьакыабы, санаабыт буолуохтаах, диэн сэрэйэбин.
Дьэ доҕоттоор, Күөх Хонууга саха эр дьоно барахсаттар, бу сырыыга дьиҥнээхтик быыһаныы, өрүһүллүү үөрүүлээх малааһынын тэрийэн, дьэргэстэй ыһыаҕын ыспыттара үһү. Ити курдук, Хаҥалас улууһун дьоно, оччолорго букатын эдэр саастаах, иниз-бии Хабырыыс уонна Байбал Силэппиэнтэптэр уонна ийэтинэн кинилэр уруулара, саас ортолоох Дүпсүн киһитэ Күлүмнүүр – Баһылай Микииппэрэп сүбэтинэн түргэнник туттан-хаптан, суруйан-бичийэн туруорсан, бар дьоннорун эстииттэн быыһаабыттара эбитэ үһү!
Дьэ көрүҥ бу, оччотооҕу саха интэлигиэнсийэтэ барахсаттар, хайдахтаах курдук күүстээх туруорсуулаах, кыахтаах кэпсэтиилээх дьонуй! Түргэнник туттан-хаптан, суруйан-бичийэн, оччотооҕу курдук сибээс ситим сайда илигинэ, суотабай төлөпүөн да, интэриниэт да үөскүү илигинэ, хайдахтаахтык киирсэн туруорсан, туруулаһан, бар дьоннорун туһугар кыайыылаах түмүгү ситиспиттэрий? Сөҕүмэр ситиһии, үйэлэргэ өлбөөдүйбэт үтүө дьыала, хаһан да халбарыйбат хайҕаллаах хамсаныы буолар!
***
Одун-Түһүнэй Б.,
социальнай ситимтэн
Оттон билигин салалтабыт теье быыьыыр?