Баҕа баҕатыгар?
Соторутааҕыта бааһынай хаһаайыстыба салайааччытын кытары ону-маны, ардаҕы-хаары, үүнүүнү ырытыһан баран буола турар быһыыны-майгыны кэпсэттибит:
-Урут Германияҕа “Зеленая неделя” диэн тыа хаһаайыстыбатын дьаарбаҥката ыытыллара. Ол онно биһигини – “бааһынайдары” илдьэн аан дойдуга тыа хаһаайыстыбатыгар туох ситиһии, технология, боруода, үлэлиир ньыма баарын көрдөрөллөрө. Биир бастакы сырыыга мин эмиэ испииһэккэ киирэн Германиялыыр буоллум.
Омукпут сиригэр Берлиҥҥэ тиийдибит. Онуоха ол дойдуга олохсуйбут, ньиэмэс эрдээх саха дьахталлара биһиги дэлэгээссийэбитин кытары көрсө кэлбиттэр диэн буолла. Дойду сонунун истэ, аһын амсайа, сахалыы кэпсэтээри-сэлэһээри. Көрбүппүт: хас да сааһыран эрэр мааны баҕайы саха дьахталлара тураллар. Сэлээппэ, вуаль, тоҥолохторугар диэри бэрчээккэ, салпыакка бөҕө. Биһиги тыа үлэһит дьоно бастаан мааны дьахталлартан кыбыста быһыытыйдыбыт. Онтон син билсэн-көрсөн, кэпсэтэн-ипсэтэн ирдибит.
Ол курдук нэдиэлэ тухары ол дьахталларбыт солбуһа-таары биһиги павильоммутуттан арахпатылар. Барарбыт саҕана саха “бааһынайдара” бары кыттыһан остуол тэрийдибит уонна ол “немкаларбытын” ыҥырдыбыт.
Дьахталларбыт (кинилэр эрэ буолуо дуо, бары да) остуол ортото биллэ холуочуйдулар. Дьэ уонна туох баалларын тоҕо тэбээтилэр, суланнылар, ытаатылар, ээ: “Таах омукка эргэ баран!”. Эдэр-сэнэх, кыраһыабай эрдэхтэринэ ытыс үрдүгэр, эр дьон болҕомтотун ортотугар сылдьыбыттар. Онтон сааһырыы, кырдьыы саҕана эрдэрэ да баардылаабат, астыммат буолбут, туора-маара, арахсыы, тус-туһунан олоруу саҕаламмыт. Оҕолоро, бэл, төрөппүт ийэлэриттэн кыбыстан дьонноох сиргэ туспа сылдьаллар эбит. Дьэ, истиэххэ сүрдээх этэ. Аһыммыт иһин хайыаххыный, бэйэлэрэ талбыт олохторо буоллаҕа.
Онон, баҕа баҕатыгар, чоху чохутугар диэн мээнэҕэ эппэттэр быһыылаах. Оннооҕор биир Россия иһигэр менталитеппыт атын-атын. Ол ньиэмэстэр диэн букатын атын өйдөөх-санаалаах омук, дойду буоллаҕа.
Кыраһыабай олох, хартыына туһугар кыргыттарбыт барахсаттар омук дойдуларыгар тахса, эргэ бара тураллар. Кэлин ити “немкалар” курдук кэмсиммэтэллэр ханнык. Дьахтар сэбэрэтин үйэтэ кылгас ээ. Омугуҥ эн дууһаҥ кэрэтин өйдөөн көрөр кыаҕа суох: атын өйдөөх-санаалаах, тыллаах-өстөөх, култууралаах. “Экзотика” диэн хараҕынан хайҕаан эдэр эрдэххинэ умсугуйуо. Онтон кырдьар-бохтор сааскар “экзотика” сүтэр буоллаҕа.
***
Aartyk.Ru
Фото: Александр Попов / РБК Черноземье
чоху чохутугар.
Дьэ диэ.
Оннук бөҕө буоллаҕа,өбүгэлэрбит сөпкө этэн хааллардахтара!