Атын кэм
Быйыл сайын Абыйга туох да омуннаах уот туран дэриэбинэлэри сии сыста. Онуоха абынан-хомуһунан аатырбыт Абый кырдьаҕас сыдьааннара сүбэлэһэн, биир кэмҥэ сиэр-туом оҥоруохха диэн сиэр-туом ыыппыттарын туһунан кэпсээн баара. Кырдьык-хордьук сиэр-туом оҥорбуттарын кэннэ, Абыйга туох да улахан ардах түһэн, тыаллара уларыйан, уоттара намыраан, мөлтөөн атын өттүгэр хайыспытын туһунан сөҕөн суруйбуттара. Ол туһунан кылгастык телеграм-каналга биллэрбиппэр биир комментатор: “Мракобесие! Аартыктар хайдааэрэболтар”, – диэн суруйбут этэ. Иккис комментатор: “Бүгүн аны православнайдар баһаары утары молебен оҥороллорун туһунан сонун баар дии. Сахалар да тоҕо сиэр-туом оҥоруо суохтаахтарый?” – диэн онуоха хардарбыт этэ.
“Мракобесие” диэтэллэр да, туох баар бырааһынньык, малааһын, тэрээһин буоллун Айыыларбытын, иччилэрбитин күндүлээн аал уот оттон сиэр-туом оҥоробут. Итинник сиэр-туом судаарыстыбаннай таһымҥа тахсыбыта ыраатта. Оскуола, дьыссаат аһыллыыта буоллун, дьиэ малааһына буоллун – ким да ону омнуолаабат. Ол аата саха итэҕэлин биир сиэрэ – “хараҥа норуотунан” эрэ буолбакка, үөрэхтээх-хаардаах, чыыннаах-хааннаах тойонунан-хотунунан тутуһуллар, билиниллэр таһымҥа таҕыстаҕа.
Билигин Ил Түмэҥҥэ – сокуон суруйар үрдүкү уоргаҥҥа – Норуот эмчитин күнүн оҥоруохха диэн тыл көтөхтүлэр. Ити аата саха итэҕэлэ официальнай таһымҥа, сокуон таһымыгар тахсан эрэрин туоһута буолар. Православие, буддизм, ислам – Россия официальнай итэҕэллэрин кэккэтигэр Тенгрианство да киирдэҕинэ туох куһаҕаннаах үһү?
Ойууттар, удаҕаттар, кинилэр эмтиир ньымаларын туһунан элбэх кинигэ тахсар. Ол туһунан сахалар эрэ суруйбаттар, араас омук учуонайдара, этнографтара эмиэ суруйан эрэллэр, наука өттүнэн быһаарарга холоноллор.
Өскөтүн биһиги орто саастаах, аҕам саастаах дьон өйдөбүлбүтүгэр дьиҥнээх ойууннааһын былыр эрэ баар этэ, кэлиҥҥи ойууннартан Савей, Куома Чааскын, Ньыыкан кырдьаҕас, Абый кырдьаҕаһа Константин Чирков ааттарын ааттыыр буоллахпытына, билигин мунан олоробут. Аныгы сахалары саамай сөхтөрбүт феноменынан Күннэй Кардашевская дьылҕата буолар. “Ойууттар-удаҕаттар төннөр кэмнэрэ кэлбит”, – диэн эмиэ да дьулайа, эмиэ да сөҕө-махтайа истибиппит. Биһиги санаабытыгар ойуун-удаҕан кырдьаҕас буолуохтаах этэ. Ол гынан баран Күннэй эдэркээн оҕо этэ эбээт. Кини саҥа кэм кэрэһитэ буолбута эбитэ дуу?
Дьикти кэмҥэ үктэннибит. Олоҕурбут, үөрэммит, үгэһирбит көрүүбүт, өйдөбүлбут сахсыллан, дьалкыллан букатын уларыйан эрэр. Дьикти ыччат, оҕо элбээтэ. Көрүүлэнэр да буоллулар, эмтиир да буоллулар, бөлүһүөктүүр да буоллулар. Олох саҥа атын ньыманан.
ЭДЭР ОЙУУН
Үс сыл анараа өттүгэр ойуун кыырыытыгар сылдьыаҥ диэбиттэрэ буоллар күлүөм этэ. Ол бэйэм бу тиийэн кэллим – саха балаҕаныгар, имик-самык көмүлүөк уотугар, эһэ тириитинэн бүрүллүбүт лүҥкүнүүр дүҥүрдээх, арбаҕастаах таҥастаах былыргы ньыманы саҥардан эмтиир эдэр уолга. “Эмтиирин көрүөхпүн баҕарабын”, – диэн Света Иннокентьева нөҥүө ыйыттарбыппар: “Ээ, кэллин,” – диэн кэбэҕэс баҕайытык ээх диэбитигэр тиийэн кэллэҕим.
Бу ойууну уулуссаҕа көрбүтүм эбитэ буоллар эдэр киһи курдук эдэр киһи, туох да уратыта суох диэм этэ. Сырдык хааннаах, сэҥийэтигэр бытыктаах, сахалыы ылбаҕайдык саҥарар, эйэҕэс мичээрдээх, эдэр ыччат сиэринэн аныгылыы быһыылаах таҥастаах.
“Үс саастаахпар диэри көрө сылдьарбын аахайбат этим. Киһи барыта көрөр дии саныырым. Онтон арай улаатан истэҕим аайы мин саҥарарбыттан, кэпсэтэрбиттэн дьон куттанарын билэн, сыыйа-баайа “хайдах хайдаҕый” диэн мунааран барбытым”, – диэн уол көмүлүөккэ хардаҕас быраҕа-быраҕа холку куолаһынан кэпсиир. “Куота сатаан баран кыайан куоппатым. Билигин ылынарбар эрэ тиийэбин”, – диэн эмиэ да сонньуйбуттуу, эмиэ да санныттан сүгэһэр түһэрбиттии үөһэ тыынар.
Айылҕалаах ыччат кэпсэтэриттэн сиэттэрдэххэ, ким да маннык олоҕу баҕа өттүнэн талбат. Наар куотар, куотунар аакка сылдьан баран кэмниэ-кэнэҕэс муннукка хаайтараллар эбит. Хата, төттөрүтүн наһаа баҕарар киһиэхэ талааны биэрбэттэрэ эмиэ дьикти. “Айылҕалаахпын” диэн бэйэлэрин албыннаныахтарын сөп эрээри дьиҥ иһигэр киирдэххэ кураанахтар.
Эмтэнэ кэлбит кыыһы кытары мин саҥардыы чугастык билсэн эрэбин. Л. сотору-сотору харах балыыһатыгар киирэн укуоллатар, эппэрээсийэлэтэр. Биирдэ оннук хараҕар укуоллатан баран миэхэ чэйдии кэллэ. Ону хаһааҥҥыттан хараҕыҥ ыалдьар буолла диэн ыйыппыппар: “Уонча сыл дуу”, – диэтэ.
Арай кэпсээниттэн билбиппит олох да дьикти ыарыы буолан биэрдэ. 26-27 саастааҕар сытыы-хотуу, дьаһаллаах кыыс умнуллан эрэр оҕо лааҕырын сөргүтэргэ сананан лааҕыр дириэктэринэн анатар. Улаханнык ким да кыайбатах, атаҕар туруорбатах тэрилтэтигэр ымсыырааччы суох буолан кыыһы саатар эрэ аныыллар. Дьиэни-уоту сөргүтэн, өрөмүөннэтэн, кумааҕыны-докумуону бэрээдэктээн, үтүмэн тэрилтэни кытары илии охсуһан оҕо бөҕөнү сынньалаҥҥа хомуйар.
Ол сылдьан лааҕыр аттыгар былыргы өтөҕү (бэйэтин өбүгэлэрин сирэ) оҕолор тахсан оонньуулларын иһин өтөх оннун хомуйтарар. Ол быыһыгар сүүнэ улахан хаппыт кэрэх мас турарын эмиэ ыллараары оробуочайдарыгар эппитин буолумматтар. Аньыыргыыллар. “Олох киһи хараҕын аалар!” – диэн тыл быраҕар. Ол түүн икки хараҕа бөлтөччү иһэн, өй-мэй тулуйбат ыарыыта буолан ыалдьан турар.
-Эс, сахалыы ыалдьыбыккын ди, хотуй! – диэн саҥа аллайабын.
-Оччолорго олох оҕо буоллаҕым, өтөҕү ыраастыах иннинэ көҥүл сиэрин-туомун оҥотторуохтаахпын билбэппин. Бу кэлин сахалыы итэҕэл диэн сөргүйэн эрэр дии. Чэ, ол кэнниттэн балыыһалана сатаан баран Аммаҕа эмчит баар үһү диэни истэн онно бардыбыт. Эмчитим тута көрөөт, кэпсээммин истибэккэ да “маскын баран арыылаах алаадьынан аһат, көрдөс” диэн эттэ. Тиийбитим маһым ортотунан тостон хаалбыт, тураахтыыр. Тостубут сирин арыынан аҕаан, тэллэҕэр алаадьылаан көрдөстүм.
…Уонна, оттон бу сылдьабын, – диэтэ.
Мин билэрдии Светаҕа эппиппэр, кырдьык да “сахалыы ыалдьыбыт” диэн буолла, былыргылыы эмтиир ойуун уолга тиэрдиэм диэтэ. Айылҕалаах дьон көрүүлэнэн “өтөх кирин-хоҕун бу кыыс бэйэтигэр ылбыт, бэйэтэ да баардаах эбит, өбүгэлэрэ эмтиир дьоҕуру биэрэ сатыыллар, онтун ылыммат, ол эрээри киниэхэ талларардаах” диэтилэр.
“Талларардаах” диэн бэйэҥ талар кыахтааххын. Дьоҕуртан аккаастанан, сир киһитин сиэринэн көннөрү олоҕунан олоруоххун сөп, эбэтэр эмтиир суолу талаҕын. Ол ыарахаттардаах, толуктаах. Өбүгэлэр итинник сороххо таллараллар, оттон сороххо талларбаттар эбит: эбэтэр ылынаҕын, эбэтэр бараҕын… букатын.
Л. биллэн турар көннөрү олоҕу талабын диэн быһаарынна. Дьэ, ол кэнниттэн ойуун уолга Дь. тиийдибит.
Дь. дүҥүрдэммитин кэпсээнэ эмиэ дьикти. Баһылай Атлааһап айылҕалаахтар дүҥүрдэрин оҥорор уустартан биирдэстэрэ. Этиттэрэллэр эбит: туохтан кимиэхэ оҥорорун. Мин өйдөөбүппүнэн, саамай үрдүкү таһымнаах ойууттар, удаҕаттар тыатааҕы тириититтэн дүҥүрдэнэллэр. Күүһү ылыныы биир, суолу талыы араас-араас. Үрүҥ суолунан баран иһэн хараҥаҕа халыйбыт айылҕалаахтар эмиэ элбэхтэр. Үрүҥ уонна хараҥа икки арда олус чараас, бэйэҥ да билбэккэ, билиммэккэ харанан баран хаалыаххын сөп. Барар судургу, төннөр уустук. Урукку ойууттар, кэмэ оннук буолан, Сир намыһах энергиятынан үлэлииллэр эбит. Билигин атыннык, ыраастык үлэлиир Куйаар ситимиттэн утахтанар ойууттар, удаҕаттар баар буоллулар – аныгы кэм кэрэһиттэрэ, илдьиттэрэ. Ити эмиэ туспа дьикти кэпсээн.
Дь. икки улахан өбүгэлээх – Ньыыкан кырдьаҕас уонна Алыһардаах Аана. Атлааһапка Ньыыкан кырдьаҕас тыатааҕы тириититтэн дүҥүрүн оҥотторбут уонна сиэммэр Дь. биэр диэн соруйбут. Онон Дь. икки үлэлиир дүҥүрдээх – эбэтин уонна эһэтин күүстэрин биэрэр дүнүрдэр.
Дь. ойуун таҥаһын таҥныан-саптыан иннинэ миэхэ туһаайан:
“Былыргылыы, үгэһирбит эмтээһин ньыматынан эмтиибин эрээри аныгы, саҥа ойууннааһын көрүҥүн туттабын”, – диир.
Ол аата Куйаар ыраас энергиятынан. Бастаан ыраастыыбын диэтэ, оттуллубут көмүлүөк оһоҕун иннигэр тирии олбохтоох олоппоско Л. олорто, мин Светалыын балаҕан эркинин сырса тутуллубут ороҥҥо көрөн олоробут. Дь. кыыс иннигэр-кэннигэр “күрүө” оҥоробун диэн туох эрэ отун бытарытан субуйа кутар, чүмэчи уурар, тахсар ааҥҥа арааһа эһэ тыҥыраҕын уурда быһыылаах: “Куһаҕан тыын куоппатын”, – диэн. Аанынан сылдьар эбит. Итинник моһол уурбатаҕына куотан тахсан таһырдьа кэтэһэн олорон киһиэхэ төттөрү хатаастар диэн буолла.
Ойууттар, удаҕаттар турукка киирэллэригэр сирэйдэрин бытырыыстаах быанан саба бааналлар. “Тоҕо?” – диэн Светаттан ыйытабын:
“Чараас эйгэ этэ-сиинэ суох, салгын, энергия, оттон киһи – кытаанах эттиктээх, материальнай буоллаҕа. Ойуун кыырар кэмигэр портал аһыллар, чараас эйгэни эт хараххынан көрдөххө эттэнэн-сииннэнэн биһиги эйгэбитигэр тахсар (материализуется)”.
Онуоха Ойуунускай Улуу Кудаҥсата өйбөр охсулунна. Чачыгыр Таас ойуун сүгэнэн Чолбону кэрдэ турдаҕына эдэр дьахтар хотоҥҥо киирэн түннүгүнэн халлааны көрбүтүгэр ойуун сүгэтин мүлчү тутан “абаккабыын!” диэн хаһыытаабытынаан таҥнары сурулуурун санаатым.
Дь. дүҥүрүн охсор кэмигэр харахпытын симэн олордубут. Бастаан эбэтин дүҥүрүнэн оҕуста быһыылаах, тыаһа арыый хатан, оттон эһэтин дүҥүрэ лүҥкүнээн сүрдээх. Бүтэй киһи буоларым быһыытынан, этим-сииним туругунан эрэ туох буоларын сэрэйэбин. Харахпын симэн олордохпуна фотоаппарат чаҕыл уотун курдук сырдык уот сардыргыырга дылы – харахпын уоран астахпына көмүлүөк уота эрэ умайар, туох да эмискэ чаҕылыҥнаабат. Онтон эмиэ сабабын. Эмиэ чаҕылыйар. Дүҥүр, уопсайынан барабан тыаһын киһи-аймах омугуттан тутулуга суох сөбүлээн, сүгүруйэн истэр. Саха дүҥүрүн тыаһа сүрэх тэбэрин курдук: арыт түргэтиир, бытаарар, төлө ыстаныах курдук мөхсөр… Киһи сүрэҕэр сааллар.
Дь. лүһүгүрэтэрин быыһыгар дөрүн-дөрүн букатын атын суон куолаһынан кутуран ылар. Хайдах эрэ кутталлаах соҕус.
Ойуун үлэлээн бүттэ. Кыыспыт сирэйэ-хараҕа өрүкүнэйбит. Айылҕалаах дьон тугу эрэ ботур-ботур кэпсэттилэр, үөрдүлэр. Ыарыыны тутан ылан кыйдаатыбыт диэн буолла.
“Ыарыы иччитэ диэн – энергия буоллаҕа, төһөнөн хаппахтаммыт, тууйуллубут соччонон мунньуллан улааппыт, күүһүрбүт энергия. Тууйуллубут эмоция. Ол искэр сылдьан эйигин сүмэҕин супту эмэр”, – диэн Света быһаарар.
Билигин Л. салгыы олоҕун суолун бэйэтэ быһаарар. “Сөп, кэмэ кэллэ диэтэххинэ маннык гынаар, оннук оҥороор”, – диэн сүбэ-соргу этилиннэ.
Мин бу аныгы айылҕалаах ыччат философиятын – киһи бэйэтин баҕатын өрө туталларын олус сөбүлүү истэбин, ылынабын. Киһи – көҥүл, бырааба, баҕата, талыыта – бэйэтин киэнэ.
(Салгыыта бэчээттэниэ).
***
Туйаара НУТЧИНА,
Aartyk.Ru
Салгыыта хаhан?
Круууутооо!