Курс валют
$
104.24
1.95
110.2
1.82
Курс валют
Курс валют
$
104.24
1.95
110.2
1.82
Меню
Поиск по сайту

Александр ЖИРКОВ мандата салгыҥҥа ыйанна?

10.08.2018 14:48 59
Александр ЖИРКОВ мандата салгыҥҥа ыйанна?

Эсердэр аны күн бэҕэһээ Бороҕоннооҕу биир мандаттаах быыбардыыр уокурукка Александр ЖИРКОВ саппаас хандьытаатын – Андрей ПУХОВЫ суутунан уһултаран кэбиспиттэр. ПУХОВ партията суох бэйэтэ быыбарга киирсэр хандьытаат этэ. Киһи барыта билэринэн, кинини ЖАН саппаас  оҥостон быыбарга туруобута.

Билигин инньэ гынан, ЖИРКОВ аллар өстөөҕүн кытары Аркадий Алексеевтыын (СР) иккиэйэҕин чолойон  хаалан хаалбыттар. АЛЕКСЕЕВ чорбоҥолоон собус-соруйан быыбарга кыттартан аккаастаннаҕына, ЖИРКОВ мандатыттан көрөн туран матыан сөп. Альтернативата суох – быыбар дьиҥэ суоҕунан ааҕыллар. Аны атын киһини туруоруон – поезд бара турбут, Бэстээххэ тиийбит, регистрация бүппүтэ быданнаата.

Билигин Жирков спикер эрэ тайма, депутат да буолуо суоҕун сөп курдук балаһыанньата үөскээбит. Сорохтор ЖИРКОВЫ “Тумууһап атаҕар умса түс” диэн сүбэлээн эрэллэр. ХадаарЛөгөй оннук гынара саарбах. Аны үҥпэтэҕинэ – кэнэҕэс дьылҕата эмиэ кэниэһэ буолар. “Альтернатива суох” диэн итини этэн эрдэхтэрэ.

***

Aartyk.Ru

Обсуждение • 59

Добавить комментарий
  1. Будь проще и тебе потянутся лю

    Финита ля комедия 😃

  2. 777

    Сиэрдээхтэр сууттаһа оонньууллара туох да үчүгэйгэ тириэрдиэ суоҕа. Бэйэлэрин норуоттарыгар куһаҕаны гыналлар. Уустук кэмнэр иһэллэр, сахалар бэйэ бэйэбитин түһэн биэриэрбит туох да үчүгэйгэ тириэрдиэ суоҕа

  3. Кэптэниттэн тэруттээх киьи

    Киьи сонньуйар. Утары киирсиигэ хотторор буолан, онон манан киирдэхтэрэ. Аркадий Алексеев кыратык эмит тэрээбут Уус Алданын патриота буоллазына улуус дьонун туьунан саныа, устунуо суоза. Кини Кэптэнитин дьоно уксэ Жирков диэки. Чугас эргин суох оскуоланы Жирков Кэптэнигэ туттарбыта. Уус Алданнар депутата суох Единайтан аны сылга дылы хааллахтарына, олохтоохтор ыараханнык ылыналлара биллэр…

  4. 777

    Сиэрдээхтэр сууттаһа оонньооннор бэйэлэрин норуоттарыгар куһаҕаны гыналлар. Уустук кэмнэр иһэллэр, сахалар бэйэ- бэйэбитин түһэн биэриэрбит туох да үчүгэйгэ тириэрдиэ суоҕа.

  5. 9655

    Алексеев Уус Алдан уонна Мэнэ Ханалас олохтоохторун дьыл5ата эйигиттэн тутулуктаах, партиян соруйбутун да иьин устунума

  6. Тамара

    Ити аата дуо норуоттарын туьунан толкуйдара?! Сиэрдээхтэр сиэрэ суох быьыыланаллара халыыптара биирэ тугун сурэй. Жирков курдук дьиннээх дьокутаат, профессионал дьокутаат суогун кэриэтэ.

    • Александр

      ЖАН бириэмэтэ ааспыта, бэйэтин дьонун учугэй уолаттары барытын сиэбитэ!!! Федотов курдук киьини ойуур туох да уровеня суох киьини суолгутун корун бастаан!!!

  7. Антижирков

    “Жирков курдук профессионал депутат” диэбиккэ дылы… чахчыта да оннук. Кисини билэр буолуоҕуттан, онтон атын тугу да үлэлээн туһалаабатах дууса. Ити тухары Уус Алдаҥҥа кинини солбуйар кыахтаах ыччат үөскээбэт муҥа буоллаҕа. Ити кисигит Ил Түмэҥҥэ олорон таҥаралыыра буолуо.

  8. Истибит

    Былырыын аркадий булуҥ главатын быыбарын кыайбыта , онтон сарсыныгар биир лишнай бюллетень аннараа киһи туһатыгар көстөн хотторбут аатырбыта. Сылы быһа сууттаспыта да туһа суох. Уол ыксаан жирковка киирэ сылдьыбыт курдук. Ону биир үс букваҕа ыыппыт , землягим диэбэтэх

  9. Һөҕүҥ

    Жирков диэ. Кырдьык Тумууһапка бокулуоннаан тиийэр балаһыанньа буолбут. Холобура мин билэрбинэн Горнай өрүөлэ доверенность суруйбут диэбиттэрэ, онон ол Шамаевы устарга үҥсүбүтүн туһунан СМИ нөҥүө истибит диэн күлсэллэрэ. Онон ол Аркадий үҥсэрин-үҥсүбэтин бэйэтэ быһаарбат, Тумууһап быһаарар буолбута биллэр суол.
    Онтон Тумууһабы Жирков улаханнык атаҕастаан, киэптээн турардаах, анараа киһи опалаҕа мөлтөөн сылдьар кэмигэр. Арааһа Тумууһап күлэ-күлэ күлүн таптайара буолуо диэн сэрэйэбин. Жирков ЖАН диэн дорҕоонноохтук иһиллэр аата тэпсиллэр кэмэ кэллэ быһыылаах.
    Сөп дии, киэптиирэ-киэбирэрэ сүрэ бэрт этэ. Оннооҕор дьонноро, Уус-Алданнар сөҕөллөр этэ, хайа муҥун хал да буоллахтара. Уонна бэрт былдьаһан, саамай кырдьаҕас депутат аатыраары Уаровы кини туораппытын холбокутугар мэйиилээх дьон бары да уже өйдөөн олороллор. Сөдүөккэ махтаныахтара эрэ.

    • Мария

      Сахалар барахсаттар а5ыйахпыт да бэрт. Биьиги тумус туттар дьоммут Александра Николаевич, Федот Семенович саха норуота сайдарын туьугар олохторун, улэлэрин анаабыт дьоннор. Еркен ейдеех, кене майгылаах, сатабыллаах салайааччы буоланнар саха дьонуттан кинилэри билбэт киьи суох ди саныыбын. Сокуон сокуонунан, ол гынан баран киьилии сыьыан, сиэр-майгы элбэ5и быьаарар буолуохтаах. Федот Семенович, Аркадий Николаевич тус бэйэлэрин интириэстэрин ере туппакка септеехтук дьаьаналлар ини диэн саха дьоно-сэргэтэ эрэллээх буолуохпутун наада. Киьини уе5эр, сэмэлиир хаьан ба5ар чэпчэки, тем более билицци социальнай ситмнэр сайдыбыт уйэлэригэр. Онно эн сирэйин да дьицнээх аатын да кестубэт, туох да эппиэтинэьи сукпэккин. Ол гынан баран дьоммутун, салайааччыларбытын харыстыахха наада ди саныыбын, кинилэр эмиэ дьоннор ээ. Хас биирдии киьи тус бэйэтин эрэ кыьал5атын санаабакка, сомо5олоьор, то5оостоох кэм уунэн кэлбитин ейдуех тустаахпыт

  10. Сахабын

    Оо дьэээ жирковтаахпыт уус алданнар комускэьэр ээ́, кырдьык да атын сана ойдоох, эдэр киьи суогар дылыыы, вставные иьинэн оссо тугун ньалбатан хас сыл олордоору ити Жан диэннэрин, уйэ чиэппэриттэн ордук ус партияга суурэ сылдтыбыт биир кэлии санаата суох соьуллан иччэ депутаттаан биир икки оскуоланы туруорсуо суога дуоо, иннэ Саха бэйэбитин сиэьээьин суох, дьон сонньуйан хабарга буолбут киьи тозтуоо да эбииит!!!!

  11. Биир дойдулаахтара

    Уус Алданнар наьаа ыйыы хоту сылдьыбат дьон, бэйэлэрин санааларын этинэр дьон, Грудининца да куоластаабыттара. Быыбарга эруу ким да куьэйиитинэн буолбатах, бэйэлэрин санааларынан куоластыыллар. Уус Алданнар киэн туттар, чулуу кыыспыт, Кэптэни, улуус патриота Зоя Егоровна Олесова- Тумусоваза эрэнэбит. Кинилэр улуус дьонун-сэргэтин убаастан, быыбары ыыттарыахтара, ити сымыайана интриганы таьаара сатыыр дьонтон урдук, муударай буолуохтара диэн. Бары да …

  12. сахабын

    Уус алданнарга атын оройуоннар ымсыырааччылар, биьиэхэ да Жирков курдук депутат баара буоллар. Кырдьык да кини курдук улууьун туьугар бэриниилээхтик улэлиир, кыьаллар депутат ахсааннаах.

    • Александр

      Тугу онордой уус алданна? Гааьы халыппыта , суолу онорторбото и т.д! Ити глава улэтэ онно того кыттыьар , депутат диэн сокуону коруохтээх! Туох баар саха баайын атыылаабыт киьи кини илиитин уунан туран!!!

  13. Сулус

    Киэбиримсэ, улахамсык киьичээни Тумус тохтоторо буолуо ээ. Сал5ыы керен иьиллиэ😂

  14. Уус-Алдантан теруттээх

    Биьиги Уус -Алданнар Жирков Александр Николаевич треспублика биир улахан бэриниилээх салайааччыта буоларынан киэн туттабыт, кини Ил Тумэн спикерын быьыытынан улэтин улаханнык сыаналыыбыт. Биир дойдулаахпыт Аркадий Алексеев дойдутун дьонун утарыа суога диэн куускэ эрэнэбит, Федот Тумусов Уус – Алдан биир кэрэ уонна ейдеех кыыьын Зоя Тумусова кэргэнэ тумус туттар уолбутун кытта биир ейге санаага кэлиэ диэн эрэнэбит

  15. Уус-Алдантан теруттээх

    Биьиги Уус -Алданнар Жирков Александр Николаевич треспублика биир улахан бэриниилээх салайааччыта
    буоларынан киэн туттабыт, кини Ил Тумэн спикерын быьыытынан улэтин улаханнык сыаналыыбыт. Биир дойдулаахпыт Аркадий Алексеев дойдутун дьонун утарыа суога диэн куускэ эрэнэбит, Федот Тумусов Уус – Алдан биир кэрэ уонна ейдеех кыыьын Зоя Тумусова кэргэнэ тумус туттар уолбутун кытта биир ейге санаага кэлиэ диэн эрэнэбит

  16. Дьулус

    Алексеев эр киьи буоллаххын устунума! Дойдугар чахчы бэриниилээххин кердер!

    • Александр

      ЭР КИЬИ БУОЛЛАГЫНА НОРУОТ ОСТООГУН ТУОРАТЫА БЫЫБАРТАН!!! САХА СИРИН БААЙЫН БАРЫТЫН АТЫЫЛААБЫТ КИЬИНИ ТУМУС ОНОСТОГУТ жан ТАБААРЫСТАРА ПОЗОРНО ТУОРААТЫЛАР КИНИ ЭМИЭ ПОЗОРНО ТУОРУО ИТИ жан СААМАЙ УЛАХАН САХА ОСТООГО СЫЛДЬАР! Эьиги кини эмэьэтин салааман. Кини мудрай эбитэ буоллар приемник эрдэ толкуйдуохтаах этэ оччого дьэ кырдьык убаастаныа этэ, учугэй уолатттарын барытын СИЭТЭЛЭЭН баран дьахтар курдук дьону бэйэтин таьыгар мунньан баран КОРОЛЬ КУРДУК СЫЛДЬАР, Анардас ити федотову корун дьахтар курдук киьи батта!

    • Кырдьаҕас

      Аркадий бэйэтэ билэр уол буолуохтаах

  17. Бродяга

    Что вы так забеспокоились?? Что вы так о Жиркове Александре Николаевиче? Дело не в нем. Дело в руководстве Ил Тумен. Если выборы будут признаны несостоявшимся – ничего страшного для избирателей не произойдет: повторные выборы будут объявлены через три месяца. Там и спокойно победит уважаемый Александр Николаевич Жирков. Но совсем другое дело – что создавшейся возможностью сразу воспользуются другие силы. Это и есть политическая борьба. И это – нормально. Пора привыкнуть. Новоизбранный состав Ил Тумен осенью приступит к формированию своего руководства – и без Жиркова Александра Николаевича. Расклад сил внутри парламента изменится. Он и так подает признаки изменений. А тут – открыто и честно. Кто виноват в том, что технический кандидат ЖАН проиграл в суде и сошел с дистанции? Конечно этот самый технический кандидат и ТЕ, КТО ЕГО ДЕЛАЛ ТАКИМ. Не будем тыкать пальцем, чьих рук этот СБОЙ… А через три месяца уважаемый Александр Николаевич Жирков спокойно, без эксцессов, с учетом произошедших неприятностей – спокойно станет депутатом. Лично я в этом не сомневаюсь. Но, как сказано в статье, поезд-то ОПЯТЬ УЙДЕТ – и не станет он спикером. Не станет новым влиятельным депутатом. Не будет он так ЖИРНО отстаивать интересы (читай: перекос привилегий устраивать) усть-алданцев. Хватит уже. Ваш БЕА ушел в политическое небытие. И его “кардиналам” тоже пора честь знать…

  18. Лекстер

    Уважаемые усть-алданцы! (да и чурапчинцы, и все остальные заречные) … Пора вам постигать азы политических баталий. Вы же себя коробите тем, насколько вы выше стоите всех остальных в плане культуры, мировоззрения, что незаслуженно были обижены в прошлом и т.д. и т.п. То, что в селах у вас строились целые институты – далеко не секрет. То, что у вас в режиме внебюджетного финансирования были все привилегии и предпочтения – совсем не секрет. Давайте, хотя бы на одном примере – на примере ЖАН в качестве ПРОСТОГО, РЯДОВОГО ДЕПУТАТА вы увидите, что такое быть средним. Что такое быть в ряду всех остальных. Пора просыпаться, дорогие вы наши заречные… Блат-то кончился… Вы что-то хотели? Дальше жить – так же ЖИРНО и ВОЛЬГОТНО…???

    • Александр

      Эмэьэгин тут ити жан киьитэ суруйар оссо нуучалыы суруйбут буолуо буолуола ЧМО!

  19. Хотулар

    Шааҕын таһааран эрэллэр эбит

  20. 2555

    Алексеевтан туиулуга суох, Партия может отозвать кандидата и сказке конец. Как и отозвали Федорова – Малдера.

    Там только решает подпись и золотая ручка с бриллиантами Тумусова.

  21. им

    Один из главных выборов республики- выборы мэра якутска, как мы знаем ер расчистил дорогу своему кандидату саввиннову убрав с гонки федорова!!! А тут по суду(честно) убали одного из кандидатов. И после этого СР плохие? смотрите как работает ер!!! Ни с кем не считается! В том числ4 с народом города якутска!

  22. Мэхээлэ

    Александр Жирков туһунан ытык дьоммут этиилэрэ

    Бэһис Ил Түмэн судаарыстыбаннаһы туруулаһыыга дьоһуннаахтык үлэлээтэ. Биир холобуру этиэм этэ, 2016 c. өрөспүүбүлүкэҕэ Федеральнай Мунньах депутаттарын улахан бөлөҕө кэлэ сылдьыбыта.

    Онно “төгүрүк остуол” тула судаарыстыбаннас федеративнай тутулугар сыһыаннаах олус сытыы боппуруоһу дьүүллэспиппит – Россия Федерациятын билиҥҥи тутулун уларытан, өрөспүүбүлүкэ, кыраай, уобалас диэн араарбакка барыларын биир халыып субъект оҥоруохха диэн сүрдээх улахан уураах бырайыагын бэлэмнээбиттэр этэ.

    Улахан дьүүллэһии, ыксааһын буолбута. А.Н. Жирков ыҥырыытынан биһигиттэн Е.М. Ларионов уонна мин мөккүөргэ кыттыбыппыт.

    Онтон түмүккэ, Александр Николаевич туран ИлТүмэн, Бырабыыталыстыба даҕаны бу Федеральнай мунньах бэлэмнээн аҕалбыт бырайыагын өйөөбөппүт уонна өйүөхпүт суоҕа диэн көнөтүнэн уонна быһаччы эппитэ. Түмүгэр бу бырайыак ылыныллыбатаҕа.

    Ити А.Н.Жирков өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннаһын таһымнаахтык көмүскүүр уонна туруорсар кыахтаах салайааччы буоларын көрдөрөр. Биһиги норуот быһыытынан күннээҕи көрүүнэн буолбакка, судаарыстыбаннас туһугар үлэлиир, үрдүкү таһымҥа туруулаһар кыахтаах дьоммутун хайа кыалларынан өйүүргэ дьулуһуохтаахпыт.

    Зоя Афанасьевна Корнилова, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах олохтооҕо

  23. Патриот

    Тумус ойо5ун,ойо6ун биир дойдулаахтарын сэниирэ оччо эбит. Бэйэтин иннин эрэ керунэр киьи. Рспубликатын туьунан санаабат.

  24. Саха

    Сиэрдээхтэри талымыаххайын бу быыбарга,ол оннугар хомуньуустары быыбардыаххайын до5оттор✊🏻

  25. Мааппа

    Айсен полностью переиграл Жиркова

  26. Аналитик

    Сиэрдээхтэр сиэрэ саха чулуу дьонун Александр Жиркову, балтын депутат онороору онноо5ор Иван Шаманвы быыбартан уьултара сатаан эрэр. Ити кэнниттэн Саха сиригэр Тумууьабы ким убаастыай? Дьин харана санаалаах киьи эбит.

  27. якутистан

    “Сахабын” дэммит киси “атын улуустар уус алданнарга ымсыыраллар, ЖАН курдук депутаттаахтарын исин” диэн то5о сымыйанан суруйарый? Ким да эсиэхэ ымсыырбат. Ити курдук депутаттаааъхтара буоллар, атын улуустар бары кыбыстыа этилэр. Самодур, хам, бескультуре, тупость… Кини кулугээн уолаттарын дьыалатын исин республика бюджетыттан тесе бэрик бэриллибитэ биллибэт. Олонхо ысыа5ынан, Киргизиянан, культура тусунан кинигэ суруйуутунан, ох оносуутунан, бюджетнай золотай часылары тунэтиинэн эрэ оонньоон кэллэ. Онтон атын кысал5а республика5а суо5ар дылы.
    Уус алданнар, ити кисигитин киэр гынын эрэ. Саханы саакка ыытыман.

  28. Мааппа

    Бүгүн жан тумусовка самнан баран көрдөһө олорор диэтилэр.

  29. Мэхээлэ

    Ил Түмэн (2018-2023 cыллар) Россияҕа да, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр да улахан уларыйыылар кэмнэригэр үлэлиэҕэ.Кэлэр сыллар эмиэ 90-с сыллар курдук олус уустук буолуохтара, норуот туох баар санаатын, дьулуурун, кыаҕын олоччу түмэрэ ирдэниэҕэ.

    Ол ыарахаттары тулуйар, этэҥҥэ ааһар туһугар биһиги сөптөөх, бэлэмнээх салайааччылардаах буолуохтаахпыт.

    А.Н. Жиркову кытта уһун кэмҥэ бииргэ алтыһан үлэлээбит киһи быһыытынан этэбин: кини билиҥҥи кэмҥэ биһиги өрөспүүбүлүкэбит биир саамай опыттаах, өрөспүүбүлүкэ иһигэр эрэ буолбакка, Россия таһымыгар биллэр салайааччы. Бу кэмҥэ кини салайар дьоҕура, билиитин-көрүүтүн таһыма, сиэрдээх өйө-санаата биһиги норуоппут судаарыстыбаннаһын туруулаһыыга уонна салгыы бөҕөргөтүүгэ улахан туһалаах буолуоҕа. Норуоппут ону өйдүөх кэриҥнээх.

    М.Е. Николаев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы Президенэ.

  30. Йцу

    Хата бу скучнай баҕайы быыбарга Жиркову бэйэтин уокуругуттан эмэһэҕэ тэбэллэрэ буоллар улаханнык сонун хамсаныы буолууһук. Хайа муҥун кини холенай сырайа телевизортан сүтэр да кэмэ кэллэҕэ. Биримээнэ үйэ чиэппэрэ депутаттаата дии. Бэйэтэ да хал буолла ини.

  31. аналитик

    Саха саханы сиэһэрэ – дьаабы, 30-c cыллартан ырааппататыбыт. Рингэҕэ тахсан баран кыайтарарын билэн кэнниттэн кэлэн уоран саба түспүт урдуһу санатар Тумусов маннык оонньуута. Киһи кэлэйиэх. Жирков наһаа тобуктаабата буолуо. Алексеев төһө сиэрдээҕэ көстүөҕэ кэлэр быыбарга. Кирдээх оонньууга киирэн биэримиэн наада, оччоҕо дьоно-сэргэтэ да убаастыаҕа. Жирков курдук сири-уоту сокуонунан харыстааһыҥҥа, тыл, духуобунас сайдыытыгар, историяны тилиннэриигэ, улуу дьоннорбутун үйэтитиигэ үлэлэһэ сылдьар уопуттаах парламентарийы сиргэ-буорга кирдээх ньыманнан исподтишка туората сатааһын ханнык да саха сиэригэр эппиэттээбэт. Ону Алексеев өйдүө дии саныыбын.

  32. логой

    Жирков курдук салайааччы, депутат, норуот уонна республика туьугар куустээхтик уонна дьиннээхтик улэлии сылдьар киьи кун бугун сахаларга суох.

  33. Быыбардааччы

    Саха саха буоларын умнар кэмэ кэллэ. Жирковтан толлон ким да, дьоццо билэр кандидат утары турбатаза элбэзи этэр. Уус Алданнар ЖАНы талаллара биллэр. Норуот кинини талар. Ким да куьэйиитэ суох. Ол иьин куттанан, шакал курдук кэхсуттэн туьээри гыммытар. Киьи хомойор. Сиэрэ суох быьыы тахсыах курдук

    • Быыбардааччы

      Саха омук, бэйэ-бэйэни түһэн биэримэҥ,бары ыччаттардаах дьоҥҥут , куһаҕан санаа бэйэҕэ эргиллэн кэлэрин умнумаҥ.

  34. Ирина

    Олох кэминэн устан иьэр, Саха сирин норуота сайдыы суолугар уктэнэн иьэрин бары да кере-билэ сылдьабыт. Ыччаттарбыт олох хаамыытын кытта тэннэ хаамсан иьэллэрэ киьини уердэр.
    Александр Николаевич дьин сахалыы ейдеех- санаалаах, лоп-бааччы салайааччы. Уонна тыа сирин олохтоохторугар тус санаатын ууран улэлиир кыахтаах, бэриниилээх депутат. Теьенен тыа сирэ сайдыылаах буолуо соччонон Саха сирэ кемускэллээх буолуо.
    Биьиги келуенэ дьон улэ- хамнас хаамыытын кере- билэ сылдьабыт. Хас биирдии кырдьа5ас, о5о, ыччат интэриэьин эрэ буолбакка бутун Саха сирин инники оло5ун сайдар са5ахтарын тустуур куустээх санаалаах, кэннинэн кэхтибэт хайа да тугэннэ булгуруйбат санаалаах дьин-чахчы норуот депутатын Александр Николаевиьы угус ырытыыта суох норуот ылынар дии саныыбын. Норуот ортотун керен син-биир сыаналыыр, куустээх киьи тула тумсэр!

  35. Быыбардааччы

    Чурапчы курдук үс олимпиеһы иитэн таһаарбыт улууһу олуона тылынан олуйар,үөхсэр,сиэрэ суох буолуу.

  36. Анна

    Александр Николаевич ханнык ба5арар таьымна туран дойдутун, олохтоохторун туьугар харса суох, кимтэн да куттаммакка киирсэр киьи. Сахалары билигин кининэн элбэх сиргэ урдуктук сыаналыыллар. Олох бу быыбарга ыраа5ы керен, толкуйдаан куоластыа5ын. Ол иьин кенул арбайдыахтарын ба5арар куустэргэ киирэн биэрэн, бэйэбит да а5ыйах ахсааннаах саха норуота хайдымыа5ын. Тумсэн биэриэ5ин Айсен Сергеевич, Александр Николаевич тула. Александр Николаевич салгыы улэлии хаалара, саха норуотун интэриэьэ, ба5а санаата. Барыбыт ытык иэспит буолар, ескетун омук быьыытынан бэйэбитин урдуктук тутар буоллахпытына. Бу уолаттар кэннилэриттэн олох куттаммакка, эрэллээхтик барыам этэ дии саныыбын. Дьоммут сэргэбит кытаатан тумсэн биэриэ5ин. Бутун Арассыыйа керен олордо5уна ыьыллымыа5ын. Атыылана, этиьэ, охсуьа сылдьар дьону ким убаастыай?

  37. Быыбардааччы

    Тумууьап тохтоо,туксу!!! Хас быыбар ахсын эн кирдээх оонньуугуттан норуот сылайда. Саха сирин быыбардааччылара сымыйа оппозиция Справедливай Россияны талымыахха,партия парламенна киирбхтин. Жизнь-бумеранг. Сууттаьп оонньообуттара тахсыа5а.

  38. Игорь

    Александр Николаевич Саха норуотун кемускуур, интириэьин туруорсар элбэх сокуону онорбута. Уерэх, доруобуйа харыстабыла, культура, социальнай уонна да атын эйгэлэргэ сарбыйар уларытыылары тохтотон элбэх сэлиэнньэ эстэр суолтан быыьанна. Саха норуотун интириэьин Россия таьымыгар кимтэн да туохтан да толлубакка туруорсар биир баар суох политикпыт.
    “Тугу да гыммата”,-диэн суруйар дьон бастаан аа5ан, уерэтэн, ырыналатан керун. Тугу да билбэккэ сылдьан анардас дьону хараардыынан дьарыгырар кэскилэ суох дьыала. Сахалар ахсааммыт наьаа а5ыйах, ол эрэн атын омукка холоотоххо спортка, политика5а чулуу дьоммут олус элбэх(бырыьыанынан ылан кердеххе). Ол иьин тиэрэ туоламмыт ду хайдах ду чорбойбут дьоммутун бэрт санаан сии сатыыбыт, бэйэбит инники кэскилбитин сарбыйабыт. Ча5ылхай, бас-кес политиктарбытын адьас хараардыбакка эрэ кеме буолуохха наада, оччо5уна эрэ кинилэр улэлэрэ тас эйгэ5э таьаарыылаах буолуо5. Борустуойдук эттэххэ наар кыыьырар, хааххайдаьар кэрэ анаардаах эр киьи сыппах буолар,улэтэ тахсыыта суох, бэйэтигэр эрэлэ суох. Ол курдук, бэйэ бэйэни харыстыаххайын бэйэбит инники сырдык кэскилбит туьугар, омук быьыытынан сайдарбыт туьугар.
    Манна диэн эттэххэ Андрей Пухов кандидатурата уьулла илик, сымыйа сурах тар5аммыт. Быыбарбыт этэннэ ааьыа диэн эрэниэххэйин!

  39. Ч

    Дьэ, Уус-Алланнар дьон эрэ буолларгыт ЖАН-ы талын. Бу кэмҥэ кини саамай наадата дьэ кэллэ. Ити үөһээ М.Е. Ньукулаайап уонна З.А. Харньыылаба суруйбуттарын ааҕын.

  40. 33

    Жан дьиннээх политик. Маннык саха дьонугар а5ыйах.

    • Һөҕүҥ

      Тугу-тугу суруйдуҥ, чыычаах? Ол дьиҥнээх политик диэн тугуй? Бэйэтин чугас дьонун сибээстэринэн туһанан үптээх-харчылаах миэстэлэргэ киллэрии эбэтэр кыра-хара дьону кытта эҕэлээхтик, сэниирдии кэпсэтии буоллаҕына кырдьык, ЖАН политик. Кини курдук кээнчэ быта кэтэххэ ыттыбыта муҥур ыраахтааҕы курдук сананан айбардаан аҕай кэллэ. Үйэ чиэппэрэ хамнастаах кураанах куолуһут. Пенсияҕа бардаҕына ол хамнаһын саҕа пенсияланыахтаах. Тоҕо алтыс төгүлүн депутат буола сатыырын өйдөөбөппүн, рекорд оҥоро сатыыр дуу, хайдах дуу. Бэйэтин киһитинэн Степан Охлопковынан биир оннук буолар кыахтаах соҕотох киһитин, доҕорум диэн кэпсиир киһитин, Уаровы быыбартан кирдээхтик туоратта дииллэр. Билигин бэйэтин туоратыахха наада. Оччоҕо Тумууһап дьэ биир киһилии дьыаланы оҥордо диэм этэ.

  41. Саха кыыьа

    Тумусов бу саха дьонун иккистээн тацнарыыта Николаевы былаастан таьаарарга кини эмиэ баара. Тацнарыахсыт сымыйа опозиция партияьын саха дьоно бу быыбарга талыман.

  42. Муру кыыьа

    Александр Жирков тохтуур кэмэ кэллэ. Ейдеех киьи эбитэ буоллар приемник булуммута ыраатыа этэ. Культ личность кубулуйан эрэр. Улууьун сайыннарарын оннугар ыьан ити Федотов курдук мелтех главаны олорторо сатыыр.

  43. Быыбардааччы

    Мүрү кыыһа,бастаан сахалыы,нууччалыы тыллары таба суруйарга үөрэн.

  44. Саха дьахтара

    Тумусов кирдээх бывбары тохтот ескетун икки улахан саха улуустарын депутата суох хааллардаххына биьиги бэйэбит бырааппытын эмиэ бойкотунан биллэрэн Айсен Николаевка куоластыахпыт суога оччого дьэ киитэн таьаарбыт киьигэр теье бэрт буолуой ? Ону толкуйдуу толкуйдуу быьаарыныыны ылын !

  45. Алаас уола

    Тем временем, диэбит курдук, Черноградскай В.Н. атын улууска туран эрэллээхтик кыайбыт хата.

Оставить комментарий