Курс валют
$
97.83
0.24
105.45
0.12
Курс валют
Курс валют
$
97.83
0.24
105.45
0.12
Меню
Поиск по сайту

Айдааннаах быыбардар

01.12.2022 23:13 5
Айдааннаах быыбардар

Бүгүн СӨ Үрдүкү суута Амма улууһун баһылыгын быыбарыгар Михаил Артемьевы кытыннарбат туһунун бүтэһиктээх быһаарыыны ылла.

Михаил Артемьев Амма сэлиэнньэтин баһылыга. Улуус баһылыга Николай Архипов эмискэ олохтон туораан, ахсынньы 11 күнүгэр саҥа быыбар анаммыта.

Артемьев улуус баһылыгын быыбарыгар иккитэ киирсэ сылдьыбыта даҕаны, иккиэннэригэр Архиповка хотторон турардаах. Онтон бу сырыыга эмиэ киирсэбин диэн соруммутун «илии баттааһын докумуона сыыһа толоруллубут» диэн кандидатынан регистрациялаабатахтара. Ол ону утаран иккитэ сууттаһа сатаата да, кыайтарда.

Билигин быыбар биэтэгэр хас да кандидат баар, сүрүн кандидатынан улуус баһылыгын э.т. Степан Кузьмин (уруккута Болугур баһылыга) ааттанар. Кузьмин уонна Артемьев иккиэн «Единай Россия» партия чилиэннэрэ эрээри, партия праймериһигэр Артемьев кыттыбатаҕа, Кузьмин кыттан кыайан, билигин партия аатыттан киирсэ сылдьар.

***

Улуустарга кэнники кэмҥэ олус айдааннаах быыбардар буолан эрэллэр. Нэһилиэнньэ икки аҥыы хайдыбыта сүрдээх, кэнникинэн ол дириҥээн иһэр чинчилээх.

Былааһы утарыы күүһүрдэ.

2018 сыл күһүнүгэр Дьокуускайга оппозиционнай кандидат Сардана Авксентьеваны мэринэн талыллар. Кимиэхэ да эрдэ биллибэт, аата-суола суох, чиновнигынан үлэлии сылдьыбыт Авксентьева аҥардас «оппозиция» диэн сурахтанан, улахан  бырыһыанынан сабырыйан   былаас туруорбут кандидатын хотор. Авксентьева – 39,98%, Саввинов – 31,70%.

Бу иннинэ 2017 сыллаахха буолбут мэр быыбарыгар хаһааҥҥытааҕар да аҕыйах киһи тахсан куоластыыр (37,2%), уонна Айсен Николаев кэнниттэн иккис миэстэҕэ «Барыларын утарабын» диэн «кандидат» тахсар. Ити аата дьокуускайдар биэс сыл үлэлээбит мэрдэрин астымматтарын  бастакы бэлиэтэ этэ.

Дьокуускай куоракка Саха сирин үс гыммыт биирэ олорор. Техническэй, интеллектуальнай интеллигенция, сытыы-хотуу,  олоххо көхтөөх дьон тоҕуоруспут сирэ буолан түргэнник бэйэтин санаатын быыбардарга көрдөрөр.

2019 сыл кулун тутарыгар 6 тыһыынча киһи «Триумф» уораҕайыгар мустан бас-баттах барбыт миграннары утары миитинниир. Дьон «Ил Дархан!» диэн модьуйбутун кэннэ эрэ Айсен Николаев «Триумфка» кэлэн миграционнай политиканы сааһылыам диэн эрэннэрэр. Ити кэнниттэн үс сыл ааһар, официальнай статистика көрдөрбүтүнэн, Саха сиригэр миитин кэнниттэн 15 төгүл (!) элбэх киргиз кэлбитэ биллэр.

2021 сыл, кулун тутар. Дьокуускай куорат мэрин быыбара. Авксентьева болдьоҕун иннинэ дуоһунаһыттан барар. Бэйэтин кэнниттэн “ЕР” кандидатын Евгений Григорьевы өйүүрүн биллэрэр. Оттон оппозицияттан журналист Виталий Обедин киирсэр. 2018 сыллаахха Сардаана Авксентьеваҕа куоластаабыт оппозиционнай электорат бары Обедиҥҥа көһөр. “ЕР” кандидата нэһиилэ быыбары кыайар.

2021 сыл, Госдума быыбара. «Единэй Россияны» уонна Айсен Николаевы кытары сибээстээх Федот Тумусовы (СРЗП) эрэ талымаары дьон сүбэлэһэн КПРФка куоластыыр. Ааспыт Госдума быыбарыгар 14%-ны  ылбыт КПРФ бу сырыыга испииһэккэ даҕаны (33,22%), биир мандаттаах уокурукка (21,61%) даҕаны бастаан тахсан хомуньуустары соһутан өлөрө сыһар. Соһуччу Госдумаҕа тиийэн хаалбыт Петр Аммосов икки ыйы быһа  түүлүн-илэтин итэҕэйбэккэ кымаахтанар.

2022 сыл, Өлүөхүмэ куоратын мэрин быыбара. Оппозиционнай кандидат Сергей Щебляков былаас туруорбут кандидатын Иван Несмеловы сиргэ-буорга тэпсэр.

2022 сыл, балаҕан ыйа: саха уутуйан олорор улуустарыгар уонна хоту улуустарга айдааннаах быыбардар ааһаллар. Аҥаардас «оппозиция» эрэ дэнэн Мэҥэ Хаҥаласка, Үөһээ Дьааҥыга, Орто Халымаҕа самовыдвиженецтар кыайаллар.   Ленскэй баһылыгынан эмиэ иккистээн самовыдвиженец Абильманов кыайар, былаас туруорбут кандидата Хорунов бытыгын хорунарыгар тиийэр.

Хоту улуустар хаһан даҕаны былааһы утары барбатахтара, бу сырыыга кинилэр да тулуурдара бараммыта көһүннэ.

Республика былааһа муниципальнай быыбардары кыайа-хото туппата илэ көстөр.  Ол охсуулаах буолуон сөп. «Оппозициянан» саптынан  араас криминалга сыһыаннаах, эбэтэр салайар дьоҕура суох, мөлтөх, эбэтэр үптээх-астаах улахан тэрилтэлэр, олигархтар интэриэстэрин көмүскүүр сыаллаах дьон былааска тахсыахтарын сөп.

Урут АГИП муниципальнай быыбардарга кыттар кандидаттары сиидэлиир этэ. Араас онно-манна умньаммыт, саарбах эргимтэлээх дьону быыбарга кытталларын хайа эмэ гынан эрдэ «муннарара». Билигин оннук кадровай үлэ барбат, барар да кыаҕа суох.

Дьон бу кэнники түөрт сылга оппозиционнай санаата аһара улаатта. Итинник санаа улаатарыгар сүрүн төрүөт – былаас бэйэтин үлэтигэр таһаарбыт сыыһата-халтыта. Бастакытынан, норуот интэриэһинээҕэр тус интэриэһи өрө тутуу олус элбээтэ. Иккиһинэн, айылҕа уота, халаана, пандемия содула, аны мобилизациябыт эбиискэ буолла. Итиннэ эмиэ сиирэ-халты дьаһаныы бөҕө таҕыста. Үсүһүнэн, утары санаалааҕы, санаатын аһаҕастык этэр дьону үрдүкү салалта өттүттэн сойуолаһыы, олохтоох бизнеһи, элитэни эһии, өһүргэтии төрүөт буолла.

Эһиил 2023 сылга үс улахан быыбар буолаары турар. Ил Дархан быыбара, Ил Түмэн депутаттарын уонна Дьокуускай куорат Думатын депутаттарын талыы быыбара. Онтон 2024 сылга дойду Президенин быыбара.  Маннык оппозиционнай санаа улаата турар кэмигэр ити улахан быыбардар тугунан түмүктэниэхтэрэ биллибэт.

Дьиҥинэн, «ЕР» буолла да, үрдүттэн куһаҕан диэн буолбатаҕа чахчы. Партиянан арахсыы кыра омукка өссө биир айдаан төрүөтэ. Ону бэркэ диэн билэбит, тустаах дьон ону кыайа-хото туһаналлар. Онон дьон кандидат салайааччы быһыытынан хаачыстыбатын, үлэлиир дьоҕурун, дьонун-сэргэтин төһө сомоҕолуур талааннааҕынан көрөн быыбардыахтарын сөп этэ. Ол эрэ ирдэбилинэн салайтаран.  Ньурбалар оннук санааны өрө туппуттарын холобурун улуус баһылыгын быыбарыгар көрдөрдүлэр. Ыһа сатыыр күүстэргэ бэриммэккэ, үлэтин түмүгүн көрөн баһылыктарын иккистээн таллылар. Уонна улахан бырыһыанынан.

Аммалар даҕаны айдааҥҥа бэриммэккэ бэйэлэрин холку өйдөрүнэн быыбар хаамыытын ылыныахтара дии саныыбын. Төрүкүттэн айдаанынан ыһыахтанан былааска суол солооһун омсолоох көстүүтэ элбэх. Онтон ким да сүүйбэтэҕин бүгүҥҥү уопсай балаһыанньабыт да туоһулуур.

***

Прокопий ФЕДОРОВ,

Aartyk.Ru

Обсуждение • 5

Добавить комментарий
  1. Ну ну

    Амга такая тихая, спокойно, незаметно как то текущая гладкая на вид река.. Но очень коварная, столько жизней забравшая..Опять таки “Сасыл – Сысыы”, и все такое из истории.. Так что, все закономерно, пришла и в земляничную полянку заваруха – холорук. Хватит в тихий отшиб, таежный закуток дремать.. Ждём много шума, шибко много, из Амга – эбэ.

  2. Харыйа

    Септеех анализ да буоллар, ситэтэ суох. Уеьээ булуу быыбара того ахтыллыбат? Аатырбыт Чечня быыбарын аьара туспут хартыынаны ким да быьаарбат да,ырыппат да. Буолуохтаах буолуогун курдук ыйыстан кэбистибит. Арай антах Президент администрациятыгар булугас ейдеех, уьуну-киэни анаарар дьоннор сыаналаан бэйэлэрин керуулэрин оностон ахай олордохторо. Биьиэннэрэ – им-ньим! Хас быыбар, хас улуус аайы буолар кестуу курдук ааста.

  3. Сайылык

    Глава амгинского улуса федотов руслан !всех подкупил !Кузьмин только марионетка🤔онон соччото соз быыбар буола турар быьылаах аммага .Мин Кузьмин да Артемьев да ботахпын эрээри федотов того амма да нэбилиэктэрин да быыбарыгар кыттыьар идэлээх эбитэ буолла . Тэн кииссиигэ уолаттар туруозтаахтар этэ

    • Сайылык

      Маннык темпанан Кузьмин глава буоллагына санаатыгар эдэр киьи куускэ огустарара ду тоттору уорэрэ ду дьэ ф.руслан харчытыгар уйдаран ыраах тиийиэ суога ди Архипов курдук

  4. Коннору

    Федотов Руслан того улуус да, нэсилиэктэр да быыбардарга кыттарый диэн туох наивнай боппуруоса. Онтон олигарх буолан ороосор буоллага. Олигарх диэн харчылаах баай киси политикага ороосор буоллагына олигарх дэнэр. Баай буолан баран политикага орооспот киси олигарх дэммэт. Быыбар кэнниттэн, онтон “спасибо, убай Руслан, твой кандидат стал главой! Будем работать, убай Руслан!” диэн буолуо буоллага.

Оставить комментарий