Курс валют
$
100.03
0.66
106.2
1.1
Курс валют
Курс валют
$
100.03
0.66
106.2
1.1
Меню
Поиск по сайту

Афанасий АЛЕКСЕЕВ: Уһуктар кэммит кэллэ!

11.04.2022 23:30 8
Афанасий АЛЕКСЕЕВ: Уһуктар кэммит кэллэ!

Общественник, меценат, предприниматель Афанасий АЛЕКСЕЕВ бу дьыл муус устар 14 күнүгэр 15.00 чаастан Общественнай палата уораҕайыгар Ийэ Айылҕаны харыстыыр төгүрүк остуол тула кэпсэтиигэ Айсен Николаевы ыҥырда.

Афанасий АЛЕКСЕЕВ:

Күндү Сахам сирин дьоно!Уһуктар кэммит кэллэ, бары биир киьи буолан, түмсэммит ийэ дойдубутун көмүскүөххэйиҥ диэн ыҥырабын.

Аммабыт кэрэ айылҕатын иһин турууласпыппыт номнуо икки сыл буолла. Үрдүкү тойотторбут боростуой дьону истибэттэрин көрдөрдүлэр.

Ол курдук, сэтинньи 19 күнүгэр 2020 сыллахха пандемия саамай күүһүрэн турар кэмигэр дойдубут Президенигэр биһиги, общественниктар,Амма көмүскэлигэр 12.5 тыһыынча илии баттааһынын хомуйан ыыппыппыт. Ол сурукпутугартуох да хоруй кэлбэтэ.

Оттон Ил Дархаммыт хас быһа эфирын аайы “мас кэрдиллибэт” диэн дьону уоскута олорор. Ол эрэнмас кэрдээччилэрбит техникаларын а5алан, үлэлэрин са5алаан эрэллэр.

Амма – биһиги бүтэһик кэрдииспит,манна олорон биэрдэхпитинэ, бу кэнниттэн дойдубутун барытын тэпсиэхтэрэ.

Күндү Сахам сирин дьоно, кэлэр кыахтаах дьону барыгытын муус устар 14-с күнүгэр Общественнай палата дьиэтигэр күнүс 3 чаастан буолар мунньахха көхтөөхтүк кыттаргытыгар ыҥырабын.

Зум трансляция кыаллыбат диэн буолла. Мунньаҕы видео5а устан телеграм, ватсап аккауннарыгар ыытыахпыт, – диэн биллэрэр.

***

@Aartykru телеграм-канал.

Обсуждение • 8

Добавить комментарий
  1. Куох тыа!

    Алексеев, дьон соччо билбэт тыа кэрдиитин проблемаларыгар, специалистар подробно быьааралларын урдунэн, соруйан нэьилиэнньэ ойун-санаатын эргийэн кэлэ-кэлэ буккуйар! Государствоттан хамнастаах лесниктар элбэхтэр. Улэлэрин билэллэр, хонтуруоллуохтара. Онно профессиональнай билиитэ суох дьону кытыннарыман! То5о маннык алексеевтар араас «проблеманы» хостоон таьааран дьон санаатын аймыылларый? Туох интэриэстээхтэрий? Депутат эрэ буолар сыалтан дуо? Дьин патриот, Саха сирин туьугар ыалдьар буоллахха, наоборот, боппуруоьу учугэйдик уорэтэн баран дьонно-сэргэ5э ойдотуу улэтин ыытыахха баар этэ. Ону баара биьиги бас диир дьоммут атыны эрдэ сылдьаллар. Дьону-сэргэни суустэринэн харсыьыннарыы олох сыыьа! Итинник айдааны-куйдааны ууратын!

    • Кытаанах

      Алексеев баар буолан дьон ону-маны удума5алатар. Хабахха тыыннаран туох кырдьыгын булуоххунуй? Этэр тыа специалистарын бука бары тойон тугу эппитинэн сылдьар дьон. Онноо5ор ил дархаммыт муммут о5о курдук санаатын уларытарыттан соло булбат.

  2. Дьон санаата

    Бу Алексеев Афанасий дьокутаат буолары тоҕо дьону булкуйар? Аммалар бэйэлэрэ билэллэр , ол маһынан дьиэлэрин отто олороллар, пиломатериал оҥостон туһаналлар. Билигин оопт оҥордохторуна бултаан, мастаан бүтэллэр. Ону өйдүүр дуо запчаас маҕаһыын хаһаайына?

  3. Наталья

    Правильно говорит, единстаенный человек который реально смотрит на созревшую проблему. Николаев а не выступил против решения москвы и не выразил боль нашей природы. Он никто и не в состоянии решать проблемы нашей республики.

  4. Клим

    Федераллар быьаараллар, Саха Сирин Правительствата туох да сыьыана суох. Ойуур, уу, сир анна РФ бас билиитэ.

  5. Для Натальи

    Лес, реки недра и прочие ресурсы давно обьекты федерального значения. Аукционы тоже проводятся по ФЗ. Так что Айс тут не имеет веса и нарушит закон. Эти законы приняты давно, даже при ШВА, вот тогда надо было умничать и кричать, поезд давно ушел. А Николаев в эти лихие времена был нааерно совсем не рядом и не работал с федералами.

  6. Саха уола

    Алексеев Оппуонньа маладьыас уол!

Оставить комментарий