Иван Кириллин: “Быһаҕым суох, эт илиибинэн көмүскэнним”
Бэҕэһээҥҥиттэн интэриниэт ситимигэр Горнайтан төрүттээх уол сугуннуу сылдьан тыатааҕыны кытары охсуһан, быһаҕынан кыайан өлөрбүт диэн хаартыска сыһыарыылаах сонун өрөспүүбүлүкэбитин тилийэ көттө.
Бүгүн эмиэ өрөспүүбүлүкэ сайтара, араас инстаграм сонунун пабликтара Горнай уола тыатааҕыны быһаҕынан көмүскэнэн өлөрбүт диэн үлүннэриилээх сонуннара тахса турар. Быһылаан төһө оруннааҕын, дьиҥнээҕэ хайдаҕын билээри Баанньаны бэйэтин кытта түлүпүөнүнэн сибээскэ тахса сырыттым. Иван Кириллин Горнай улууһун Мытааҕыттан төрүттээх, билигин Бэрдьигэстээххэ ыал буолан олорор. Кини ол түгэни бу курдук кэпсиир:
– Бэйэм грузовой массыынабынан таһаҕас таһабын. Ааспыкка Алдан Силигдээригэр көмүсчүттэргэ таһаҕас тиэйэ баран кэлбитим. Онтон чугас сиргэ күтүөтүм Иван Илистяров таба ыстаадатыгар сылдьыһарыгар көрсө, күүлэйдии тиийбитим. Бу дойду ото-маһа хойуута, сирэ-уота, олоҕо-дьаһаҕа ураты, атын. Билигин сайыҥҥы кэм буолан, ыстаада дьоно күн быыстала суох табаларын кытта бодьуустаһаллар. Үөнтэн-көйүүртэн харыстаан түптэ уматаллар, эһэттэн-бөрөттөн сэрэнэн күннэри-түүннэри маныыллар. Ыстаада дьоно бары кыайыылаах-хотуулаах, туруу үлэһит дьон.
Ол курдук, тиийбит күнүм сарсыныгар оҕолорбор, дьоммор кэһии оҥостоору, ыстаада чугаһыгар сугун көрө таҕыстым. Эппитим курдук, ото-маһа хойуу дойду. Сугун да син үүммүт буолан, астына сугуммун хомуйа сырыттым. Киһи ыксаллаах кэмҥэ үһүс хараҕа арыллар диэччилэр. Бу да сырыыга оннук буолла быһылаах. Санаабар, кэннибэр туох эрэ тыаһаабыта, эргиллибитим, тыатааҕы түһэн эрэр эбит. Куттанан куотан биэрбэккэ, тутуһуу буолла. Кыылым бэйэм саҕа үрдүктээх эбит. Бука үстээх эҥин кыыл буолуо. Сугуннуу, сир астыы сылдьар киһиэхэ быһах диэн суох буоллаҕа. Тыыннаах хаалар туһуттан илиибинэн кииристим. Кыылым тииһинэн хадьырыйа сатыырын, хабарҕатыттан илиибинэн утары анньан нэһиилэ тохтотобун. Олус күүстээх, кытаанах. Ол быыһыгар дьоммун ыҥыран кыаҕым баарынан үөгүлүүбүн. Аны туран хаһан эрэ истибиппинэн буолуо, адьырҕа түстэҕинэ суон маска сигэнэн көмүскэннэххинэ, кэннигиттэн түһэрин харыстанаҕын диэн санаа көтөн түһэн, маска сигэнэ сатыыбын. Ол тухары кыылым түһэ турар. Илиим иминэн мас ылан, аны маһынан кулуу сатаатым. Онтон эмиэ тутустубут. Ол сылдьан сутурукпунан охсобун, дьоммун үөгүлүүбүн. Эмискэ саа тыаһаабытыгар, адьырҕам налыс гынан хаалла. Саа тыаһаабыт сирин диэки көрбүтүм, күтүөтүм кэлэн турар эбит. Тыатааҕыбыт буоллаҕына хайыы-үйэ дьабыныгар көппүт. Көр, ити дьиҥэр кыл түгэн этэ эбээт! Онон күтүөппэр махталым муҥура суох! Кэмигэр кэлэ охсон, тутуу былдьаһан… Кини онно кэлбэтэҕэ буоллар иэдээн.
Куттанныҥ дуо диэ? Тыый, туох диэн эттэххиний. Куттанан бөҕө буоллаҕа. Ол эрэн, барыта бүппүтүн кэннэ өссө улаханнык куттанным, долгуйдум. Түүл этэ дуу, илэ дуу… Тутуһа, охсуһа, тыыҥҥын харыстыы сылдьан ону эрэ санаабат эбиккин. Улахан, аһаҕас баас хата суох. Халымыр. Эт бүтэй иһии, илии бүлгүрүйүүтэ ханна барыай, – диэн Иван Кириллин кэпсээтэ.
Дьэ, ити курдук, киһи уонна айылҕа оҕото утары көрсөн, кылгас да түгэҥҥэ буоллар, бу орто дойдуга тыыннаах хаалар иһин дуолан күрэстэрэ буолбутуттан киһи истэн эрэ сөҕөр, саллар.
Үөрдэрэ диэн оҕо сааһым доҕоро, туруу үлэһит, удьуор булчут дьон сыдьаана Иван Кириллин билигин чэгиэн бэйэтик буолбут быһылаанын ырыта, ырыҥалыы олороро буолар…
***
Кэпсэттэ Василий Тимофеев,
Источник: Газета “Үлэ күүһэ”
Нууччалыы переводтуохха баар этэ бу статьяны. Алдан олохтоохторо фейкомет диэн уе5эн эрэллэр уолу. Аартыктар переводтаан эрэ.
Оказывается это фейк. Об этом рассказывается сахадей, сахапресс, саханьюс. Удалите статью, а то привлекут вас за распространение фейковой информации
Кэм да буолуо тугу да итэҕэйбэт табалар наһаа кэбилэнэн бүтүҥ.Хас да сыллааҕыта подругалыын сугуннуу ст. пассаж.Беркакит утары хайаҕа тахсан хомуйа сырыттыбыт.Онно баар баайыылах харабыл ыттар хоорунан үрэн күөмэйдэрэ бүттэ.Ый хай.Станция грузовая тыаһа диэн биир туспа.Үлэ үгэнэ тыас уус техника киһи кып кыйбаҥнас.Биһиги кыһаллан да бэрт.Кыыһым инники түстэ ырыа ыллыыр.Мин биир сиртэн хомуйабын сугуну арай туох эрэ мас мутугун тоһутар тыаһа иһиллэр аны резина саппыкы тыаһа буолбатах сымнаҕас баҕайытык үктүүр.Тохтуу түһэн баран кыыһым хараҕын көрөн айаҕын атан үөмэн кэллэ.Онно эһэ баар диир.Тыаһа суох хомунан суолга тахсан сүүрдүбүт.Сырайгын көрдөрүмэ диир.Хата омук аата кыратыттан тыаҕа сылдьа үөрүйэх.Онтон аны олорон аһыах диир мин суох хайдах буоллуҥ куттала да бэрт дии диибин.Тыатааҕы кимтэн да туохтан да куттаммат эбит.Эгэ оҕото акаары буоллаҕа.
Энин араас дьоннор.
Сунтаар,тоҕо өһүргэнэн дьону сымыйаннан буккуйаҕын.Мин Нерюнгрига 30-сылы быһа олоробун.Буолбут түбэлтэни суруйдум.Мэнээх тыллаһымаҥ киһи барыта аҥала арыгыһыт үөрэҕэ үлэтэ суох буолбатах.Саастах достойнай дьон тылын истэн үөрэниҥ.
Былырыын 23,0литр. иһиккэ сугун хомуйтум 4-төгүл тахсан.Холодильник кыра буолан элбэҕи уурар миэстэ суох.Дьон өссө элбэҕи под заказ хомуйаллар.Быйыл да сир аһа элбэх.