“Кырдьыгы булар туhугар иннигит диэки харса суох хардыылааҥ диэн сүбэлиэм этэ”
Инбэлиит кэргэннээх, 6 оҕо амарах ийэтэ, чиэhинэй үлэhит киһини, ааппын сиргэ-буорга тэбистэрэн, атаҕаcтатан, улаханнык хомойон, хоргутан бар дьон билиитигэр диэн хаhыат нөҥүө тахсарга быhаарынным.
8 сыл эйэ дэмнээхтик үлэлээбит тэрилтэм СӨ Ньурбатааҕы инбэлиит оҕолору реабилитациялыыр киини быстах кэмнэ салайан олорбут быраас үөрэхтээх Павлов Ян Вячеславович тоҥуй сыhыаныттан, иннин-кэннин тымтыктанан көрбөккө, маннык гыннахха бу элбэх оҕолоох соҕотоҕун үлэлээн дьонун иитэ сылдьар ийэни 2018 сыл ыам ыйын 15 күнүгэр буоларын курдук сарсыарда үлэлии кэлбиппэр хоhугар ыҥыран туох даҕаны сэрэтиитэ суох 71 ыстатыйа 5 уонна 7 чаастарынан ууратан кэбистэ.
Сана үлэлээн эрэр эдэр киhи туохха олоҕуран маннык быhаарыныы ылыммытын күн бүгүн кыайан өйдөөбөккө, уоскуйбакка сылдьабын.
Тэрилтэбит урукку салайааччыта Тихонова Р.М. салайар кэмигэр, ханна да тэрилтэлэргэ буоларын курдук сөпсөспөт түгэннэр баалларын үрдүнэн, мындыр өйүнэн, салайар сатабылынан биир тыыҥҥа, өйгө-санааҕа түмпүтэ. Тэрилтэ туhугар диэнинэн салайтаран түүннэри, өрөбүллэри аахсыбакка биир да үлэhит туора турбат этэ.
Оннук иллээх-эйэлээх үлэhиттэрдээх тэрилтэни, Тихонова Р.М. атын үлэҕэ көспүтүнэн кини солбуйааччытынан үлэлии олорбут Сидорова Р.И. тутан хаалбыта. Дьэ, уонна иллээх коллектив аатын сүтэрэн барбыпыт. Тэрилтэ иhигэр турбут кыра боппуруостар кыайан быhаарыллыбакка улаатан, дириҥээн барбыттара. Yлэhиттэр бэйэлэрин санааларын салайааччыга кыайан тиэрдибэт түгэннэрэ үөскээбитэ.
Урукку курдук боппуруос коллектив сүбэтинэн буолбакка, биир салайааччы санаатынан быhаарыллар буолбута. Сана салайааччы дьахтар бэйэтин интэриэhин үлэhит интэриэhинээҕэр үрдүктүк тутара өтө көстүбүтэ. Кини көмөтүнэн «бэйэм» дьонум уонна да “атыттар” диэнинэн коллектив хайдыбыта уонна ол «атыттары» ыраастыыр, ууратар үлэ саҕаламмыта. Ол содулугар үлэhиттэр ыйдааҕы үлэ түмүгүнэн ылыахтаах эбии төлөбүрү «атын» дьон киэнин сокуоннайа суох сотооhун, оттон «бэйэм» дьонум диэннэ көрүллүбүт бырыhыантан ордук анааhын чахчылара баар.
Тэрилтэ кылаабынай бухгалтера дуоhунаска үлэлиирим быhыытынан, кэккэ тэрилтэ туhугар үлэ боппуруостарыгар Yлэ миниистирэ Михеев А.П. аатыгар сурук суруйбутум.
Тэрилтэ балансатыгар оценщик быhаарыы суругар олоҕуран, кыайан өрөмүөннэммэттии алдьанан турар УАЗ маркалаах массыыналары списаниега ыыттараары докумуон толорон ыыппытым. Дьэ ол күнтэн ыла салайааччы дьахтар миигин сойуолаhан барбыта.
Yлэ министиэристибэтин иhинэн тэриллибит бэрэбиэркэ түиүгүнэн тэрилтэ салайааччыта Сидорова Р.И. директор солбуйааччытынан үлэлии олорон бэйэтин дуоhунаhын аhара туттан биир даҕаны күн үлэлээбэтэх кыыhын бирикээскэ бэйэтэ илии баттаан хамнас аахсан дьыала тэриллэн үлэтиттэн уурайарга кyhэллибитэ уонна сууттаммыта.
Бэйэтин оннугар уопута суох, коллективы үчүгэйдик билбэт 3 эрэ ый бырааhынан үлэлээбит, олох ыараханын этинэн-хаанынан билбэтэх Павлов Я.В. Үлэ министиэрстибэтигэр ходатайство суруйан, сүүрэн-көтөн хаалларбыта.
Эдэр киhини амбициятыгар оонньоон маннык ыарахан ыстатыйаны туттан сокуону кэhэн туран үлэhитттэри «эккирэтээhин» салҕаммыта, өссө күүркэйбитэ.
2018 сыл ыам ыйын 15 күнүгэр Аан Дойду үрдүнэн бэлиэтэнэр «Дьиэ кэргэн» күнүгэр миигин, элбх оҕолоох ийэни, үөрэн-көтөн үлэлии кэлбит киһини, туох даганы буруйа суох, үчүгэй, таhаарыылаах үлэм иhин элбэх наҕараадалардаах киhини сэрэппэккэ Павлов Я.В. ууратан кэбистэ. Ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии соhуччу ыарахан уураах буолан биэрдэ.
2018 сыл ыам ыйын 16 кyнyгэр Государственнай үлэ инспекциятын «Суhал» линиятыгар төлөпүөнүнэн эрийэн ыйыталаспытым. Онно сыыhа уураппыттарын ыйан туран үҥсүү сурук суруйарга уонна Ньурба оройуонун суутугар ирдэбил суругу киллэрэргэ сүбэлээбиттэрэ. Ол күн суруйан Yлэ Государственнай инспекциятыгар ыыппытым. Кылаабынай исписсэлиис ситэтэ суох эппиэтин тутан, сөпсөспөккө Yлэ инспекциятын хотунун аатыгар үҥсүү ыыппытым.
2018 сыл от ыйын 12 күнүгэр Ньурба оройуонун суута ыстатыйа 5 чааhын эрэ сотон уоннаагытын сөптөөҕүнэн уураахтаабыта.
Ньурба оройуонун суутун таhаарбыт уурааҕыттан, буруйа суох киhини итинник ыарахан ыстатыйанан уураппыттарыттан хомойон, кэлэйэн Yлэ миниистирэ Михеев А.П. приемна киирэн уураппыт ыстатыйаларын уларыталларыгар көрдөһө сатаабыппын ылымматаҕа. Социальнай харалта салайааччылара кыаммат, элбэх оҕолоох араҥаҕа сүбэ-ама, күүс-көмө буолуохтаахтарын өйдөөбөттөрө киhини сохторор, хомотор уонна дьиксиннэрэр!
Араас сыhыаннаах тэрилтэҕэ көмө, сүбэ-ама, өйөбүл көрдөөн сылдьа сатаатым. Барытыгар тонуй сыhыаны көрүстүм.
Барар сирим баҕана үүтэ буолан санаам түhэн сылдьан Саха сиригэр дьон быраабын көмүскүүр Уполномоченнайга Гурьева С.М. сырыттым.
Киhи быраабын көмүскүүр боломуочуйалаах – Сардана Михайловна Гурьева – чахчы норуот дууhатын тутарын, киhи туhугар кыhалларын, мин туспар көмөтүнэн да сыаналыаххытын сөп. Истин сыhыаныгар, мин кыhалҕабын ис дууhатынан ылыммытыгар, болҕомтолоохтук истибитигэр, мин санаабын көтөхпүтүгэр, күүспэр күүс эппитигэр истиҥник махтанабын!
Yрдүкү Суукка апелляционнай үҥсүү киллэрбиппин 2018 сыл балаҕан ыйын 24 күнүгэр көрөн Ньурба оройуонун суутун уурааҕа сөбө суоҕунан көтүрүллэн, миигин төттөрү үлэбэр ылалларыгар уураахтаата.
Кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыбатын кэриэтэ, хайдахтаах да сымыйа буруйдааhын, атаҕастааhын сиэрдээх быhыыны баhыйбатын эппинэн-хааммынан биллим. Туох да моhоллортон чаҕыйбакка, кырдьыгы булар туhугар иннигит диэки харса суох хардыылааҥ диэн сүбэлиэм этэ. Биhиги дойдубутугар киhи быраабын көмүскүүр күүстэр дьиҥнээхтик үлэлииллэр эбит!
***
Евдокия Старостина.
Ньурба к.
Оставить комментарий