Якутская городская Дума провела субботник
В рамках трехмесячника санитарной очистки на территории городского округа «город Якутск» и в преддверии майских праздников в столице проходят субботники с участием трудовых коллективов предприятий и организаций, общественности города.
К уборке общественных пространств присоединились и сотрудники Якутской городской Думы во главе с ее Председателем Альбертом Семеновым, которые по доброй традиции провели субботник на территории сквера Матери и озера Сайсары.
«Якутская городская Дума не первый год проводит здесь весенние субботники. Это и общественный запрос, и человеческое желание, и наш вклад в трехмесячник благоустройства, который действует в Якутске», — отметил Председатель Якутской городской Думы.
Альберт Семенов добавил: «Важно создать комфортные условия и проводить субботники на территории г. Якутска. В уборке после зимы нуждаются все наши скверы, парки, общественные территории. Наша общая цель — сделать родной город еще более красивыми, благоустроенными и комфортными для жизни».
Сотрудники Якутской городской Думы ежегодно принимают участие в городских субботниках.
***
Пресс-служба Якутской городской Думы
Хомуна үөрэнэн эрэр үчүгэй эрээри, дьиҥэр ити бөх сыбаалкаҕа кэлэр көлүөнэҕэ ” кэһии” буолан мунньуллан сыппыта эбэтэр куоракка ыһылла сыппыта уратытын арда улахана суох.
Ол төрдө туохха сытарый? Культурабыт суоҕар. Ол культурабыт хантан кэлиэй? Культурабыт үлэһиттэрэ культура диэн ырыа-тойук, көр, хаартыскаланыы, пикник, пьяная пятница, охота и рыбалка, үүтээн кэпсээнэ диэн дьоҥҥо тиэрдэр , Итэҕэл диэн үҥүү диэн өйдөбүлү үөскэтэр буоллахтарына. Ким эрэ кимтэн эрэ уһулуччу ыллыыра, үҥкүүлүүрэ, уруһуйдуура, саҥарара, айара ТАЛААН, нууччалыыта искусство.
Оттон культура, сахалыыта ХАРЫСХАЛЛААХ СЫҺЫАН диэн ким, туох аттыгар баар буолан ситэ, тупса, сайда турарыгар туһуламмыт ҮТҮӨ СЫҺЫАН -ХАРЫСХАЛ,нууччалыыта культура. Ону барытын биир халыыпка симэн баран ыллыырым иһин культурнайбын диэн сананар, былаас аргы иһэр ырыаһыкка,о.э. аҥардас бэйэтин да туһун харыстыыры билбэт киһиэхэ, культура үлэһитин үтүөлээх аатын иҥэрэрэ сатаммат буолан тахсар.
С А Л А Й А Р А А Т Т А А Х Д Ь О Ҥ Ҥ О А Һ А Ҕ А С С У Р У К.
Саҥа сарсыарда. Аҕыс сардаҥалаах күнүнэн аахтахха, Күн суһуктуйан эрэр.Саһарҕа таарыйан Илин саҕах аллараа диэккиттэн инники өттө кыһыл кутаа, ортотуттан саҕалаан араҕастыҥы, кэннэ олох сырдык дьэҥкир, наҕыл, киһи Ийэ Кутугар уоскуйуу өҥүн түһэрэн, Күн барахсан Ийэ Сиргэ эмиэ биир саҥа Эргиир күнү саҕалыыра буолан эрэр.
Бачча эрдэ тугу гына турдум? Түүлбэр сыбаалкаҕа үлэлии турар трактор бөх бөҕөтүн холоруктуу эрийэн, сүүнэ улахан пакеттарга кутан, айан суолун кытыытыгар, ойуур саҕатыгар хайа курдук дьаарыстыы уурбут (Бүлүү суолун сыбаалкатын иннэ биирдэ да көрө илик этим).Массыынанан ханна эрэ баран иһэбит. Тоҕо эрэ куһаҕан тимирдэри тиэйбиттэр, ону түһэрээри кузов үөһээ тахсыбытым, түөрт-биэс олох эдэркээн кыыс оҕо барсан иһэр эбит.
-Аата, бу бөх тугун элбээбитэй? Биһиги оҕолорбутугар хаалларар кэһиибит бу дии. Оҕолор, биһиги кыра эрдэхпитинэ Сир ып-ыраас этэ, -диэн кэпсээн истэхпинэ, сэҥээрэн истээччитэ, сэргээччитэ бастакы эрэ турар кыыс буолбутуттан, атыттара онно эрэ кыһаллыбаттар, дэлби хомойон уһуктан кэллим.
Чахчы да бу үлүгэрдээх киһи түүлүгэр киирэр сыбаалка маннык өйдөөх-санаалаах, туох да толкуйа суох, сарсыҥҥынан эрэ салаллан олорор олохтон хайдах да кыаллар кыаҕа суоҕуттан сүрэҕим барахсан тилигирии мөхсөн ойутан туруорда. Сыппахтыы түһэн баран ити киирэр санаалары, баҕар, кимиэхэ эмит сарсыардааҥы сарыал буолуо диэн суруйан сааһылыы олоруум.
Санааны сааһылыыр саҕа ыарахан үлэ суох. Арай Сир оҥорор, сүөһү көрөр эбитэ дуу? Ол да иһин санаанан сааһыламмыт үлэ үксэ үчүгэй түмүктээх буолар.
Куһаҕаны суруйар ыараханын да иһин, ким да миэхэ хайҕал түһэриэ да суоҕа буоллар, күтүрүүрэ элбэҕин билэбин эрээри, миэхэ сыһыана суох, аныгы олох ” сайдыылаах” дьонун-сэргэтин уруһуйдаан көрдөрүүм.
Ыһыах Айыыттан ас көрдүүр, олоҥхолуур даҕаны, оҕо улахан киһи иннигэр эбэтэр тэбис-тэҥҥэ оһуохайдаан чаҕаарыйар, бырааһынньыга да буолбатах.
Бу былыр алааһынан бытанан олорор саха дьоно, этэрбэс илдьититтэн атын туох да алтыһыы суох кэмигэр, бүтэй алаастарыттан оронон, хараҥа, тымныы, ыарахан олох аҕыс ыйдаах кыһынын этэҥҥэ туораан, дьону-сэргэни кытта көрсүһэ, оҕолорун билсиһиннэрэр сыаллаах, сааскы Айылҕа тыыныттан дуоһуйан, сайын барахсаҥҥа тулалыыра барыта ыллаан-туойан, киэргэнэн-симэнэн, таптаан-таптатан, көтөрө-сүүрэрэ оннун булунан, уйа туттан, кэпсээн кэһиитин ылынан, хардарыах баҕата баһыйан, Сири-Дойдуну аҕыс ыйга харыстаабыт, олох тыынын тымныы дойдуга быспатах, Ыйыллыбыт Ыйааҕын, Этиллибит Иэһин толорбут киһи үөрүүтүнэн аргыый наллаан кыргыттарын, хотуттарын симээн муста түһэн оһоокойдоон оонньоон, быһыйын көрдөрөн киһиргии түһэн ыллаҕа.
Оттон аныгы киһи ол айылаах туохтан үөрэн, Айыы тыыннаах ДЬИИКЭЙ диэн ааттыыр, а.э. кинини кытта биир таһымҥа турар,киниттэн тутулуга суох дьиэ-уот тэринэн, оҕолорун иитэр-үөрэтэр көтөрдөрүнэн, кыылларынан эмсэхтэнэн баран, устар сайын көһө сылдьан, Ийэ Сири илдьи тыыппыттан кэлбит харчыннан ый-күн ыһыаҕын ыһан эрэрэ буолла? Оҕолор аны туһунан ыһыах ыстар үйэлэрэ кэлбит быһыылаах. Арааһа Айыыттан быһа ас ылаары дуу, эбэтэр эмэҕирбит төрөппүтэ көстүүтэ куһаҕана дуу, эбэтэр айбыттарын олоҕо киһиттэн атын кэмэлдьититтэн тэйэр баҕатыттан дуу? Толкуйдуу түһэр тустаах курдук.
Үҥкүүлүү, ыллыы үөрэнэр, атын омуктартан хаалсыбат баҕа туох куһаҕаннаах буолуой? Ол гынан баран ити олох соруга, тутуһар тутааҕа буолбатах. Оҕону киһи тугу үчүгэйи сатыырын утарар диэмэҥ. Бастаан тоҕо, туохха, ким, хаһан, ханна, кимтэн диэн ыйытыктарга хоруйдуур табыллар.
Тыһыынчанан көлүөнэ олорон ааспытын кэннэ ып-ыраас хаалбыт Ууну, Сири, Хара Тыаны аҕыйах уон сыл иһигэр хас да үйэҕэ сүппэт бөх-сыыс бөҕөнөн көмтүбүт.Онтубутун ыраастыыр сэлээннэһии бөҕө. Сүүһүнэн тыһыынча сылларга үөскээн кэлбит балыгы, көтөрү-сүүрэри испит туоларын, ытыалаан оонньуур баҕабыт ханарын туһугар имири эһэр суолга киирдибит. Хомунарга, кэскиллээхтик дьаһанарга куруук, наар харчы суох. Ол эмиэ сөп. Харчы кыаҕа кыайа туппатахха, мээнэ бардаҕына үчүгэйи оҥорорго тиийбэт. Кини сатыыра : ыстарар, чэпчэкитик аһатар, сири илдьи тыыттарар, сымнаҕастык утутар, иҥсэни-оботу ыһар, о.д.а. куһаҕаны барытын сатыыр. Онтон ордугу гыммат барахсан.Оннооҕор сололоох ааттаах үлэһит тустаах үлэтин кэмин таһынан, үксэ онтугар даҕаны тугу да гыммат, күүлэйтэн, көртөн атыны толкуйдуу да сатаабат. Дьиҥэр ньүдьү-балай европа эрэ сайдыыта диэнинэн салайтаран сыссыаккаласпакка , бастаан бөх буолар үлүгэрдээх хаҕы хайдах суох оҥорору быһаарбыт буоллар бэрт этэ.
Киһи үөрэҕэ Сиргэ тугу да үлэлээн эппэккэ, аҥаардастыы хоһоон суруйарга, хайҕанарга, аһыыка курдук ыллыырга-туойарга , кэҕэ курдук кураанаҕы чоргуйарга, бэйэтигэр эрэ чэпчэки олоҕу оҥосторун туһунан саныырга, баҕарарга ирдэнэр буоллаҕына туох сайдыытын аҕалыай?
Сирэй-харах анньыспакка хас биирдии киһи омугуттан, общество тэриммит дуоһунаһыттан тутулуга суох Хара Тыа, Эбэ Хотун аһыыр, суунар сир буолбакка, ХАРЫСТАНАР СИР БУОЛАРЫН кытаанахтык өйдүөх тустаах. Хас биирдии киһи аһа туохтан кэлэрин, сиэбит аһа ханна түһэрин, төһө бөҕү оҥорорун, төһө ойууру отторун, хас бэйэтэ ииппэтэх көтөрүн, кыылын сиэбитин, тугу харыстаабытын, Сир Ийэ иэнигэр тугу үлэлээн эппитин бэйэтиттэн ыйытан көрүөхтээх.
Киһи барахсан өйдүө, толкуйдуо эрэ кэрэх,хайдах көннөрүммэт, тугу кыайбат, оҥорбот буолуой?
Суруйан бүтэн эрэбин, ол да буоллар Күнүм көстүбэт. Арай чахчы да олох налыйан биир кэм дьэҥкир сырдык өҥүнэн Илин Саҕах Сир үрдүн сырдаппыта тугу барытын сэрэнэн бигээн туруоруохча буолла.
Биһиги да кини курдук Айыллыбыты аргыый бигээн, Орто Дойду Олоҕун уларыта , атын омуктан, дьонтон ордо сатаабакка, кыахпытын билинэн, баарбытын харыстаан, сэрэнэн үктэнэн, Сир Олоҕун харыстыыр, эбэр аналбытын толорон, чахчы киһи быһыыланан олордорбут Сахабыт Сирэ дьол уйата буолан, киһи барахсан сайын аайы ис иһиттэн Олоҕун салгыы оҥостор төлкөтүн түстээн ДУОҺУЙУУ ЫҺЫАҔЫН ыһыа этэ.
ДЬЭ, ҮРҮҤ КҮН ТЫА ҮРДҮНЭН КҮЛҮМҮРДЭЭН КӨҺҮННЭ, КИМИ, ТУГУ БАРЫТЫН ТУРАРГА КҮҺЭЙДЭ.
ЭРЭЛ!!!
Харыйалаах кыыһа.
2005 сыл, от ыйа.
Дьиҥэр ити ырааһырыы күһүн барыахтаах эбит, толкуйдаан көрдөххө. Туох баар куорат иһин Ууларын кытыытын отун күһүн сир тоҥмутун кэннэ охсон, харбаан барытын оттук оҥорор брикетка туттар туһалаах буолуо этэ. Оннооҕор Голландиялар помидор угуттан помидор хаалыыр кумаахы дьааһыктарын оҥороллор эбит. Биһиги үлүгэрдээх картон таараны таах быраҕабыт помояҕа, кыстанан аҕай турар буолаллар. Сымыыт да ячейкатын туттарбаппыт төттөрү. Ити барыта бөх эбии буолар. Дьиҥэр таах сытыйа сытыаҕынааҕар туһа буолуо этэ.
Уу барар канаваларын сабыытын көрдөххө сорох сиринэн решетка тимир буолар. Онон канава толору хаарынан симиллэр уонна уу ханан барыаҕай? Үрдэ бүтэй лиис буолуохтаах, кыһыны быһа хаар симиллибэтин курдук. Саас уу барыахтаах турбаларын күһүн төбөлөрүн сабаттаан кээһиэххэ наада. Оннуга суох турба толору хаарынан тибиллэн, көмүллэн букатын сайын да ортото ууллара биллибэт.
Куорат водоемнарын харыстыахха наада, кинилэр куоракка сииги биэрэллэр, салгын ыраастыыллар. Ити Үрүҥ Күөл барахсаны дьаабылаабыт курдук, күөл кыламаныгар дылы тутуулары тохтотуохха. Күөллэргэ, Эбэҕэ, кини ырааһыгар эрэ буолбакка, уолбаларын эмиэ харыстыахха наада. Күөл, өрүс хаһан да, ханна да уолбалаах буолан уулаах. Ол уолбаны күһүн биирдэ оттуохтааххын, кытыыта тоҥмутун кэннэ.