Владимир Солодов миэстэтигэр тоҕоостоох боппуруостары быһаарса оробуочай сырыыннан Сунтаар улууһугар кэллэ
Бүгүн, атырдьах ыйын 3 күнүгэр, СӨ бырабыытылыстыбатын бэрэсэдээтэлэ Владимир Солодов миэстэтигэр тоҕоостоох боппуруостары быһаарса оробуочай сырыыннан Сунтаар улууһугар кэллэ.
Ыксаллаах быһыы-майгы салайааччыларын, айылҕа харыстабылын бэрэстэбиитэллэрин уонна нэһилиэк баһылыктарын кытта улууска баһаардар турууларын тула сүбэ мунньах ыытылынна.
Салгыы видеоконференция ноҥүө СӨ үрдүнэн ыксаллаах быһыы-майгы кииннэммит салалтатын кытта улуустар бары быһа сибээскэ тахсан уопсай балаһыанньаны сырдаттылар, кыһалҕалаах боппуруостарга туруорсуулары киллэрдилэр.
Аҕа баһылык улууска баһаардар турууларын уопсай туругун, ону утары туох миэрэ ылыллыбытын иһитиннэрдэ. Ол курдук айылҕа баһаарын умуорууга 196 киһи үлэлии сылдьар, олорго эбии 40 састааптаах МЧС бөлөҕө көмөҕө кэллэ, олор Кэмпэндээйи баһаарын утары охсуһуохтара, ону таһынан ИЛ-76 сүмүлүөт кэллэҕинэ Күндэйэ уонна Куукэй баһаардарын умуруоруутугар кыттыһыа.
***
“Сунтаар улууhа (оройуона)” муниципальнай оройуон дьаһалтатын пресс – сулууспата
Ещё один клоун в форме