Курс валют
$
91.11
0.16
100.39
0.35
Курс валют
Курс валют
$
91.11
0.16
100.39
0.35
Меню
Поиск по сайту

Улуус номохторо, үһүйээннэрэ. ЗАХАРОВКА ҮӨСКЭЭБИТЭ (Ленскэй)

29.11.2023 08:40 0
Улуус номохторо, үһүйээннэрэ. ЗАХАРОВКА ҮӨСКЭЭБИТЭ (Ленскэй)

Арассыыйаттан биир саллаат куотан кэлбит. Лена устун түспүт. Бэлиэдэйгэ диэри. Онтон Бэлиэдэйтэн Нүүнэҕэ түспүт. Захаров диэн ньуучча эбит. Хомустаах диэн күөл үрдүгэр сибиэбийэ туттан олорбут. Ол олорон, Хомустаах күөлү хорон, Нүүнэ өрүскэ түһэрэн кэбиспит. Орто Наахараҕа олорор Тартыыйап диэн баай киһи, ол сири уутун түһэрэн, ходуһа оҥостуохтаах эбит. 40 киһилээх кэлбит. Хоруу хаһаары. Онуоха ньуучата хайыы һахха хаһан бүтэрэн олорор. «Мин сирим, мин хаспытым», – диэн үүртэлээн кэбиспит. Онтон саха кыыһын ылан, кэргэннэммит. Олохсуйбут, үс уолламмыт. Ол уолаттарыттан барта буолуо ол Сахаараптар.

 

***
Фаина Васильевна Захарова (1930). Ленскэй, Орто Наахара нэһилиэгэ. 2002 с. кэпсэппитим. Багдарыын Сүлбэ «Талыллыбыт үлэлэр» кинигэтиттэн

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»