Курс валют
$
80.89
0.03
90.11
Курс валют
Курс валют
$
80.89
0.03
90.11
Меню
Поиск по сайту

Улуус номохторо, үһүйээннэрэ. ТОЙБОХОЙ ТОҤУС (Сунтаар)

22.11.2023 08:40 0
Улуус номохторо, үһүйээннэрэ. ТОЙБОХОЙ ТОҤУС (Сунтаар)

Былыыр-былыр биир Тойбох диэн тоҥус олорбута үһү. Кини биир оҕолоох уонна кэргэннээх үһү. Кини, тоҥус киһи буоларын быһыытынан, биир сиргэ тохтоон олорбот эбит. Көһө сылдьан бултуур-алтыыр идэлээх эбит. Сайын биирдэ ыам кумаарын саҕана Тойбох түптэлэммит. Онтон улахан баһаар турбут. Тойбох кэргэттэринээн атын сиргэ көһөн хаалбыт. Хас да сыл буолан баран кэлэн көрбүтэ, киэҥ баҕайы хонуу ортотугар тиит мастаах арыы хаалбыт. Тойбох өлбүтүн кэннэ кини чиэһигэр ити хонууга олохсуйбут дьон сири Тойбохой диэн ааттаабыттар.

 

***
Багдарыын Сүлбэ «Талыллыбыт үлэлэр» кинигэтиттэн, 2013

Оставить комментарий