Улуус номохторо, үһүйээннэрэ. ЧӨРКӨӨХ (Таатта)
Биһиги Чөркөөхпүт оройуон биир улахан дэриэбинэтинэн буолар. Таатта үрэх адьас үрдүгэр турар. Биһиги Чөркөөхпүт Чөркөөх диэн алаас үрдүгэр олорор.
Былыр бу кыракый чоҥкучах алааска собус-соҕотох эмээхсин олорбут. Төһө да буолбутун иһин эмээхсин өлөр күнэ тирээн кэлэн, өлөн хаалбыт. Дьэ, онтон ыла бу алааһы Чөркөөх Алааһа диэн диэбиттэр. Онтон кэнники аны ити алааска дэриэбинэ олохсуйан барбыт. Ону эмиэ Чөркөөх аатынан ааттаабыттар. Онон билиҥҥэ диэри Чөркөөх диэн аатыран турар. Дьэ дьикти. Ол биир соҕотох эмээхсин аатынан бүтүн дэриэбинэ ааттаммыта. Итинник номох баар.
***
Оставить комментарий