Улуус дьаһалтатыгар нэһилиэнньэни кытта көрсүһүү буолла
Муус устар 26 күнүгэр, Ил Дахан 307 №-дээх “Республика үрдүнэн гражданнары кытары көрсүһүү туһунан” дьаһалыгар олоҕуран, Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев нэһилиэнньэни кытары көрсүстэ.
Нэһилиэнньэни кытта көрсүһүүгэ тустаах эппиэтинэстээх салайааччылар кыттыннылар.
Дьон «дальновосточнай гектарга» сыһыаннаах сир түҥэтиитигэр мунаахсыйар боппуруостарын токкоолостулар. Ону сэргэ тыа хаһаайыстыбатын сайыннарарга, элбэх оҕолоох ыалга көмө уо.д.а боппуруостары ыйыттылар.
Көрсүһүү түмүгүнэн олохтоохтор кыһалҕа боппуруостарыгар сөптөөх быһаарыыны уонна көмөнү ыллылар, диэн улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Маны тэҥэ Сунтаар улууһун МО дьаһалтатын социальнай уонна имиджевай бэлиитикэ отделын сүрүннүүр үлэһитэ Т.И.Иванова Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүн 1-кы №-дээх орто оскуолатын үөрэнээччилэригэр өйдөтүү үлэтин ыытта.
Түмүккэ Анатолий Григорьев Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүнэн дьонун-сэргэтин эҕэрдэлээтэ
***
МТ «Сунтаар улууha» пресс-сулууспата
Оставить комментарий