Курс валют
$
82.19
0.26
€
90.34
0.48
Курс валют
Курс валют
$
82.19
0.26
€
90.34
0.48
Меню
Поиск по сайту

УГМС сэрэтэр: силлиэ түһэр, халтараан, түүн -22°С кыраадыс тымныы

07.10.2026 08:30 0
УГМС сэрэтэр: силлиэ түһэр, халтараан, түүн -22°С кыраадыс тымныы

Саха сиринээҕи Гидрометеорология киинин синоптиктара иһитиннэрэллэринэн, бүгүн, алтынньы 7 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн хаардаах, күүстээх тыаллаах күн-дьыл буолара күүтүллэр.

Өрөспүүбүлүкэ соҕуруулуу-илиҥҥи, илиҥҥи өттүгэр, киин улуустар сорох сирдэринэн уонна Арктика кытылынан кыралаан хаар түһэрэ сабаҕаланар. Оттон арҕааҥҥы улуустарга күн-дьыл туруга сөҥүүтэ суох буолуоҕа.

Бүгүн күн-дьыл туруга соһуччу уларыйан, тыал күүһүрэрэ күүтүллэр. Тыала орто күүстээх, сорох улуустарга сөкүүндэҕэ 9-14 миэтэрэҕэ тиийиэҕэ. Өлүөнэ эбэ уҥуоргу, илиҥҥи улуустарга, Халымаҕа уонна Арктика кытылынан тыала сөкүүндэҕэ 15-20 миэтэрэҕэ тиийэ күүһүрэн, буурҕа түһүөн сөп.

Салгын температурата түүнүн -5…-10° кыраадыс тымныы, халлаан халыннаҕына -10…-15° кыраадыска диэри тымныйыаҕа. Хотугулуу-илиҥҥи улуустарга хайалаах сирдэринэн түүн улаханнык тымныйан, -17…-22° кыраадыс тымныы буолуоҕа. Күнүһүн өрөспүүбүлүкэ үгүс улуустарыгар -3…+2° кыраадыс, соҕуруулуу-арҕаа 0…+5° кыраадыс сылаас, оттон хотугулуу-илин -4…-9° тымныы буолара күүтүллэр.

Дьокуускай куоракка бүгүн түүн кыралаан хаар түһэр, оттон күнүһүн сөҥүү түһэрэ күүтүллүбэт. Түүнүн -7…-9°, күнүһүн -1…-3° кыраадыс тымныы буолуоҕа.

Синоптиктар суолга халтараан буоларын сэрэтэллэр. Хотугулуу-арҕааттан сөкүүндэҕэ 3-8 миэтэрэ түргэннээх тыал түһүө, сорох кэмҥэ 9-14 миэтэрэҕэ диэри күүһүрүөн сөп.

 

***

Ааптар: 

Хаартыска: ЯСИА

Оставить комментарий