Убаастабыллаах бэчээт үлэһиттэрэ, суруналыыстар, суруйааччылар!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин уонна тус бэйэм ааппыттан Саха национальнай бэчээтин күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин.
1907 сыл от ыйын 1 күнүгэр «Саха дойдута» диэн сахалыы бастакы хаһыат күн сирин көрбүтэ. Саха саарына Василий Васильевич Никифоров-Күлүмнүүр быһаччы көҕүлээһининэн, салалтатынан Санкт-Петербург курдук ыраах сиртэн бэчээттиир массыына ылларан, анал шрифт оҥотторон сахалыы бастакы хаһыат тахсыбыта. Оччотооҕу саха интеллигенциятын тумус туттар киһитэ, уопсастыбаннай деятель, учуонай, суруналыыс, суруйааччы, «Сахалар сойуустарын» төрүттээччи, саха литературатын уонна саха тыйаатырын оҥкулларын охсубут Василий Никифоров үтүө аатын үйэтитэн, национальнай бэчээт норуот сайдыытыгар сүҥкэн оруолун өйдөөн, Ил Дархан Айсен Николаев ити күнү бэлиэтиир тоҕоостооҕун туһунан ыйаахха илии баттаан, быйыл Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр бигэргэтэн турар. СӨ Ил Түмэнин бэһис ыҥырыылаах мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков уонна кини биир санаалаахтара дьон-сэргэ история чахчытын билинэригэр өҥөлөрө улахан.
«Саха дойдута» хаһыат бастакы нүөмэрдэригэр саха бэчээтин үрдүкү сыала-соруга, миссията сурулла сылдьар: «Хаһыат бастыҥ былааныгар туруохтаах норуот кырдьыгын билээри. Бу норуот кырдьыга туохтааҕар да ордук буолуохтаах». Саха бэчээтин үлэһиттэрэ, суруйааччылар, суруналыыстар норуоту инникигэ сирдиир, ыйар-кэрдэр, кырдьыгы көрдүүр соруккут солбонуйбатын. Саха тылын, литературатын, тыйаатырын, киинэтин кэскилэ ийэ тылбыт чөл буоларыттан быһаччы тутулуктаах. Ол туһугар салгыы айар-тутар суолу тутуһан, дьон-сэргэ махталын өрүү ыла тураргытыгар баҕарабын.
Санаабыккыт сатанан истин, толкуйдаабыккыт тобулла турдун. Саха тыла сайыннын, сахалыы саҥа сатараатын! Дьоллоох, чөл туруктаах буолуҥ!
***
СӨ Ил Түмэнин бэрэссэдээтэлэ
П.В.Гоголев
онтон Новгородов тереебут кунэ – туох дэнэрий