Туойдаах нэһилиэгэр бара турар тутуулары көрдүлэр-иһиттилэр
Сунтаар улууһун Аҕа баһылыга Анатолий Григорьев, тутуу комплексын управлениетын начальнигын солбуйааччы Дмитрий Саввиновы кытары Туойдаах нэһилиэгэр бара турар тутуулары көрдүлэр-иһиттилэр, тустаах эппиэтинэстээх салайааччылары көрсөн тутуу хаамыытын, хачыстыбатын билистилэр.
Туойдаах нэһилиэгин баһылыга Владимир Анисимов «Хаарбах дьиэттэн көһөрүү» барагыраамма чэрчитинэн түөрт квартиралаах дьиэ тутуутун үлэтин хаамыытын билиһиннэрдэ. Тутууну “Сунтаарцеолит” тэрилтэ ыытар, үлэ болдьохтоммут былаанынан баран иһэрин, улахан хаалыы суох диэн сырдаттылар, эбийиэк быйыл үлэҕэ киириэхтээх.
Салгыы саҥа тутуллуохтаах оскуола-саад (18 миэстэ оҕо саада, 35 оскуола) турар сирин көрдүлэр-иһиттилэр. Ону таһынан нэһилиэккэ уу ыраастыыр станцияны туруорууга инники ыытыллыахтаах үлэ хаамыытын билистилэр.
Сунтаар нэһилиэгэр “РТС” түөлбэҕэ 240 миэстэлээх саҥа оҕо саадын дьиэтин тутуутун боппуруоһугар СӨ судаарыстыбаннай тутуу уонна дьиэни-уоту хонтуруоллуур управление сүрүннүүр исписсэлииһин Зинаида Попованы кытары көрүстүлэр. Кэпсэтиигэ тутуу үлэтэ былаан быһыытынан баран иһэрин, үлэ хаамыытыгар дэнтэн сэрэнии техникатыгар сүбэлэстилэр.
Оставить комментарий