Сунтаарга призывниктары аармыйаҕа атаардылар
Арассыыйа сэбилэниилээх күүстэригэр призыв салҕанан бара турар. Сунтаар улууһунааҕы байыаннай комиссариат аармыйа кэккэтигэр бастакы бөлөххө 11 призывнигы сүүмэрдээн ыытта.
Призывниктар үгүстэрэ Сунтаар бэйэлэрэ, ону таһынан Аллыҥа уонна Түбэй Дьаархан уолаттара бааллар.
Дьокуускайга көтүөхтэрин иннинэ уолаттары военкомакка мунньан тустаах үлэһиттэр бэйэлэрин сүбэлэрин-амаларын биэрдилэр. Харыстаналларыгар маасканы, бэрчээккэни туттардылар.
Уолаттар бары баҕа өттүлэринэн сулууспалыы баран эрэбит диэн үөрэ-көтө этэллэр. Инники олохторугар үгүһү туһалыа турдаҕа. Сүрүнэ, дьиэҥнээх эр киһи буола үүнэллэригэр төһүү буолара өйдөнөр.
Төһө да сулууспа болдьоҕо биир эрэ сыл буоллар, уолаттар онно сылдьан олох дьиҥнээх оскуолатын ааһыахтара.
Айаҥҥа турунуохтарын иннинэ байыаннай комиссар, подполковник Игорь Данилов призывниктарга хайдах тутта-хапта сылдьалларыгар сүбэлэри биэрдэ. Аармыйа олоҕо дьиссипилиинэни ирдиир.
Призывниктар куоракка көтөн тиийээт тута обсерваторга тиийэн, анаалыс туттарыахтаахтар. Онно икки хонон баран, призывниктары мунньар пууҥҥа, норуокка биллэринэн «Маякка» илдьиэхтэрэ. Толору медицинскэй көрүүнү-истиини ааһан баран, кэлэр нэдиэлэҕэ сулууспалыыр чаастарыгар көтүөхтэрэ. Уолаттар үгүстэрэ муоратааҕы байыаннай флот биэрэгин сэриилэригэр (морской пехотаҕа) сулууспалыахтарын баҕаралларын туһунан билиннилэр. Ону анал хамыыһыйа көрөн, сүүмэрдиэҕэ турдаҕа.
***
Гаврил Андреев
Источник: ulusMedia
Оставить комментарий