Сунтаарга 13 маҕаһыын бэрэбиэркэлэннэ
Сунтаар нэһилиэгэр атыы-эргиэн кииннэригэр COVID-19 дьаҥыттан харыстанар миэрэлэри тутуһалларын тустаах тэрилтэ исписэлиистэрэ кэмиттэн-кэмигэр рейдэҕэ тахсан бэрэбиэркэлииллэр.
Алтынньы 29 күнүгэр Сунтаар нэһилиэгин маҕаһыыннарыгар COVID-19 ыарыыттан сэрэхтээх буолуу ирдэбилин толорон административнай хамыыһыйа үлэлээтэ.
Бу күн Сунтаар нэһилиэгин олохтоох дьаһалтатыттан икки исписэлиис И. А.Семенова, Е. А. Сусова уонна Ис Дьыала отделыттан участковай А.Г.Алексеев 13 атыы-эргиэн туочукаларын бэрэбиэркэлээтилэр.
Мантан 11 маҕаһыын ирдэбили барытын тутуһара бэлиэтэннэ. Оттон биир маҕаһыыҥҥа атыыһыт бэрчээккэтэ суох, иккис маҕаһыыҥҥа бэрчээккэ да, мааска да кэтиллибэт. Онон тустаах маҕаһыыҥҥа сэрэтии бэрилиннэ.
***
Юлия Алексеев
Источник: ulus.media
Оставить комментарий