Курс валют
$
96.95
0.84
106.42
0.73
Курс валют
Курс валют
$
96.95
0.84
106.42
0.73
Меню
Поиск по сайту

Сунтаар улууһугар экотуризм хайысхата сайдар кэскиллээх

13.03.2021 10:24 5
Сунтаар улууһугар экотуризм хайысхата сайдар кэскиллээх

Кулун тутар 12 күнүгэр, Кэмпэндээйи нэһилиэгиттэн 50 км тэйиччи «Тумара» диэн сиргэ экотуризм хайысхатынан бизонарий паркатын үөрүүлээх арыллыыта буолла. Бу экологическай бырайыак – бизон биһиги дойдубутугар төрөөн, үөскээн, тэнэһийэ сылдьыбыт диэн историческай суолтатын хаҥатар сыаллаах. 


Манна туризм сайдарыгар бары ирдэнэр усулуобуйалар тэриллибиттэр, ол курдук түргэн кэм иһигэр үлэһиттэргэ уонна ыалдьыттарга саҥа скандинавскай тииптээх дьиэлэр тутуллубуттар. Эһиил бизоннар ахсааннарын хаҥатар сыалтан өссө эбии аҕалар былааннаахтар. Бу кэскиллээх бырайыагы өссө сайыннарарга диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕолор дьоҕурдарын сайыннарар уонна доруобуйаларын чэбдигирдэр «Сир уустара» киини кытта бииргэ ыкса үлэлэһэн оҕолорго экскурсия тэриллэр буолуо, инникитин улууспут нэһилиэгин оскуолаларын барытын хабыахтара.

Историяҕа киирэр улахан суолтаталаах тэрээһиҥҥэ Сунтаар улууһун Аҕа баһылыга Анатолий Григорьев, СӨ Экологияҕа, сир баайын туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирэ Сахамин Афанасьев, «Таас-Юрях Нефтегазодобыча»  хампаанньа бэрэстэбиитилистибэтин салайааччыта Петр Алексеев, СӨ Экология министиэристибэтин булт уонна кэрэ сирдэр департаменын салайааччыта Дьулустаан Михайлов, СӨ Экология министиэристибэтин ууну туһаныы уонна айылҕаны үөрэтии департаменын салайааччытын солбуйааччы Владислав Белигура, СӨ Экология министиэристибэтин балык көрөөһүнүн салаатын исписсэлииһэ Геннадий Белолюбскай, Кэмпэндээйи нэһилиэгин баһылыга Александр Игнатьев, улуустааҕы экология салаатын салайааччыта Сергей Николаев уонна олохтоох нэһилиэнньэ кыттыыны ыллылар. Дойдубут кэрэ көстүүлээх айылҕатын, баайын-дуолун кэлэр көлүөнэҕэ чөл хаалларан, экологическай туризм сайдарын туһугар бары бииргэ түмсэн үлэлиэх тустаахпыт диэн, кэлбит ыалдьыттар санааларын үллэһиннилэр.

***

“Сунтаар улууhа (оройуона)” муниципальнай оройуон дьаһалтатын пресс – сулууспата.

Обсуждение • 5

Добавить комментарий
  1. ПАВЛИНА

    Бэйэбит олохтоох кыылларбытын кыдыйан бүтэрэн баран, бүгүҥҥүнү да билбэт, харыстаабат аата, былыр бизон дойдута диэн кэлии кыыллары чэрчитэ сатыыр эмиэ туһугар көрүдьүөс. Өбүгэ олоҕуттан саатар, улуутуйа сатыыр дьон улахан омуктарга сыста сатаан хантан эрэ көһөн кэлбит аатыра сатаан тахсалларын курдук.

    Андаатары аҕалан күөлү бары киртитэн, билигин ким да туһаммат уу кутуйахтара, атын бэйэлээхтик бэйэҕэр ырдьыгыныахча буолар кыыллар, саа уоһугар түһэрэн ылбыттан хаалбыт аҕыйах кус сымыытын былдьаан сиэн кээһэр ини. Ааргы үйэ алдьатта диэн үйэни өссө буруйдуохпут.

    Дьиэ табатын ахсаанын элбэтээри өлөрөрү боболлор диэн суруйаллар.

    Оччотугар киһи кыайан эппэт кэрэ дьиикэй табаларбытын эт эрэ гынартан үөрэн, эттиир, астыыр да солото суох нэһиилэ тириитин сүлэн киһи этэ тардар хаартыскалаан интстаграм иһэ туолар.

    Биһиги кыра эрдэхпитинэ ойуур иһин толору ыллык үктүүр табата, тайаҕа эстэн ыллыктар эмиэ остулар. Хаһан эрэ суруйан турабын… мы должны беречь каждую тропинку протоптонную до нас, ол аата ол ыллык үктээччилэрбитин харыстыахтаах этибит.

    Ити Сахамин Афанасьев мин курдук ыал буолла да эрин бэйэтэ ииппэтэҕин өлөрөр эрин өлөрөрүн боппут, мин дьиэбэр таба, тайах буолуохтааҕар, кус, куобах да бүлүүдэ буолан киирбэтэҕэ сүүрбэттэн тахса сыл буолла. Мин оҕолорум куһу, куобаҕы сииргэ анаммыт диэн өйдөөн да көрбөттөр.

    Дьиҥэр ити барыта сахалыы саҥалаах, олохтоох-дьаһахтаах, сылаастаах, кыһалаах кыыллар, көтөрдөр. Кинилэр биһиэхэ төрүүр-ууһуур буолан дьиэлэрэ, биһиэннэрэ. Онно сыһыаммыт хайдаҕый? Былаас хата уһуну-киэҥи өйдөөбөт, муударайа мускуллубут эдэр дьахталлары киһиргэтэн айахтарын аттылар да эр дьону булчут диэн киһиргэтэн, охота и рыбалка, байанай передачаны үбүлээн дьону сиир-аһыыр чалбайар өйдөбүлүгэр үктэннэрбиттэрэ түөрт уонус сыла туолла курдук.

    Хата мин аҥардас Егор Борисов кыра дьону кытта кэпсэппэт кэмигэр икки төгүл ити передачаҕын боб диэн көрдөһүү суруйан биэрбитим, байанай передача Иннокентий Артамоновыгар иккитэ сылдьыбытым, ону-маны өлөрөр хаартыскаҕыт конкурсун, передачаҕын тохтот диэн, заметьте бэйэм харчыбар Сунтаартан тиийэн, гостиница төлөбүрүн уйунан, ото уонна ити Айылҕаны сииргэ үллэрэр министерствоҕа Григорьев министр саҕаттан уон түөрт төгүл сылдьан, Сахамин Афанасьевка киирэ сатаан баран аймаҕыҥ кэлбит диэн албыннаан эмиэ киирэ сылдьыбытым, бүтэһигэр ол дойду үлэһитэ лэбээрэ олорума диэн үүрэн таһаарыаҕыттан үктэнэ иликпин кырдьыга.

    Саха омук баҕар буолбатах кэлии дьон баара аҕай буолуо, оттон мин сахабын, ол иһин тулалыыр эйгэни, кини бэйэбититтэн атын олохтоохторун сахалыы ырыаларын, кыһалҕаларын барытын тыла суох эппинэн-хааммынан ылынабын, өйдүүбүн. Кинилэри эрэ буолуо дуо оту-маһы оннооҕор туттан турарыттан кытта өйдүүбүн.

    • ПАВЛИНА

      …эрин ииппэтэҕин өлөрөрүн боппут, тугу да кыргыбатах, дьоллоох олох туһун туойар туһугар сүүрбэ аҕыс сыл ардыгар сууккаҕа сүүрбэ чаас толкуйдууру баһылаабыт, сиргэ үлэлээн сэниэлэнэр,үлэттэн үөрэ үөрэммит Ийэлээх Аҕалаах, “кулаак” Оһоокойдьут Эбэлээх, Сир дойду олохтоох оҕотун хаһан эмит хайҕаан ылыа этэ. Ол миэхэ дьиҥэр ирдэммэт, үлэбин төлөөбөт, арай дьон маннык дьону хайгыыллар эбит диэн харысхаллаах дьон элбиэ этэ диэн суруйбутум ис хоһоонун ситэриэххэ.

      Ото мин үлүгэрдээх үлэбэр төлөбүрүн харысхаллаах, Өбүгэ Төрүт Итэҕэлигэр үктэнэр дьон элбээн Сир дойду куруук оҕолорбор, сиэннэрбэр чэлгийэ турдар ханнык диэн баҕа санаалаахпын.

  2. ПАВЛИНА

    Баҕар баҕарыма мин курдук тыыннаах, айыллыылаах, геннай памята уруттаан уһуктубут дьоллоох олох туһун туойар, туруорсар, кырдьыгынан олорор дьонноох буолан омук инникилээх буолуо. Сир Ийэ барахсан киһини булан кэҕитэн-этитэн, урукку Киһини Олоҥхо олбохтоон сүдү күүстээх эбитин сөҕөн да диэн кыайан сөҕүөн, толкуйдаан да диэн кыайан тобулуоҥ суоҕа. Сир Ийэ сорук-боллур оҕото аҕалбыт сураҕын истэн Ийэ Сиргэ сыһыаҥҥын тосту уларыттаххына, Сири -дойдуну харайаары кэлбит Ытык Иэскин биллэххинэ, толордоххуна биэрбитин бэйэҕэр биэс буолан эргийиэ. Онон Сир Ийэни тапталлааҕыҥ курдук көр-харай, ааһар сиргин анаарар көр, олорор сиргин үлэлээн-хамсаан итии тыыннаа, халыҥ Хара Тыаны харыстаа, Ийэҥ,Аҕаҥ алааһын арчылыыр буол, оччотугар туттан-хаптан кэбистэххинэ тула өттүҥ көҕөрүө, сылдьан ааспыт сирдэриҥ сибэккиннэн симэниэ.

    Харыстаа сахалыы саҥалаах, уйгулаах, олохтоох тулалыыр эйгэни, дьолу туойар көтөрдөрүн, кыылларын. Айбыт алгыһа Орто Дойдуга кинилэр ырыаларын-тойуктарын устун кутуллуоҕун бил.

    Орто дойдуга Айыы Алгыһын ыҥыран, көрдөһөн ылбыт киһи диэн остуоруйаҕа да суох, аныгы культура үөрэхтээх дьоно дьону бутуйар дьарыктара.

  3. ПАВЛИНА

    Сир Ийэ барахсан тугу саныырын, чуумпуга сипсийэрин, баҕатын төһөтүн өйдөөбүппүн суруйа, этэ-тыына сатаатым. Дьокуускайга кэрийбэтэх салайар правительство, ил түмэн, недропользование, культура, тыа хаһаайыстыбатын, айылҕа туһун ас гынар уораҕайдара (аныгы куорат дьоно урааҥхайданара, уораҕайдаахпын дэнэрэ да дьикти, да эрээри, онтон атыннык эмиэ да хайдах, тугунан улуутумсуйуой) эрэ хаалбатылар буолбакка, наука, свфу культуратын үөрэҕин салаатын, Белинскэй, Пушкин, нвк-ны түөртэ, общественнай палатаҕа иккитэ, саха театрыгар, академия наук дьиэтигэр үстэ, Ойуунускай дом-музейыгар, Кулаковскай культура дьиэтигэр, эстрада театрыгар, арчы дьиэтигэр, кыым, саха сирэ, туймаада редакциятыгар эҥин, биирдии эрэ төгүл буолбакка, бары сылдьан Айылҕаны харыстыыр төгүрүк остуолла тэрийэн кэпсэтиэххитин наада, хайдах салгыы дьаһанан олорору, Ийэ Сири илдьи тыытар, саас, күһүн көтөрү, кыылы кыргар сыыһа диэн этинэн биир ахсааннаах дьон ол туһугар кыһаллара, аахайбата суоҕа кырдьык Төрүт Итэҕэлгэ үктэммит дьон суоҕун туоһута. Харчыны ыҥырар сулус оҥостубут, кытта төрөөбүт сапсар, сиир-аһыыр баҕатын үүнүн-тэһиинин кыайан тутары билбэтэх, сатаабатах ханнык да омук, киһи-аймах уһаабатын билбэккэ быстарыахпыт турдаҕа.

  4. ПАВЛИНА

    Ити барыта босхо, бириэмийэ биэрбит буолуохтааҕар, хайҕаабыта да суох, үөхпүтүн дьоһун сааска кэнчээрилэригэр кэһии буолан хаалбытын хата абааһы тэрилэ ыһыктыбакка ырбаҥныыр, үүрэн таһаарбыта да баар, мэйиитигэр эдьиийбэр таракаан киирбит диир балтым арай арааһа эйиэхэ биэриэхтээх кыраамыкаларын, алҕас миэхэ аадырыстаабыттар дуу диэн, ватсабынан хаартыскалаан ыытан сөхтөрдө, үйэтигэр бириэмийэтин кэпсээччитэ суох.

    Ол гынан баран киһи-аймах муннун бүөлэнэн муҥур уһуга буолан эрэрин өйдүүр дьон элбээн үөрдэр.

    Киһи барахсан өйдүө эрэ кэрэх, хайдах көннөрүммэт, тугу кыайбат буолуой диэн ханан эрэ кистээн хаалларбыт эрэл кыыма чаҕылыйан эрэниэххин баҕардар.

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»