Сунтаар улууһа хаһыаттарга уонна сурунаалларга сурутуу өҥөтүнэн туһанарга өрөспүүбүлүкэҕэ иккис миэстэҕэ сылдьар
Ахсынньы 10 күнүгэр, улуус Аҕа баһылыга Анатолий Григорьев оробуочай сырыыннан Бүлүү бөлөх улуустарыгар сылдьа кэлбит “Почта России” Саха сиринээҕи салаатын салайааччытын Петр Птицыны, Мииринэйдээҕи почта салаатын салайааччытын Татьяна Гаврилованы уонна Сунтаардааҕы почта саҥа салайааччытын Ирина Егорованы кытта көрүстэ.
Дьыалабыай кэпсэтиигэ сүрүннээн “Почта России” тэрилтэ инники ыытар үлэтин, нэһилиэнньэҕэ оҥорор өҥөлөрүн торумнаатылар.
Билигин уһук сытар нэһилиэктэр олохтоохторо хамнас, пенсия ылалларыгар судургу буоларыгар “Почта Банк” нөҥүө почта терминалларыттан бырыһыана суох харчы устааһыныгар уонна онтон да атын өҥөлөрүнэн туһаналларыгар тэрилтэ представителя үлэлиирин иһитиннэрдилэр.
“Почта России” Саха сиринээҕи салаатын салайааччыта Петр Птицын Сунтаар улууһа хаһыаттарга уонна сурунаалларга сурутуу өҥөтүнэн туһанарга өрөспүүбүлүкэҕэ иккис миэстэҕэ сылдьарын хайгыы бэлиэтээтэ, инникитин да маннык үрдүк таһаарыылаахтык бииргэ үлэлииргэ былааннаатылар.
Оставить комментарий