Сунтаар туруу үлэһит ыаллара күргүөмүнэн оттууллар
Былдьаһыктаах сайыҥҥы күннэр. Кураан сайын буолуо диэн бит-билгэ баара даҕаны, Сунтаар улууһугар быйыл сайын ураты лүҥсүйэр этиҥнээх, уот-күөс уһуурар чаҕылҕана, тыала күүһэ сүрүкэтэ хас биирдии киһини сөхтөрдө. Үгүс отчут интэрниэт тугу кэпсиирин маныы сатаан, араадьыйа борогунуоһун кэтээн, күннэтэ халлаанын сылыктыыр, кэтиир-маныыр. Ардах суох эрэ буоллар, эрдэттэн хомунан бэлэм олорбут отчут ходуһа диэки ыстанар.
Дмитриевтар-Павловтар Сунтаар нэһилиэгин Өтөхтөөҕөр төрүттэрин сиригэр урут уруккуттан оттоон кэлбит элбэх ыччаттаах дьиэ кэргэттэр. Кинилэр быйылгы от үүнүүтэ орто дэһэллэр. Былырыын уопсайа 17 оту туруорбуттар. Бүгүҥҥү күҥҥэ 6 оттоохтор. Оҕолор, сиэннэр ким кыайарынан сайын аайы от үлэтигэр сылдьан, эттиин-хаанныын чэбдигирэн, туһа дьоно буолан сайыннарын атаараллар. Ол курдук билигин оҕолуун-уруулуун уопсайа 16 киһи окко сылдьар. Бу үлэни убайдара Николай Семенович баһылаан-көҕүлээн сылдьар. Оттон аҕа саастаах убай киһи Егор Ильич МТЗ тыраахтара окко солбуллубат көлө буолар.
Ити курдук Дмитриевтар-Павловтар күргүөмүнэн өбүгэлэрин сирдэригэр тахсан эти-хааны эрчийэн, көй салгынынан дуоһуйа тыынан, күлэ-үөрэ оонньоон отторун былаанын толорорго дьулуһаллар.
Сыллата эдэр көлүөнэ ынах, сылгы иитиититтэн тэйэн, бэлэм кэлии эти ылара аҕыйаҕа суох. Оттон сорох дьон бэйэ иитэн-аһатан таһаарбыт бородууксуйата туохтааҕар да күндүтүн, туһалааҕын өйдөөн, үлэттэн салгыбаттар.
***
Юлия АЛЕКСЕЕВА
Оту оттооҥ бэйэҕитигэр атыыга атастаһыкка.Туох да буолуо суоҕа.Билиҥҥи былдьаһыктаах кэмҥэ туттан хаалыҥ.Эһиил эмиэ хаһаас күн дьыл уларыйа турар.
Били аммалар уон күн оттоон баран арыгылаан өлөрсө сыспыттара.Оннук дьоҥҥо холобур буолуҥ.Улуус дьону көҕүтэн кыра призтаах күрэх да тэрийдин.Дьон көхтөөх буолуо этэ.Кытаатыҥ!Халлааҥҥыт туран биэрдин.