Курс валют
$
94.09
0.23
100.53
0.25
Курс валют
Курс валют
$
94.09
0.23
100.53
0.25
Меню
Поиск по сайту

Муус устар 21 күнэ – Олохтоох бэйэни салайыныы күнэ

21.04.2022 09:10 0
Муус устар 21 күнэ – Олохтоох бэйэни салайыныы күнэ

Сунтаар улууһун дьаһалтатын уонна оройуон Сэбиэтин депутаттарын ааттарыттан олохтоох бэйэни салайыныы күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!

Тыа сиригэр тупсаҕай оҥоруу, дьиэ-уот коммунальнай өҥөтүнэн сөптөөхтүк хааччыйыы, нэһилиэнньэ доруобуйатын туруга, ыччат үөрэҕи ылыыта, култуура төрүт үгэстэрин чөл хаалларыы, онтон да элбэх тыын суолталаах боппуруос улуустар уонна нэһилиэктэр баһылыктарын, олохтоох салайыныы бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын дьулуурдаах уонна дьоһуннаах үлэлэриттэн тутулуктааҕын бэлиэтээн РФ Бэрэсидьиэнэ 2012 сыл бэс ыйын 10 күнүнээҕи 805 №-дээх дьаһалынан Бүтүн дойду үрдүнэн, муус устар 21 күнэ «Олохтоох бэйэни салайыныы» күнүнэн биллэрбитэ. Ол төрүөтүнэн билигин олохтоох бэйэни салайыныы үлэлииригэр сөптөөх сокуоннар, уураахтар, дьаһаллар ылыныллан, тиһигин быспакка, күүһүрэн, улаатан иһэллэр. Биһиги улууска нэһилиэк баһылыктара, улуус уонна нэһилиэк дьокутааттара элбэх өрүттээх үлэ ыытан экономика, производство, дьоҕус уонна орто предпринимательство, үөрэҕирии, социальнай эйгэ салааларыгар улахан уларыйыылар бардылар, араас бырайыактар оҥоһуллан олоххо киирдилэр. 

Ытык-мааны Сунтаарбыт улууһун олохтоохторун өссө төгүл олохтоох бэйэни салайыныы күнүнэн итиитик – истиҥник эҕэрдэлиибит! Бу сырдык бырааһынньыкка баҕарабыт Өрөспүүбүлүкэбит уонна улууспут чэчирии сайдарын туһугар, таһаарыылаах үлэни, хас биирдии киһи олоҕор дьолу-соргуну! 

Туруоруллубут соруктарбытын биир санааннан салайтаран ситиһэргэ, бары бииргэ түмсэн, сомоҕолоһон үгүһү ситиһиэхпит диэн бигэ эрэллээхпит!

***

«Сунтаар улууһа (оройуона)»  муниципальнай оройуон баһылыга      А.В. Григорьев,

Сунтаар улууһун депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ      У.Д. Попова

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»