Сунтаарга саҥа талыллыбыт нэһилиэктэр баһылыктарыгар сүбэ мунньах тэрилиннэ
Сэтинньи 17 күнүгэр Түбэй-Дьаархан нэһилиэгин саҥа талыллыбыт баһылыгын Сергей Иванову уонна нэһилиэк активын кыттары Улуус Аҕа баһылыга Анатолий Григорьев уонна туһааннаах тэрилтэлэр салайааччылара кыттыылаах сүбэ мунньах тэрийэн улууска билиҥҥи туругунан уопсай балаһыанньаны уонна туох саҥа уларыйыылар киирбиттэрин туһунан сиһилии билиһиннэрдилэр.
Мунньах кыттыылаахтара тутуу салаатыгыр, доруобуйа харыстабылыгар, үөрэҕириигэ уонна тыа хаһаайыстыбатын эйгэлэригэр бэйэлэрин инники былааннарын сырдаттылар. Тэриллибит сүбэ мунньаҕы улахан методическай суолталааҕын, инникитин үлэлэригэр туһалаах буоларын бэлиэтээтилэр.
***
«Сунтаар улууһа (оройуона)» муниципальнай оройуон дьаһалтатын пресс-сулууспата
Оставить комментарий