Курс валют
$
82.17
0.02
€
89.88
Курс валют
Курс валют
$
82.17
0.02
€
89.88
Меню
Поиск по сайту

Салгын температурата -50 кыраадыска диэри түһүөҕэ

23.11.2026 (2 дня назад) 08:16 0
Салгын температурата -50 кыраадыска диэри түһүөҕэ

Дьокуускайдааҕы гидрометеосулууспа (УГМС) синоптиктарын дааннайынан, бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Саха сиригэр кыралаан, сорох сиринэн хаардыыра күүтүллэр. Нэһилиэнньэлээх пууннарга туман түһүөн сөп.

Тыал сөбүгэр, сорох сирдэринэн сөкүүндэҕэ 9-14 миэтэрэҕэ диэри түргэннээх, буурҕа. Соҕуруу, арҕаа уонна хотугулуу-илиҥҥи улуустарга (Усуйаана, Ленскэй, Нерюнгри) тыал сөкүүндэҕэ 15-18 миэтэрэҕэ диэри күүһүрүөн сөп. Оттон Арктика кытылыгар тыал сөкүүндэҕэ 15-20 миэтэрэҕэ диэри тиийиэҕэ, буурҕа түһүө.

Түүнүн салгын температурата -35-40 кыраадыска диэри намтыаҕа, хотугулуу-илин уонна халлаан халыннаҥына-45-50 кыраадыска диэри тиийиэҕэ. Соҕуруулуу-арҕаа -22-27 кыраадыс буолара сабаҕаланар. Күнүһүн салгын температурата -28-33 кыраадыска диэри тиийиэ, хотугулуу-илиҥҥэ -33-38 кыраадыс, оттон арҕаа уонна соҕуруулуу-арҕаа -15-20 кыраадыс буолуоҕа.

Дьокуускай куоракка сөҥүүтэ суох буолуоҕа. Тыала арҕааттан сөкүүндэҕэ 1-5 миэтэрэ түргэннээх. Түүнүн салгын температурата -36-38 кыраадыс, күнүһүн -30-32 кыраадыс тымныы буолуоҕа.
Хаартыска: Василий Прокопьев

Оставить комментарий