Курс валют
$
97.44
0.42
105.84
0.32
Курс валют
Курс валют
$
97.44
0.42
105.84
0.32
Меню
Поиск по сайту

Саҥа дьыл түүн (кэпсээн)

30.12.2023 08:55 3
Саҥа дьыл түүн (кэпсээн)

Бүгүн сыл тиһэх күнэ. Дьон Саҥа дьылы бырааһынньыктаары түбүгүрэллэр. Нэһилиэк маҕаһыыннарыгар киирии-тахсыы, атыы-тутуу ампаалык. Сэмэн дьэ үлэтин бүтэрэн дьиэтигэр кэлэн нам-нум буолан эрдэҕинэ, биир огдообо дьахтар киирдэ.

Оттор маһа бүппүт. Кураанах мас тиэйэн аҕалан биэрэригэр көрдөстө. Ойоҕо: “Бачча хойут бардаҕына тыаттан хаһан эргиллэн кэлэр!” — диэн этэн көрдө да,  Сэмэн сөбүлэстэ. Саҥата суох чэй сыпсырыйан иһээт, таҥнан гарааһыгар таҕыста. Сол даҕаны сойо илик бөлөрүүс тыраахтарын пускааһынан собуоттаата. Пускаас өрө сарылаан иһэн дизели эрийэн, хара буруонан уһуурта, собуоттанан өрө дьигиһийэ түстэ. Сэмэн тыраахтарын таһааран эбии сэлээркэ кутта. Кыыһын аахха сылдьан күтүөтүн илдьэ барда. Эдэр киһи сылаас дьиэттэн эмиэ хара тыаҕа барыан баҕарбата өтө көстөр. Сөбүлээбэтэр даҕаны таһыгар биллэрбэтэ. Тыаҕа тиийэн саһаан тиэйбиттэрэ бирисиэптэрэ туолбата. Эбии куруҥ мас охторон эрбээтилэр. Толору тиэнэн төттөрү айаннаатылар. Халлаан биллэ хараҥарда. — Туох ааттаах ыксалай, саатар, бырааһынньыкка сынньана түһүөххэ баара, — күтүөт уол көймөстүбүт санаатын этэригэр тиийдэ.

— Огдообо дьахтар маһа бүппүт. Бүгүн отторо суох үһү.

— Эрдэ этиэ эбит…

— Дьэ ону билбэтим. Бытыгырас оҕолордоох. Бу тымныыга тоҥуохтара.

Айаннаан иһэн сыыры түһүүлэригэр, биир УАЗ оптуобус массыына утары кэлэн ааста. Сыыры өрө бурҕатан тахсыыларыгар кэннинээҕи ааннара тэлэллэ түстэ. Дьааһыктаах, кууллаах таһаҕастара саккырастылар. Күтүөт тыраахтар кэннинээҕи уотугар ыйдаҥардан ону көрдө. Аҕа кынныгар эппитигэр, тыраахтарын тохтотон, бирисиэби араардылар. Кэҥэс хабыыналаах тыраахтарга таһаҕастары симэн, массыыналаах дьону эккирэттилэр.

Массыына көстүбэт буолбут. Кэнники биир мэһэйдээх, нэҥсиэлээх кыараҕас суолга массыына бытаарбытыгар чугаһаан кэллилэр. Саатар фаралара чыпчылыҥнаабат, сигналлара үлэлээбэт. Массыына тохтообокко иннин диэки дьүккүйэр. Күтүөт ааны арыйан хаһыытаан көрөр да, истибэттэр. Онтон түбэһиэх буолтаны харбаан ылан массыынаны бырахпытыгар өс киирбэх тыас таһаарда. Массыына тохтоото. Суоппар тахсан Сэмэни уолуктуур. Массыыната ханан эмсэҕэлээбитин көрө сатыыр. Эбиитин биир мааны дьахтар тахсан үөхсүтэлээтэ, холуочуктарынан аахта. Онтон массыыналарыттан бадаарактара саккыраабытын аҕалбыттарын биллилэр. Саҥата суох тиэннилэр даҕаны бара турдулар.

Сэмэннээх төттөрү кэлэн мастаах бирисиэптэрин холбонуохтарыгар диэри бириэмэ ыраатта.

— Бырааһынньыгы баттаспат дьон буоллубут. Ити таһаҕастарын илдьиэ суохха баара. Махтамматылар даҕаны дии, — күтүөт уол киҥэ-наара холлон, санаатын аһаҕастык этэр буолла. Сэмэн киэҥ көҕүстээх, үгэһинэн, хата, холку.

Дьиэлэригэр бырааһынньыктааҕы астаах сандалы толору тардыллыбыт. Бу үөрүүлээх түгэн миигинэ суох ааспат диэбиттии, көмүс төбөлөөх сампаан өрө хоройбут. Түннүктэригэр гирилээндэ-остуора симэммит харыйалыын даҕаспытынан араас өҥүнэн суһумнуу тырымныыллар. Дьиэлээхтэр уон икки чаас чугаһаан, остуолга олороорулар аҕалаах күтүөттэрин күүтэллэр.

— Ити дьахтар маһын эрдэ даҕаны тиэйтэрбэт ээ. Босхону эрэ үрдүнэн төлүүр эрээри. Тиэхиньикэ алдьаннаҕына саппаас чаас төһө сыаналааҕын өйдүү, истэ да барыахтара суоҕа, — дьиэлээх дьахтар тымтар.

— Маама, аҕам ааҕы ол дьахтарга этэҥҥин ыыттарыаҥ суох этэ. Бачча хойут буола-буола, — кыыстара эрин күүтэ сатаан эмиэ сөбүлээбэтэҕин биллэрэр.

— Этэ сатаабытым, аҕаҥ истибэтэҕэ. Дьиҥэр, ити дьахтар сылдьар киһитигэр,  Сөрүөҥнүүр Сөдүөккэ этиэ эбит.

— Һок. Сибээскэ кэллилэр, — кыыстара эригэр эрийэр, — Аллоо тоҕо хойутаатыгыт? Кэлэн иһэҕит дуо? Ханна тиийдигит? Чаас курдугунан тиийиэхпит даа? Уон икки буолла… хойутуур дьон буолбуккут, — төлөпүөнүн араарда.

***

Сэмэннээх тыраахтарынан бөһүөлэккэ чугаһаатылар. Дьиэлэр кыырпах саҕа уоттара кыламныыллар. Онтон соҕотохто салют уоттара, халлааны быһыта курбуулаатылар. Өрүһүспүттүү бачымахтаһан тахсан, үөһэ эстэн араас сардаҥалар ыһылла оонньоотулар. Күтүөт мааҕын сылаас  дьиэтигэр, арыгы иһээри тууһугурбута ханна да суох буолбут. Тото аһаан баран сынньаныан эрэ баҕарар. Эбиитин аара сэлээркэлэрэ тоҥон эрэйдии сырытта. Үлэхтээх сирдэригэр мастарын илдьэн сүөкүөхтэригэр диэри бириэмэ ыраатта. Уулуссаҕа бэлиэр итирик дьон саҥата иһиллэр. Кулууп диэки муусука тыаһа бүтэйдии доргуйан бөтүгүрүүр. Күтүөт уол үлэспит дьахтарга киирэн, маһын ханна сүөкүүрүн ыйытта. Биирдэһэ тахса да сылдьыбата. Биир ханнык эрэ киһилиин сэмээр иһэ олороллор. Имин хаана кэйэн тырымнаабыт. “Эргэ саһаан турбут сиригэр сүөкээҥ. Сэмэн билэрэ буолуо. Чэ, паапаҕар этээр, кэнники харчыланнахпына төлүөм”, — диэтэ.

Түүн үөһүн саҕана дьэ, дьиэлэригэр хоочугураһан киирдилэр. Сыгынньахтанан остуолга олордулар. Дьахталлар тоҕо өр буолбуттарын ыйыталаһаллар. Сэмэн үгэһинэн саҥата суох аһаан кимиритэр. Күтүөт уол дьэ айаҕын тимэҕэ сөллөн, аһыырын быыһыгар кэпсиир.

— Хайа, дьон тоҕо сүрэй, махтамматтар даҕаны эбит дуу.

— Саҥа дьыллааҕы бадаарактарыттан ытыстарын соттуо этилэр.

— Итинэн суол айаҕа. Араас массыына ааһар, атыттар ол таһаҕастарын, хата, “харайыа” этилэр.

— Чэ бүттүбүт. Бырааһынньык ханна да куотуо суоҕа. Дьоҥҥо үтүөнү оҥорбуккут кэлин уон оччонон бэйэҕитигэр төннүөҕэ, — эбээлэрэ эппитигэр, мух-мах буола түһээт, атыны кэпсэттилэр.

***

Ити кэнниттэн икки ый ааста. Киэһэ Сэмэннээх утуйаары сыттахтарына ааннарын тоҥсуйдулар. Дьиэлээх дьахтар тэрээсэҕэ таҕыста.

— Кимий? Ким тоҥсуйар?

— Мин, суолга быстардыбыт. Дьиэлээх хаһаайын баар дуо?

— Суох. Утуйдубут. Тоҥсуйумаҥ — дьахтар этээтин кытта, Сэмэн тахсан ааны арыйда. Дьахтар ботугураабытынан дьиэтигэр киирдэ.

Кырыа буолбут киһи тэрээсэҕэ киирдэ. Сэмэн билэ сатыырдыы көрдө. Өйдөөн көрбүтэ, били, Саҥа дьыл буолар киэһээтигэр кинини уолуктаабыт киһи эбит. Киирбит киһи эмиэ биллэ бадахтаах, сирэйэ кыбыстыбыттыы кытарда, илиитин биэрэн дорооболосто.

— Ээ… эн эбит дуу, дорообо… мин, туох…

— Туох буолла, массыынаҕыт? Хайа диэки быстардыгыт? — Сэмэн киһитэ мух-мах буолбутун көрөн, быһа түһэн ыйытта. Киирбит киһи онтон эрдийэн туох буолбуттарын кэпсээтэ.

Түүннэри тыраахтарын собуоттаан онно бардылар. Массыыналара умуллан, тоҥоро чугаһаабыт эбит. Ону состорон аҕалан, Сэмэн гарааһыгар уктулар. Кинилэр дьоллоругар, Сэмэҥҥэ массыына алдьаммыт саппаас чааһа баар эбит.

Тоҥмут пассажирдары уонна, били, бадаарагын “баһыыбатыгар” Сэмэннээҕи үөхсүбүт хотун дьахтары дьиэҕэ киллэрэн итии киллэрдилэр.

Түүннэри оҥостоннор салгыы айаннаары туран, үскэл киһи Сэмэҥҥэ харчы биэрбитин ылбата. “Суолга быстарбыттан ылбат куолу…”, — диэтэ.

 

***

Родион ДАНИЛОВ-Ородьумаан

Обсуждение • 3

Добавить комментарий
  1. Халлаан

    Итинник ацала ыттартан хаьан да махталы куутумэ да эрэйимэ да.Комолоьо да сатаама.Билигин уксэ мэйиилэрэ суох арыгы быьа сиэбит дьон о5олор уонна сиэннэрэ эмиэ итинниктэр.Акаарыларыгар эбии деградация буолбут дьон туьата суохтар.Таах государства коцдой харчыны эрэ барыыр.

  2. Кисинян

    Аата сүрүн. Көрөн баран көмөлөспөккө ааһа турар эмиэ иэстэбиллээх буолар. Сэмэн үтүө киһи эбит.

  3. Сайаҕас

    Сиэрдээх киһим эбит Сэмэн.

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»