Поздравление спикера парламента Алексея Еремеева с Новым годом
От имени Государственного Собрания (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия) поздравляю вас с наступающим Новым 2024 годом!
Традиционно встреча Нового года связана с надеждой на добрые перемены и верой в лучшее будущее.
Уходящий год в нашей республике был насыщенным на важные политические, экономические, социальные события. Избраны Глава Республики Саха (Якутия), народные депутаты Республики Саха (Якутия), главы муниципальных районов и образований, депутаты представительных органов местного самоуправления.
Впереди выборы Президента Российской Федерации – человека, способного брать на себя ответственность за судьбы людей и судьбу страны в самых сложных условиях, вокруг которого сплотились бы все россияне ради победы и светлого будущего.
Хочется выразить благодарность всем, кто трудится для благополучия родной республики и страны и вносит свой вклад в общее дело.
Желаю Вам в новом году крепкого здоровья, добра и благополучия, исполнения заветных желаний, а также счастливых новогодних дней, согретых теплом семейного очага.
С уважением, Председатель Государственного Собрания (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия) А.И. Еремеев
***
Ытык-мааны Сахам сирин олохтоохторо!
Үүнэн эрэр саҥа 2024 сылынан уонна Ороһооспонон Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин аатыттан эҕэрдэлиибин! Саргылаах Саҥа дьылы, үгэс курдук, инникигэ үүнэр-сайдар кэскиллээх, үтүөҕэ-кэрэҕэ бигэ эрэллээх, сырдык ыралаах көрсөбүт.
Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр олох араас эйгэтигэр үгүс уларыйыылаах, дьоһун түгэннэрдээх сыл ааһан эрэр. 2024 сылга буолуохтаах Россия Федерациятын Президенин – бу уустук кэмҥэ хас биирдии Россия олохтооҕун, норуоттарын, бүттүүн дойду дьылҕатын туһугар эппиэтинэһи сүгэр, кыайыы, сырдык олох иһин бэйэтин тула дьону-сэргэни биир сомоҕо түмэр кыахтаах киһини талар быыбар күнэ дьоһун суолталаах.
Төрөөбүт өрөспүүбүлүкэбит уйгулаах олохтоох, бигэ туруктаах буоларын, чэлгийэ сайдарын туһугар ахсаабат кыһамньыларын аныыр, дьаныардаах үлэлэринэн тус кылааттарын киллэрсэр дьоҥҥо-сэргэҕэ махталбын биллэрэбин.
Элбэҕи эрэннэрэр, саҥа саҕахтары арыйар саҥа сылга чиргэл доруобуйаны, саҥаттан саҥа кирбиилэри, дьолу-соргуну, ыра санаа туолуутун, алаһа дьиэ сылаас тыынынан угуттуур үгүс үөрүүлээх түгэннэрин баҕарабын.
***
Ытыктабылы кытта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ А.И. Еремеев
Оставить комментарий