Василий Егоров: Ил Дархан 2025 сылы Ийэ дойдуну Көмүскээччи сылынан биллэрбитинэн патриоттуу иитии күүһүрүөхтээх
![Василий Егоров: Ил Дархан 2025 сылы Ийэ дойдуну Көмүскээччи сылынан биллэрбитинэн патриоттуу иитии күүһүрүөхтээх Василий Егоров: Ил Дархан 2025 сылы Ийэ дойдуну Көмүскээччи сылынан биллэрбитинэн патриоттуу иитии күүһүрүөхтээх](http://aartyk.ru/wp-content/uploads/2024/12/IMG_9228.png)
Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай дьокутаата Василий Егоров Ил Дархан Анал этиитин туһунан санаатын иһитиннэрдэ.
«Айсен Сергеевич кэлэр сылы Ийэ дойдуну Көмүскээччи сылынан биллэрдэ. Итинэн сибээстээн оҕолору патриоттуу иитиигэ үлэ күүһүрүөхтээх», – диэтэ Василий Егоров.
«Билигин элбэх табаарыстарбыт, бырааттарбыт, аҕаларбыт, эһэлэрбит анал байыаннай операцияҕа сылдьаллар. Кинилэр биһиги эдэр ыччаппытыгар улахан холобур буолаллар», – тоһоҕолоон эттэ дьокутаат.
«Эр дьон буоларбыт быһыытынан, ыарахан кэм кэллэҕинэ, Ийэ дойдуну хайаан да көмүскүөхтээхпит. Ийэ дойдубут иннигэр иэспитин толоруохтаахпыт», – диэн бэлиэтээтэ Василий Егоров.
***
Ил Түмэн пресс-сулууспата
Оставить комментарий