Үөһээ бүлүүлэр Олоҥхо Ыһыаҕын сахалыы таҥастаах көрсүөхтэрэ
2022 сылга Үөһээ Бүлүү улууһугар ыытыллыахтаах Олоҥхо Ыһыаҕар бэлэмнэнии үлэ чэрчитинэн “Кэрэмэн өҥ киэргэллээх, кырымах түү кыбытыылаах саха мааны таҥаһа” диэн икки күннээх семинар-практикум олунньу 26 күнүгэр саҕаланна. Улуус бары нэһилиэктэриттэн ийэлэр, эбээлэр түмсүүлэрэ, культура кииннэрин үлэһиттэрэ, итиэннэ иискэ сыһыаннаах интэриэһиргээччилэр муһуннулар.
Улуустааҕы “Норуот айымньытын киинэ” муниципальнай автономнай тэрилтэ тэрийээччи быһыытынан үлэлиир.
Оройуоннааҕы культура дьиэтигэр сарсыардаттан “Бичик” кинигэ кыһатын атыыта тардылынна. Семинар-практикум үөрүүлээх аһыллыытыгар “Улуу дойдум уорҕатыгар, киэҥ дойдум киэлитигэр” олоҥхону уустаан-ураннаан ааҕыы күрэҕин кыайыылаахтарыгар Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Люция Тойтонова наҕараадалары туттартаата.
Бүгүн, олунньу 26 күнүгэр, эбиэккэ диэри “Саха таҥаһа – уратыбыт, киэн туттуубут ” диэн семинары историческай наука кандидата, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ доцена, этнограф Светлана Ивановна Петрова ыытар.
Оттон эбиэттэн киэһэ “Өбүгэ быстыспат ситиминэн” ыһыах маанылаах таҥаһын тигии кистэлэҥнэрин уонна ат симэҕин тигии туһунан кэпсиэҕэ. Кыбытык тигии туһунан лекцияны РФ норуотун маастара Дария Семеновна Козлова ааҕыаҕа. Ол кэннэ төгүрүк остуолга санаа атастаһыыта, Светлана Павлова ыйыытынан практическай үлэ былааннанар.
Ону таһынан “Хотун Бүлүү Далбардара” Үөһээ Бүлүү улууһун түмсүүтэ сахалыы толору таҥастарын анал идэлээх практикум салайааччыларыгар уонна биир дойдулаахтарыгар көрдөрүөхтэрэ.
Сарсын, ол эбэтэр олунньу 27 күнүгэр, лектордар Олоҥхо Ыһыаҕар улуус кулубатын, нэһилиэктэр кинээстэрин кэргэннэринээн кэтэр ураты таҥастарын өйдөбүллэрин, тигии ньымаларын сүрүн хайысхаларын билиһиннэриэхтэрэ. Бу күн улуустааҕы История уонна этнография түмэлигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр норуот маастарын күнүгэр аналлаах “Удьуор утум” илиинэн уус-уран оҥоһуктар быыстапкалара көрөөччү дьүүлүгэр аанын арыйыаҕа.
***
Кристина Яковлева
Оставить комментарий