Курс валют
$
92.51
0.79
98.91
0.65
Курс валют
Курс валют
$
92.51
0.79
98.91
0.65
Меню
Поиск по сайту

Олох кэрэтиттэн

08.06.2022 10:16 0
Олох кэрэтиттэн

Оҕо баар буолан күн күлэр,
Оҕо баар буолан сир симэнэр,

Оҕо баар буолан дьон дьоллонор,
Оҕо баар буолан олох салҕанар.

Бэс ыйын 7 күнүгэр VIAR сэргэхситэр кииҥҥэ Мэҥэттэн, Сунтаартан, Намтан, Өймөкөөнтөн, Тааттаттан, Уус -Маайаттан, Амматтан, Верхоянскайтан, Уус- Алдантан, Алдантан, Абыйтан, Дьокуускайтан доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолор оонньоон –көрүлээн, бэйэ-бэйэлэрин кытары билсиһэн бириэмэни биллэрбэккэ атаардылар.

Тэрээһини өрөспүүбүлүкэтээҕи инбэлииттэр уопсастыбалара председатель Ирина Васильевна Лебедева, иилээн-саҕалаан оҕолору үмүрү тардан эдэр үлэһит Суздалов Николай Иванович ыыттылар.

Уопсастыба аатыттан оҕолорго минньигэс остуол тардылынна, ону ааһан хас биирдии оҕоҕо өйдөбүнньүк бэлэхтэр туттарылыннылар.

***

Ньургуйаана Скрябина

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»