Олонхо ыhыа5ын сиэригэр-туомугар 2000 киhи кыттыа5a
Бүгүн улууспутугар аны сайын Олоҥхо ыһыаҕын үөрүүлээх чааһын туруоруутугар кыттыыны ылыахтаах үҥкүү коллективтарын уонна фольклорнай нүөмэрдэри көрүү буолла, диэн Уоhээ Булууттэн биллэрэллэр.
Ол курдук, 26 үҥкүү коллектива ыһыаҕы тэрийэр хамыыһыйа иннигэр бэйэлэрин репертуардарыттан биирдии үҥкүүнү үҥкүүлээн көрдөрдүлэр. Олоҥхо ыһыаҕын сүрүн үҥкүү туруорааччыта Изабелла Егорова ыһыах арыллыытыгар уонна сабыллыытыгар уопсайа 2000 кэриҥэ дьону кытыннарыахтаахпыт диэн этэр.
➡️🎥🎤🎞Видео: https://t.me/admvervil/491
Сарсын “XV Олоҥхо ыһыаҕа Үөһээ Бүлүүгэ: ийэ тыл, үйэлээх үгэс, уопсастыба” диэн XII билим-методическай өрөспүүбүлүкэтээҕи кэмпириэнсийэ иитинэн “Олоҥхону үҥкүүнэн дьүһүйүү” диэн семинар уонна маастар-кылаас ыытыллыаҕа.
***
Aartyk.Ru
Оставить комментарий