Курс валют
$
99.42
3.96
106.3
3.48
Курс валют
Курс валют
$
99.42
3.96
106.3
3.48
Меню
Поиск по сайту

ОЙУУН ТУҺУНАН ТҮҮЛ

22.08.2021 14:48 1
ОЙУУН ТУҺУНАН ТҮҮЛ

Иллэҥ кэммэр сериаллары көрөрбүн сөбүлүүр буоллум. Ордук эдэр полиция уолаттара мүччүргэннээх сырыыларын туһунан. Глухарь, Балобол, Шеф, Джексон уонна онтон да атын хос ааттаах эдэрдэр бандьыыттартан, хоруупсуйа дьонуттан биһигини көмүскүүллэрин кыракый оҕо мультигы итэҕэйэн үөрэрин курдукпун быһыылаах. Кырдьар сааска оннук буолар эбит. Хараҥа күүс кыайтарар, сырдык күүс, үгүс сиэртибэнэн да буоллар, мэлдьи кыайар, өрөгөйдүүр. Бу барыта инникигэ эрэл кыымын саҕар, маннык уолаттар баар буоллахтарына хаһан эрэ, хаһаһ эрэ биһиги дойдубут хараҥа күүстэн ыраастаныа диигин.


Бу сырыыга “Кремень” (Тылбааһа “Чокуур” дэнэрэ буолуо) диэн сериалы салгыбакка көрдүм. Эдэр киһи сидьиҥнэри кыдыйан да биэрдэ. Өстөөхтөрө – бандьыыт, халабырдьыт, түөкүн буолбут урукку спецназ, омон, росгвардия үлэһиттэрэ. Киинэ буолан баран омуннаах бөҕө, аччыгыйа 60% – 70% оҥоһуу буоллаҕа. Сүрүн герой араспаанньата Шаманов диэн, ону өстөөхтөрө “Шаман” диэн хос ааттыыллар. Күнүс тугу көрбүтүҥ түүн түүлгэр киирэр дииллэрэ кырдьык эбит. Түүл бөҕөтүн түһээтим, бэйэтэ туспа сериал курдук. Ол түүлбэр Шаманы (Чокууру) илэ бэйэтин көрсөн кэпсэттим.

“Кырдьаҕаас, эрэн – биһиги хайаан да кыайыахпыт, сибилигин буолбатаҕына сотору” – диир киһим. Үөрдүм аҕай. Ол икки ардыгар Габышев Александр баар буолан хаалла. Анараа Шаманым баран хаалла, бэйэм Ойуунум кэллэ. Кини урут холку, сырдык мичээрдээх бэйэтэ, мунчаарбыт, дьиппиэн көрүҥнээх. “Киинэҕэ көстөр Шаман курдук кыайыы өрөгөйүн биллиҥ буолбат дуо, үөрүөххүн”, – диибин киһибэр. Киһим балачча саҥата суох олордо уонна: ”Эн ол киинэҕэ көрөрүҥ курдук буолбатах. Миигин хайдах курдук кэбилээбиттэрин, муҥнаабыттарын-сордообуттарын билэн олороҕун. Мин ол киинэҕэр баар Шаман курдук күүһэ-уоҕа суохпун, ол иһин айыылартан көмө көрдөөбүтүм. Көмөлөстүлэр, үс аанньал кыргыттары ыытан”, – диэтэ намыын баҕайытык. “Билэбин, хайдах эйиигин сордообуттарын, ол аньыыларыгар толук ыллылар буолбат дуо. ДП-1 иһигэр олорор 50 киһини ыытан туттарбыт киһиҥ көрөрүттэн матта, туталларыгар төбөҕүн хайа охсубут киһиҥ бэйэтигэр тиийиннэ, иирэр бараахха уктарбыт судьуйалар оҕолоро оһоллонно, ол тэрилтэ быраастара уонна кинилэр салайааччылара төбөлөрүнэн ыалдьан бэйэлэрэ онно сыталлар, эйиэхэ биэрбит эмтэрин бэйэлэрэ иһэллэр, укуолларын ылаллар, бука бары кэһэйэн олороллор, ити туһунан куйаар ситимэ толору”, – диибин. “Итиннэ киһи сэргиирэ, үөрэрэ суох, миэхэ киһилии, өйдөөхтүк-төйдөөхтүк сыһыаннаспыттара буоллар бары өлүөр, этэҥҥэ буолуох этибит, ону үөһээ айыылар көрөн олорон дьаһал ылбыттара, атыннык гынар кыах суоҕа быһыылааҕа, онон барытыгар бэйэлэрэ буруйдаахтар, киһилии быһыыны сүтэрбиттэрэ”, – диэт киһим туман быыһыгар суураллан хаалла. Өссө да кэпсэтэр баҕалаах тулабын көрүнэ туран уһуктан хааллым. Хомойуох иһин, түүл аата түүл, барыта кырдьыгынан буолбат. А.Габышевы ыраах төннүбэт сиригэр ыытаары дьаһаналлара иһиллэр. Ыыталлара чуолкай. ДП-1, Кириэмили аймаан аан дойду болҕомтотун тарпыт киһибит этэ буоллаҕа. А.Габышев төннөрүгэр итэҕэл суох. Түһээбит түүлүм – сымыйа…

***

Иван БУРЦЕВ,

20.08.21 с.

Обсуждение • 1

Добавить комментарий
  1. Кун

    Дьон буккуллубуттар. Ба5алаах радиациялара мэйиилэригэр охсубут…

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»