НЬУРБАҔА МҮӨТТЭЭХ ЫҤЫРЫАНЫ ИИТИИГЭ БАСТАКЫ ХАРДЫЫ ОҤОҺУЛУННА
Быйыл сайын Н.Н.Чусовской аатынан Антоновкатааҕы агрооскуола Куочайга мүөттээх ыҥырыа иитиитинэн дьарыктанан бастакы хардыыны оҥордулар. Ньурбаҕа уонна Дьокуускай куоракка күһүҥҥү дьаарбаҥкаларга мүөттэрин атыыга хамаҕатык батардылар.
Тыа хаһаайыстыбатын салаатын сайыннарыыга саҥа көрүҥнэри киллэриигэ, Саха сиригэр мүөт оҥоһуута биэс сыл иһигэр 20 туоннаҕа тиийиэхтээҕин туһунан СӨ Бэрэсидьиэнэ Айсен Николаев ааспыт сылга ыйаах таһаарбытын олоххо киллэрэн, СӨ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин иһинэн базовай хаһаайыстыбаларга Намҥа, Уус Алдаҥҥа, Хаҥаласка уонна Ньурбаҕа тэрийэргэ былаан-бырайыак ылыллыбыта. Бу туһунан Ньурбатааҕы «Биисинэс-инкубатор» киинигэр ыытыллыбыт сэминээргэ Тыа хаһаайыстыбатын Академиятын «Традиционные отрасли Севера» кафедра доцена, бэтэринээринэй наука хандьытаата Виктория Кимовна Евсюкова, биологическай наука хандьытаата, ыст. преподаватель Владимир Владимирович Додохов билиһиннэрдилэр.
Бу ааттаталаабыт улуустартан илин эҥэрдэр дьарыктаммыттара 2-3 сыл буолбут. Владимир Додохов ааспыт сылга Ньурбаҕа эдэр урбаанынан дьарыктанааччыларга, оскуолаларга лиэксийэ аахпытын, социальнай бырайыактарга үлэлэһэргэ сүбэлэри биэрбитин ахтан-санаан ааста. Быйыл Ньурба оройуона сэргээн, агрооскуолаларга семинар ыытарга улуус ыҥырыытынан кэлбиттэрин эттэ.
— Тыа хаһаайыстыбатын Академиятын эдэр исписэлиистэрэ, мүөттээх ыҥырыаны иитээччилэри кытары холбоһон, Саха сиригэр ыҥырыалары иитиигэ усулуобуйатын чинчийэн, үөрэтэн дьоҥҥо-сэргэҕэ, оскуолаларга тарҕатабыт. Мүөттээх ыҥырыалары иитиигэ сааһыттан тутулуга суох дьарыктаныахтарын сөп. Ньурбаҕа ыҥырыалар мэччийэр сирдэрэ баар. Өрөспүүбүлүкэҕэ Өктөм, Майа оскуолалара көрдөрүүлэрэ үчүгэй. Ньурба агрооскуолалара дьарыктаныахтарын баҕараллар эрээри, бастакы холонуулара буолан, кыстыыр усулуобуйатыттан толлоллор. Кэнэҕэс бырайыак олоххо киирдэҕинэ базовай хаһаайыстыбалар тэриллиэхтээхтэр, субсидия көрүллэр буолуоҕа. Ресурснай киин базовай хаһаайыстыбалара уопут тарҕатааччыларынан, атыылааччыларынан буолуохтара. Инники сыалбыт-сорукпут Саха сирин мүөтэ Арассыыйаҕа, тас дойдуга бренд быһыытынан тахсарыгар үлэ ыытабыт, — диэтэ кини.
Саха сиригэр 150-тан тахса мүөттээх ыҥырыа иитээччилэр баалларын, саҥа дьарыктанааччылар сыллата элбээн иһэллэрин туһунан кафедра доцена Виктория Евсюкова билиһиннэрдэ. Саха сиригэр ыҥырыаны иитии табыгастааҕынан, эбии дохуот киирэринэн кэскиллээҕин, ылыллар мүөт доруобуйаҕа туһалааҕынан Ньурба олохтоохторун, агрооскуолалары ыҥырыа иитиитинэн дьарыктаналларыгар ыҥырда. Холобур, билигин 1 киилэ мүөт 2000 солкуобайга турарын, биир ыҥырыа ыалыттан (уйаттан) ортотунан 15-20 киилэ мүөт ылылларын, прополиһын, пергатын, буоскатын декоративнай чүмэчи оҥорон эбии дохуот киллэриэххэ сөбүн, мүөттээх ыҥырыа эргиччи туһалааҕын туһунан эттэ.
— Сайын от-мас силигилээн сибэкки уксэ тыллан турар кэмигэр сүрүн мүөт хомуллар. Бастакы саҕалааччылар мүөттээх ыҥырыалары иитиигэ биhиги усулуобуйабытыгар технологиятын үөрэтиэхтэрин, баһылыахтарын наада. Кыһыҥҥы өттүгэр чаҕыйыбакка, ыҥырыа кыстыыр дьиэтэ микроклимат ирдэбилинэн — 4С кыраадыстан +4С кыраадыска тутар табыгастаах усулуобуйаны тэрийиэхтээхтэр. Кыстык дьиэҕэ вентиляция, сиик, углекислай газ, сөптөөх кыраадыһы тутар эрэсиим ирдэбиллэрэ тутуhуллуохтаах, туора туспа тыас-уус, атын сыт суох буолуохтаах. Кэтээн көрөргө кыhыл лаампа эбэтэр банаар туттуллар. Аныгы үйэҕэ климаты хонтуруоллуур тэриллэринэн туттуохха сөп. Кыстыкка киирэр ыҥырыа уойбут туруктаах буолуохтаах, ыарыылартан профилактическай эмп- том ылыахтаах, кыhын устата сиир мүөтүн пергатын саппааhа кичэйэн суоттанан хаалларыллар, оччоҕо кыhыны этэҥҥэ туоруур. Чааһынай дьиэҕэ олорооччулар эмиэ иитиэхтэрин сөп, зоогигиена ирдэбилигэр усулуобуйалара эппиэттиир буолуохтаах. Ыҥырыалар 3-5 килэмиэтир ырааҕынан көтө сылдьан нектар уонна сибэкки куоппаһын хомуйуохтарын сөп.
Сэминээргэ Ньурба улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччыта Артур Янович Яковлев, агрооскуолалар кыттыыны ыллылар.
— Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга олохтоох салалта Тыа хаһаайыстыбатын Академиятын кытары дуогабар-сөбүлэҥ түһэрсэн, хас да хайысханы хабан үлэ ыытабыт, — диэн Артур Янович түмүктээтэ.
***
Ааптар: Антонина СЕМЕНОВА
Источник: Газета “Ньурба-Огни Нюрбы”
Оставить комментарий