Ньурба улууһун баһылыга билиҥҥи кэм дьоруойдарыгар – волонтердарга махтанна
Ньурба улууһун үрдүнэн барыта холбоон 147 волонтер бу күҥҥэ диэри 2100-тэн тахса сайаапканы толордо. Ортотунан ыллахха күҥҥэ 20-н тахса сакааска сырыттылар. Бэс ыйын 30 күнүгэр улуус баһылыга Алексей Иннокентьев хорсун санаалаах ыччакка – волонтердарга суһал штаб аатыттан улахан махталын уонна сэмэй көмөтүн видео сибээс нөҥүө тиэртэ.
«Эһиги туох даҕаны мөккүөрэ суох билиҥҥи кэм дьоруойдара буолаҕыт. Ньурба улууһугар ыарахан кэмҥэ бастакынан көмөлөһөр санааҕытын биллэрэн бу ыарыыны утары охсуһууга туруммут хорсун дьоҥҥут. Үтүө санаа ханнык да кэмҥэ инники күөҥҥэ сылдьар. Өрүү маннык ыарахантан чаҕыйбакка, дойдугут дьонун туһугар үлэлээҥ, хамсааҥ. Биһиги эһигини холобур оҥостобут уонна киэн туттабыт”, – диэн улуус баһылыга эҕэрдэтин тиэртэ.
Волонтердар ааттарыттан Чаппандаҕа ыччаты кытары үлэлиир исписэлиис Акулина Семенова улахан махталын эттэ итиэннэ бу курдук улуус суһал штабын аатыттан болҕомто кинилэргэ улахан суолталааҕын уонна салгыы үлэлииргэ төһүү күүс буоларын бэлиэтээтэ.
Өрөспүүбүлүкэҕэ кутталлаах коронавирус ыарыы кэлэн хааччахтааһын миэрэлэрэ олохтоноотун кытта, ол эбэтэр кулун тутар 17 күнүттэн, көстүбэт дьоруойдар – волонтердар тохтоло суох күннэтэ үлэлээн кэллилэр.
Волонтердар дьиэлэригэр олорор 65-тэн үөһэ саастаахтарга, доруобуйаларыгар хааччахтаах, дьиэлэриттэн тахсар кыахтара суох дьоҥҥо, самоизоляцияҕа барбыт дьиэ кэргэҥҥэ бородуукталарын, эмтэрин ылан илдьэллэр, счеттарын төлүүллэр. Сорох дьон кыһалҕаҕа кыһарыйтаран дьиэ кыылларыгар астарын, почтаттан таһаҕастарын кытары ыллараллар. Дьиҥэр, волонтер эбээһинэһигэр сорох өҥөлөр киирбэттэр эрээри, аһыныгас санаалаах, бэйэлэрэ эбэлэрдээх, эһэлэрдээх дьон буолалларын быһыытынан, төһө кыахтара баарынан үлэхтэрин толороллор, сакаастарынан сүүрэллэр-көтөллөр.
Волонтердар ким даҕаны күһэйиитинэн буолбакка, бу ыарахан кэмҥэ туора туран хаалбакка, санаа, суобас ыйыытынан, күннэтэ доруобуйаларын туругун кутталга киллэрэн үлэлииллэр.
***
Ааптар: Лена Петрова.
Оставить комментарий