Курс валют
$
107.18
0.57
112.8
1.51
Курс валют
Курс валют
$
107.18
0.57
112.8
1.51
Меню
Поиск по сайту

Наһаа үчүгэй кэмпириэнсийэ буолла

29.06.2018 11:46 10
Наһаа үчүгэй кэмпириэнсийэ буолла

Бээһээ, бэс ыйын 28 күнүгэр ЛОРП дьиэтигэр “Биир ныгыл Арассыыйа” баартыйа үчүгэй баҕайы кэмпириэнсийэ ыытта. Урукку курдук иһинэн-таһынан тилэри тоҕуоруһуу суох, чөкө, бэрээдэктээх тэрээһин ааста. Саала үс гыммыт иккитигэр олох мас ууруллубут, ордук-хос саҥа-иҥэ, микрофону былдьаһа-былдьаһа уһун-киэҥ тыл этии эҥин суох, бэрт баҕайы.

Мунньаҕы Сахамин Афанасьев, экология миниистирэ ыытта. Уол саҥата-иҥэтэ биллэ сэниэлэммит, сирэйэ-хараҕа  турбут, арҕаһа улааппыт көрүҥнээх.  Сахамин уҥа илиитинэн Айсен Николаев, быстах кэмҥэ Ил Дархан дуоһунаһын толорооччу олордо, хаҥас илиитинэн Дьокуускайдааҕы Дума дьокутаата Марина Силкина олохсуйда. Силкина куолаһа чоргуйан 1 маай демонстрациятын дикторын санатар. Хайдах эрэ саҥардаҕын ахсын ойон туран: “Ура, товарищи!” – диэх баҕа киирэр.

Кэмпириэнсийэҕэ этиллибитинэн, 36 олохтоох отделениялартан 59 делегат кэлбит. Ону сэргэ региональнай политсовет чилиэттэрэ, региональнай хонтуруол-ревизия хамыыһыйата, фракция дьокутааттара бааллар.

Бастатан туран, “ньыгыллар” мунньах бэбиэскэтин, тэрээһинин куоластаан бигэргэттилэр. Мунньаҕы ыытар бэрэстээтэл аптамаат курдук: “За-против-воздержался-принято единогласно” – диэн субурута олорор, дьонун диэки улаханнык көрө да сатаабат. Бэрээдэк оһуобай.

Урукку политсовет сэкиритээрэ Александр Ноговицын “баҕа өттүнэн дуоһунаһыттан усталларыгар көрдөспүт” диэн биллэрдилэр. Онуоха соһуйбут киһи көстүбэтэ, бары биир киһи курдук биирдик куоластаан Ноговицын баҕатын ханнардылар.

Сахамин Афанасьев үс сыл тухары үчүгэйдик үлэлээбит киһиэхэ үчүгэй баҕайы сибэкки дьөрбөтүн уонна суулаах-хахтаах бэлэх туттарда. Ноговицын трибунаҕа тахсан тыл эттэ, бииргэ үлэлээбит дьонугар махтанна, өссө да төрөөбүт баартыйатын туһугар үлэлииргэ бэлэмин эттэ. “Ону умнумаҥ”, – диэн көрдөһөрдүү саҥарда. Онтон сыанаттан түһэн олох миэстэтигэр барда, аара сибэккитин Елена Голомареваҕа туттарда. Елена Христофоровна үчүгэй баҕайытын бэлэхтэммит сибэккинэн хата бэлэхтэнэн хаалла.

Уруккуну устан баран саҥаны талыы буолла. Исполком салайааччытынан анаммыт Леонид Шибаев ойон туран Сахамин Афанасьев үчүгэй баҕайы, онон кинини талыахха диэн этии көтөхтө. Ким да сирбэтэ. Ол да буоллао Силкина: “Дахталлар үчүгэй баҕайылар, онон Татьяна Коломыцинаны талыахха”, – диэтэ. Онтон Силкина чобуо баҕайытык: “Самоотдвод баар дуо”, – диэн Сахамины утары тонолуппакка көрөн олорон туоһуласта. Сорох дьон күлбүтүгэр: “Билэбин, көннөрү ыйытабын”, – диэн өс саҕа буолан мускулунна.

Бюллетеҥҥэ дьахтардаах эр киһи аатын киллэрдилэр. Дьахталлар хоттордулар, 4 эрэ куолаһы ыллылар, 90-тан тахса киһи – эр киһиэхэ куоластаатылар. Сахамин Афанасьев сокуоннайдык чыыныгар-хааныгар киирдэ. Өссө улааппыт курдук көһүннэ.

Онтон аны Иван Андросовка уонна Эльвира Мярикановаҕа үчүгэй баҕайы сибэкки уонна суулаах-хаалаах бэлэх биэрдилэр. Бу дьон Киин быыбардыыр хамыыһыйаҕа барбыттарынан сибээстээн, политсоветтан тахсыбыттар. Ол аата ааспыт быыбары политсовет чилиэнэ буола сылдьан ыыппыт баҕайылара дуу… Андросов сибэккитин кимиэхэ да биэрбэтэ.

Онтон Ил Дархан быыбарыгар кандидаты талыы буолла. Исполком бастакы солбуйар бэрэстээтэлин дуоһунаһыгар анаммыт уол – Спиридон Борбуев үөлээннэҕин Александр Сусоев кандидатуратын туруорда. Онуоха Александр Саввинов: “Ээ, суох, Айсен Николаев ордук үчүгэй!” – диэтэ. Онтон биир киһи туран: “Валерий Лютай үчүгэй!” – диэтэ. Онуоха Саввинов иннин биэрбэтэ, тыл көрдөөн трибунаҕа көтүөккэлээн таҕыста уонна уоттаах-күөстээх, дирбиэннээх-дарбааннаах тыл эттэ. Харах сиигирдэ, хомуок куолайы өрө аста…

Хата, Айсен Николаев куоластааһыҥҥа кыайда.

Онтон “ньыгыллар” испииһэктэригэр киирбит кандидаттарын кууһунан куоластаан бигэргэтии барда.

***

Итинник курдук үчүгэй баҕайы кэмпириэнсийэ буолан ааста. Таах бириэмэни халтай сиэһин эҥин суох, хас биирдии мүнүүтэ туһаҕа турда. Куоластааһын кэмигэр кандидаттары кытары солбуһа сылдьан хаартыскаҕа түһүү тэрилиннэ. Атыыр уочарат.

Саамай дьон Ил Дархаҥҥа кандидаты кытары ыбылы түстүлэр. Икки-хас улуус баһылыга уочараттарын куоттарымаары ыксаан сүүрэн иһэн кыһыл көбүөртэн иҥнэн сирэйдэрин тоҕо түһэ сыстылар.

Атыыр уочарат кыттыылаахтара.

 

Баартыйа исполкомун саҥа салайааччылара: С.Борбуев, С.Афанасьев, Л.Шибаев.

  

Кулубалар Ил Дархаҥҥа кандидаты кытары.

***

Aartyk.Ru

 

 

Обсуждение • 10

Добавить комментарий
  1. Круто!

    Туйаара барахсан, кими да, тугу да уехпэккэ, сиилээбэккэ, омнуолаабакка суруйбут эрэээри, киЬи аага-аага кулэ сытар эбит.
    Олох круто!

  2. Чиккэ

    Кытаатын, биир ньыгыллары талан иһин, олоххут өссө күүскэ тупсуо.

  3. Мотуоона

    Баай Федотов тургэнник да бэргэьэтин уларытта))). А5ыйах хонуктаа5ыта БЕА5а уруй айхал хаhытыы сылдьыбыттаа5а:))) Уол отой Свадьба в малиновке эбит ду!? Харчылаах м8h88ччуккэ ЕРдар наадыйаллара буолуо. Арай харчыта бутэн хааллын?

  4. Сааппаттар ээ

    Тугу онордулар Сахаларын сиригэр?

  5. Избиратель

    Позировать надо не перед камерами, а перед населением своих избирательных округов. Сидя на пл Ленина, как раньше, голоса не соберете!

  6. Голоса

    Купят

  7. по буквам аагаччы

    сэ-сэ, “насаа учугэй конференция” буолан… автор эгэлээги, угэргиири сатыыр, маладьыас. а так, не придерешься, учугэй диэтэгэ дии, насаа диэн эбиилээх оссо, бирээмэ кэмпиэт эмэр курдук. мантан антах “аартык” суруга маннык эзопов язык буолара дуу, хайдах..

Оставить комментарий