Курс валют
$
81.23
0.15
93.84
0.07
Курс валют
Курс валют
$
81.23
0.15
93.84
0.07
Меню
Поиск по сайту

Моҕой сылыгар төрөөбүт биллиилээх дьон

02.01.2025 16:57 0
Моҕой сылыгар төрөөбүт биллиилээх дьон

2025 сылга Илин халандаарынан от күөх Моҕой сыла бэлиэтэнэр.

Моҕой сылыгар төрөөбүттэр магнит курдук киһини тардар айылҕаттан талааннаахтар уонна тулалыыр дьон-сэргэ санаатын өрө көтөҕөллөр. Моҕой — муударас уонна уһун үйэлэнии бэлиэтэ. Бу дьон ураты чинчийииини ыытар, дьайыылар содулларын сэрэтэр, ураты стратегияны оҥорор дьоҕурдаахтар. Бу күннэргэ СИА Моҕой сылыгар төрөөбүт-үөскээбит Саха сиригэр биллиилээх дьонунс-сэргэтин сүүмэрдээн бэлэмнээтэ. Моҕой сылыгар Саха сиригэр биллиилээх дьонтон ким  төрөөбүт эбитий?

  1. Вячеслав Штыров, Саха сирин иккис Бэрэсидьиэнэ (2002-2010);
  2. Александр Бурнашев, пародист, Саха сирин норуодунай артыыһа;
  3. Аскалон Павлов, Саха сирин норуодунай артыыһа, ырыалар ааптара уонна толорооччута;
  4. Бүөккэ Бөтүрүөп, композитор, ырыа толорооччута, 1990-с сылларга биллиилээх продюсер;
  5. Александр Дьячковскай — Саарын, Саха сирин үтүөлээх артыыһа, ырыаһыт;
  6. Иван Белолюбскай, Дыгын оонньууларын 7 төгүллээх кыайыылааҕа, «Боотур» СК тириэньэрэ;
  7. Быйаҥнаах Ичээнэ Баай кыыһа, Хатас норуодунай тыйаатырын режиссера, «Айуу-чэ» ситком артыыһа;
  8. Анатолий Семёнов, Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы;
  9. Кристина Сергеева (Соколова) — Luna zovet, визажист, блогер;
  10. Владимир Дормидонтов, артыыс, блогер.

 

***
Источник:

Хаартыска: СИА

Оставить комментарий