Мииринэйгэ алмаас хостуур бырамыысылынас күнүн бэлиэтээтилэр
От ыйын 19 күнүгэр, алмаастаах кыраай киин куората төрүттэммитэ 64 сылын уонна алмаас хостуур бырамыысылынас күнүн бэлиэтиир тэрээһин буолла.
История кэпсииринэн, халыҥ тайҕа быыһыгар 1955 сыллаахха геологтар кимберлитовай трубка булбуттар, геолог-первооткрыватель Юрий Хабардин тиит маска — «трубка Мир» диэн суруйан хаалларар, онтон саҕалаан сир аннынааҕы баайы хостооһун саҕаламмыт. Мииринэй улуу, үтүөкэн дьоннордоох, олор истэригэр Социалистическэй үлэ геройдара, «Полярная звезда» уордьан кавалердара, Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтара бааллар.
Куорат төрүттэммитэ 64 сылын уонна алмаас хостуур бырамыысылынас күнүн бэлиэтии Мииринэй куорат баһылыга Клин Антонов, бырамыысылынай хампаанньа салайааччылара уонна уопсастыбаннас бэрэстэбиитэллэрэ Мииринэй куорат төрүттэнэригэр төһүү күүс буолбут дьоннорун ахтан-санаан, сүгүрүйэн, махтанан аастылар. Мииринэй куорат баһылыга Клин Антонов өр сылларга бэрт бэриниилээхтик үлэлээн-хамсаан кэлбит дьонугар анал наҕараадалары, ону тэҥэ “Мииринэй куорат Бочуоттаах олохтоохтоҕо” бэлиэни туттарда.
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Олоҥхо Дойдута Сунтаар улууһун дьонун-сэргэтин аатыттан баһылыгы социальнай уонна имиджевэй бэлиитикэҕэ солбуйааччы Гаврил Еремеев, ыччат салаатын сүрүн исписэлииһэ Егор Андреев уонна Александра Яковлева сахалыы тойугунан алмаастаах кыраай киин куората чэчирии-сайда турдун диэн, ситиһиилэринэн ситимнэнэн, үтүө үгэстэри салгыы, туругурда турдун диэн эҕэрдэлээтилэр.
***
Сунтаар улууhа (оройуона)» муниципальнай оройуон дьаһалтатын пресс – сулууспата.
Оставить комментарий