Курс валют
$
79.75
0.55
91.3
1.33
Курс валют
Курс валют
$
79.75
0.55
91.3
1.33
Меню
Поиск по сайту

Кыһын лыах дьиэҕэ кыстыырын истибиккит дуо?

23.04.2025 (5 недель назад) 14:16 0
Кыһын лыах дьиэҕэ кыстыырын истибиккит дуо?

Сайын сибэккилээх хонууга кэрэ көстүүлээх лыах тэлээрэ көтөрө дьэрэкээн көстүү. Оттон кыһын лыах дьиэҕэ кыстыырын истибиккит дуо?

Сунтаар улууһун Кутанатыгар Зинаида, Александр Саввиновтар дьиэлэригэр «Павлин харах» лыах дьиэлэригэр кыстаата. Бу дьикти көстүүнү Зинаида маннык кэпсиир:

Сэтинньигэ арай биир күн кэргэним эбиэттии олорон түннүккэ лыах сылдьарын көрөн эппитэ. Ол кэннэ үс күн дьиэ иһигэр көтө сылдьан баран сүтэн хаалбыта. Онтон син өр буолаат эмиэ көстөн кэлбитэ. Кып-кыратык дьиэҕэ көтөн түннүккэ сылдьан баран эмиэ сүппүтэ. Өйдөөн көрбүтүм лыаҕым хамсаабакка түннүк таһыгар сыстан олороро, тыытан көрөн баран өлбүт диэн ылан бөххө быраҕан кээспитим. Аҕыйах хонон баран арай лыахпыт эмиэ көтө сылдьар. Куйаар ситимигэр бу лыах туһунан интэриэһиргээн аахпытым уонна ньуоскаҕа мүөт уурбутум. Түннүккэ кынатын хомунан өр баҕайы сыстан олороооччу оннук кыстаата диэххэ сөп. Биир кэм эмиэ сүтэн хаалбыта онтум аны атын хоско түннүккэ кынатын хомуйан кыччаан хаалбыт курдук олорор этэ. Оттон бэҕэһээ лыахпыт эмиэ көттө.

 

Зинаида лыаҕы олус сөбүлүүрүн иһин ийэтэ лыах ойуулаах хартыыналары бэлэхтиир үгэстээх. Дьиэлэрин иһигэр лыах көппүтүгэр «Хартыыналаргыттан лыахтарыҥ көтөн таҕыстылар» диэн чугас киһитэ кэргэнэ күлэн эппиттээх.

Бу кыраһыабай көстүүлээх дьиэлэригэр кыстаабыт лыаҕы Зинаида ытык кырдьаҕас 85 саастаах күн-күбэй ийэтэ Варвара Петровна Григорьева олус үчүгэйдик сыттык хаҕыгар үйэтитэн быысабайдаабыт.

«Павлин харах» лыах олоххо саҥа, сонун уларыйыыны, сайдыыны, ситиһиини түстүүр аналлаах диэн эбит.

 

 

 

 

 

 

 

 

 

***

Алена ИВАНОВА

Оставить комментарий