Курс валют
$
94.09
0.23
100.53
0.25
Курс валют
Курс валют
$
94.09
0.23
100.53
0.25
Меню
Поиск по сайту

Константин Кривошапкин ыһыах күнүнэн эҕэрдэлиир

21.06.2021 15:20 0
Константин Кривошапкин ыһыах күнүнэн эҕэрдэлиир

Күндү бар дьонум!

Үрүҥ-тунах ыһыаҕы ыһар кэрэ-бэлиэ күннэрбит тосхойбуттарынан истиҥ-иһирэх сахалыы эҕэрдэ буолуохтун!

Сайыммыт сатыылаан турар кэмигэр, үрүҥ илгэни үллүҥнэтэн, мааны таҥаһы-сабы уонна симэх арааһын иилинэн, сахам дьоно-сэргэтэ Үрүҥ Аар тойон уонна сир-дойду айыыларыгар алгыс этэн, сырдыгынан уонна аламай тылларынан дуоһуйа уруйдуура!

Ыһыах биһиги норуоппут сүрүн тэрээһинэ. Эдэриттэн-эмэнигэр тиийэ ыһыах буолар күнүн эрдэттэн күүтэн, бэлэмнэнэн кэлэрбит, аныгы да кэмҥэ бу үгэс туттуллар.

Бука барыгытыгар кытаанах доруобуйаны, чөл уонна чэгиэн туругу, тус олоххутугар ситиһиилэри, дьиэ-кэргэҥҥитигэр дьолу-соргуну!

***

АГАТУ ректорын эбээһинэһин толорооччу Константин Кривошапкин

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»