Константин Кривошапкин Улуу Кыайыы күнүнэн эҕэрдэлиир
Күндү доҕоттоор!
Улуу Кыайыы күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин!
Бу күн биһиги сэрии толоонугар кыргыспыт хорсун сэрииһиттэрбитин, тыылга килбиэннээхтик үлэлээбит дьоммут үтүө ааттарыгар, сэрии оҕолоругар уонна биһиги кэккэбитигэр баар ытык кырдьаҕастарбытын, бэтэрээннэрбитин чиэстиибит!
Аҕа дойду Улуу сэриитэ дьон дьылҕатын нөҥүө сору-муҥу хаалларан ааспыта… Сэрии сылларын ырыаларыгар төрөөбүт дойдуга, дьиэҕэ-уокка, нус-хас олоххо, дьоҥҥо-сэргэҕэ тардыһыы, иэдээни кэриэстиир харах уулаах уҕараабат таптал иһиллэр. Ол курдук көҥүлү, эйэни, ылар олус күүстээх баҕа этэ…
Фроҥҥа сэриилэспит, үлэлээбит уонна инники кэскилбит иһин үйэ-саас тухары тыыннаах хаалар туһуттан олохторун толук уурбут дьоммутугар кэриэстэбилбит туоһута оҕолорбут, ыччаттарбыт буолаллар. Кинилэр үөрэҕирии ылан, ыраас халлаан анныгар үлэлии-хамсыы сылдьаллара туоһу буолар.
Кыайыы күнэ-Арассыыйа уонна аан дойду бары норуоттарын сомоҕолоһууларын күнэ. Бу күн эһиэхэ, бастатан туран, эйэни уонна этэҥҥэ буолууну баҕарабын.
Улуу дойдубут хас биирдии дьиэ кэргэнигэр дьолу-соргуну, уйгуну, эрчими, эйэлээх олоҕу!
***
Убаастабылы кытта, Арктикатааҕы САТУ ректорын эбээһинэһин толорооччу Константин Кривошапкин
Оставить комментарий