Курс валют
$
77.97
0.74
89.26
1.23
Курс валют
Курс валют
$
77.97
0.74
89.26
1.23
Меню
Поиск по сайту

Күн-дьыл туруга: этиҥнээх ардах уонна +32°

вчера 09:37 0
Күн-дьыл туруга: этиҥнээх ардах уонна +32°

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? 

Саха сирин хотугулуу-арҕаа өттүгэр, түүн соҕуруу өттүгэр, күнүс хоту диэки быстах ардыа, сорох сиринэн этиҥнээх, дохсун самыырдаах буолуо. Хоту диэки сөкүүндэҕэ 15-18 м тиийэ түргэннээх тыалырыа, этиҥнээх ардахха уонна кытылга сөкүүндэҕэ 15-20 м тиийэ түргэннээх тыаллаах буолуо диэн күнү-дьылы кэтээн көрөр управлениеттан (УГМС) иһитиннэрэллэр. Түүн +10+15°, хотугулуу-илин +4+9°, хотугулуу-арҕаа +15+20°, күнүс +27+32°, хотугулуу-илин +17+22°, сорох сиринэн +12+17°.

Дьокуускайга күнүс +29+31°. Сөҥүү түһэрэ күүтүллүбэт, соҕуруулуу-илинтэн сөкүүндэҕэ 3-8 м тиийэ түргэннээх тыаллаах.

***
Ааптар:

Хаартыскаҕа Екатерина Попова түһэриитэ

Оставить комментарий